Салгыы
Саҥа дьыл түүнүгэр 1988 сылга бэлиэтэммит тымныы хатыланыа

Саҥа дьыл түүнүгэр 1988 сылга бэлиэтэммит тымныы хатыланыа

Ааптар:
28.12.2024, 20:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 31 күнүгэр Саха сиригэр тымныы өссө күүһүрүө.

Саҥа дьыллааҕы түүнүгэр ордук тымныы буоларын сылыктыыллар. Дьокуускайга салгын температурата -48С кыраадыска диэри түһүө. Саҥа дьыл өрөбүллэригэр күн-дьыл туругун туһунан СИА-ҕа Саха сиринээҕи УГМС метеорологическай уонна агрометеорологическай отделын начаалынньыга Саргылана Никитина кэпсээтэ.

«Субуотаҕа Саха сирин бүтүннүүтүгэр кэриэтэ биллэрдик тымныйда, оттон соҕуруулуу-арҕаа оройуоннарга Сибииртэн атмосфера фроннарыттан сылаас, хаардаах күннэр тураллар. Кэлэр үс сууккаҕа антициклон күүһүрбүтүнэн -45С… -50 кыраадыска тиийэ тымныы күүһүрэрэ күүтүллэр, сорох сирдэринэн -53С… -58 буолара күүтүллэр», — диэн Саргылаана Никитина кэпсээтэ. Саҥа дьыллааҕы түүнүгэр Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, туманнаах уонна кыра тыаллаах буолара сылыктанар. Саха сиригэр тымныылар 2025 сыл тохсунньу 4 күнүгэр диэри туруохтара.

«Дьокуускайга салгын баттааһына үрдүгүнэн нуорматтан намыһах кыраадыс буолара күүтүллэр. Саҥа дьыл түүнүгэр ордук -46С…-48 кыраадыска тиийэ тымныйыа. Туманнаах, сөҥүүтэ суох уонна кыра тыаллаах буолуоҕа. Маннык тымныы күн-дьыл урут 1998 сыллаахха бэлиэтэммитэ. Оттон50С кыраадыс тымныылар 1988 сыллаахха», — диэн эспиэр санаатын үллэһиннэ.

+1
14
+1
1
+1
0
+1
0
+1
14
+1
4
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
29 декабря
  • -45°C
  • Ощущается: -45°Влажность: 65% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: