Салгыы
«Сайын кэлиитэ» ыһыах тыынынан илгийдэ

«Сайын кэлиитэ» ыһыах тыынынан илгийдэ

22.05.2023, 22:47
Хаартыска: Елена Потоцкая.
Бөлөххө киир:

Бүгүн «Сэргэлээх уоттара» кииҥҥэ Ньукуолун күнүгэр анаан «Сайын кэлиитэ» олус дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста.

«Саха сиригэр оҥоһулунна» диэн урбаанньыттар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин салайааччыта, саха иһитин оҥорон таһаарар «Камелек» пиирмэ салайааччыта Ольга Григорьева уонна Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева сүбэлэрин холбоон, хаһан да, ханна да өссө буола илик саха таҥаһын кэрэтин, дириҥ ис хоһоонун арыйар, көрдөрөр киһи биир тыынынан көрөр тэрээһинин тэрийдилэр. Ол курдук, суруналыыс Екатерина Григорьева салайар этническэй муода таҥаһа, аатырбыт витуоз-хомусчут Альбина Дегтярева курдук дьон модельер-дизайнер быһыытынан арылыннылар.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бэйэлэрин улуустарын аатырда сылдьар модельердар Чурапчыттан Туйаара Уваровская, Уус Алдантан Ия Сивцева, Тааттаттан Марианна Степанова, куораттан модельер Тайаана Ли уо. д.а бэйэлэрин үлэлэрин дьон дьүүлүгэр таһааран, көрөөччү кинилэр айар буочардарын бэркэ сөбүлүү ылынна. Урбаанньыт
Ольга Григорьева уонна Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева бэйэтин санааларын маннык үллэһиннилэр.

Айар куттаах модельер-дизайнердар биир ыйынан буолаары турар ыһыахха дьон бэлэмнэнэр санаатын уһугуннардылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: