Хаартыска: Людмила Попова.
Халлаан сылыйан, күн уһаан, аны хайдах сайын кэлиэн үгүс киһи билиэн баҕарар. Күнү-дьылы кэтээн көрөр дьон араастаан этэллэр. Оту-маһы, үөнү-көйүүрү, көтөрү-сүүрэри кэтээн көрөн маннык билгэлииллэр эбит.
— Ыам ыйа ардахтаах буоллаҕына, балаҕан ыйыгар кураан буолар,
— хатыҥ сэбирдэҕэ тыллар кэмин иннинэ эрдэ тылыннаҕына, сайына итии, куйаас буолар,
— хатыҥ уута элбэх сааһыгар ардахтаах сайын кэлэр,
— хатыҥ сиһиктээҕэр хойутаан тылыннаҕына, ардахтаах, тыаллаах, хаҕыс сайыны күүтүллэр,
— хатыҥ сиһиктээҕэр эрдэ тылыннаҕына, ыраас күннэрдээх, быстах, дохсун ардахтаах, ичигэс сайыны күүтүллэр,
— үтүө, өҥ сайыҥҥа үрүмэччи элбэх буолар,
— үгүрүө хойуутук кэлбит дьылыгар, өҥ сайын буолар,
— түүлээх үөн эрдэ тиллэн элбээбит дьылыгар сайынын кураан буолар,
— тиит туораҕа элбэх сайыныгар, бурдук үүнүүтэ үчүгэй буолар,
— тиит мутукчата уһун уонна хойуу буоллаҕына, өҥ, үүнүүлээх сайын кэлэр,
— өҥ дьыл кэлэригэр кумаар элбэх буолар,
— өҥ дьылга кутуйахтар хорооннорун хонууга хасталлар,
— өҥ сайын кэлэригэр саас кэлиитэ көхтөөх, уулаах-хаардаах буолар,
— лыах элбэх буоллаҕына – өҥ сайын.
И.Сосин, И.Неустроев “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” кинигэттэн.
Удачнай куорат борокуратуурата анаммыт накаастабыл кээмэйэ кыратынан сибээстээн, суут уурааҕын апелляция бэрээдэгинэн үҥүстэ. Ол уурааҕынан,…
Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.
От ыйыгар ГАИ үлэһитин тохтобулга ирдэбилин толорботох иһин ыстараап 12,5 төгүл үрдүөҕэ, ОСАГО полиһа суох…