Саҥа сахалар диэн кимнээҕий?
“Эдэр саас” хаһыаты төрүттээччи Иван Ушницкай: «Ыарахан олохтон дьулуһан тахсыбыт дьону ытыктыыбын. Сөбүлэспэт киһиттэн сөбүлэҥин ылан матырыйаалы суруйуу – суруналыыс ситиһиитэ. Доҕорум Иван Николаев «Саҥа сахалар» диэн ыстатыйатын аатын рубрика оҥорон, “Кинилэр кимнээхтэрий?” диэн ааттаан разворот оҥорбуппун өйдүү-саныы сылдьабын”.
ОЧЧОЛОРГО
Салгыы “Эдэр саас” 1994 сыллаах алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт Иван Николаев ааптардаах “Кинилэр кимнээхтэрий?” суруйуутуттан быһа тардыыны ааҕыҥ.
КИНИЛЭР КИМНЭЭХТЭРИЙ?
Кэнники кэмҥэ Арассыыйаҕа “Новые русские” диэн өйдөбүл үөскээн, киэҥник тэнийдэ. “Саҥа нууччаларынан” улаханнык байбыт, элбэҕи ситиспит урбаанньыттары (Артем Тарасов, Константин Боровой, Сергей Мавроди эҥин курдуктары) ааттыыллар. Оттон, “Саҥа сахалар” диэн быһаарыы өйдөбүлэ быдан киэҥ. Саҥа сахалар — ол аата:
— саҥалыы өйдөөх-санаалаах бэлиитикэр, саайааччылар, дьокутааттар, судаарыстыбаннай аппараат үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай диэйэтэллэр:
— урбаанньыттар;
— урут суох, саҥа үөскээбит идэлэри баһылаан эрэр дьон.
Саҥа сахалар биир чаҕылхай холобурдара — Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев. Tөhө да 57 caaha чугаһаатар, урут бартыыйынай үлэҕэ сырыттар, Михаил Ефимович — дьиҥ-чахчы саҥалыы санаалаах, саҥалыы менталитеттаах бэлиитик. Уларыйбыт кэм өйдөбүллэрин, соруктарын ылыммыт, иҥэриммит салайааччы.
Соторутааҕыта диэри (массыыналар саҥа нүөмэрдэрэ киллэриллиэхтэригэр диэри) Бэрэсидьиэн хам-хаадьаа туһанар “Мерседеһин” нүөмэрэ «Саха 001» диэн этэ. Бырабыыталыстыба, министиэристибэлэр үлэһиттэрэ, биһиги, ону көрө-көрө, «Бастакы нүөмэрдээх саха» диэн ааҕарбыт. Кырдьыга да, оннук.
Бырабыыталыстыбаҕа “саҥа саханан”, вице-бэрэсидьиэн, премьер-министр нуучча киһитэ Вячеслав Штыровы аахпатахха, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Егор Борисовы ааттыахха сөп.
Миниистирдэр ортолоругар тута харахха быраҕыллаллар:
Култуураны салайар Андрей Борисов (кинини номенклатураҕа саҥа киһи дииллэр да, арай бу суруйа олорон өйдөөтөхпүнэ, 1990 сыллаахха судаарыстыбаннай суверенитеппытын биллэрэрбит саҕана үлэлии олорбут, анаммыт миниистирдэртэн соҕотох Андрей Саввич ордон, 43 сааһыгар бэйэтэ туспа “патриарх, ытык кырдьаҕас” буолбут эбит).
Ыччат, успуорт миниистирэ Виктор Ноговицын.
Үһүс киһинэн, үгүскүт дьиктиргиэххитин иһин, куттал суох буолуутун миниистирэ Афанасий Кириллини ааттыахха сөп. Үйэтин тухары КГБ уорганнарыгар улэлээбит киһи диэтэххэ, аныгылыы санаалаах, кэскили өйдүүр, Саха судаарыстыбатын инники дьылҕатын араҥаччылыырга бигэ сорунуулаах киһи эбит диэн сыаналаабытым, Афанасий Павловичтыын сирэй көрсөн өр кэпсэтэн баран.
Урут суох, чыҥха caҥа тэрилтэлэр баһылыктара — тас сибээстэһии миниистирэ Виталий Артамонов, Көмүһү, күндү тааһы, валютаны дьаһайар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Карл Васильев — дуоһунастарынан эрэ буолбакка, бэйэлэрэ да саҥа дьон. Кинилэр үлэлэрин-хамнастарын түмүгэ кэлин дьэ биллиэ, сыаналаныа, билиҥҥитэ быһа этэр эрдэ. Манна таарыччы аҕыннахха, биһиги caҥa дипломаттарбыт ортолоругар киһи кырдьык да, элбэҕи эрэнэр дьоно үгүстэр: билигин аан дойдуга аатырар Кембридж университетыгар докторантураҕа үөрэнэр (Кембридж докторантурата — хайа да сайдыылаах дойду учуонайыгар уһулуччу үрдүк чиэс) Татьяна Аргунова, Аляскаҕа “Хотугу пуорум” сэкирэтэрийээтигэр үлэлиир Юрий Петров, Японияҕа бэрэстэбиитэл уолаттарбыт Анатолий Яковлев, Николай Барамыгин, ЮНЕСКО Саха сиринээҕи кэмитиэтин салайар Владимир Филиппов…
Саҥа дипломатическай тэрилтэбит үлэһиттэрин ортолоругар улахана да суох дуоһунастарга үлэлээтэллэр, эмиэ ала-бэлиэ дьоннор бааллар. Холобурун ыллахха, оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн, үрдүк байыаннай үөрэҕи кыһыл дьупулуомунан бүтэрбит, разведкаҕа үлэлээбит (ол иһигэр омук сиригэр), английскай тылтан тылбаастыыр Олег Татариновы да ааттыахха сөп.
Баһылыктар ортолоругар, биллэн турар, Дьокуускай мээрэ Алексей Томтосов, Уус Алдан “кулубата” Афанасий Мигалкин ойуччу “caҥa сахалар”.
ОТТОН БИЛИГИН?
Хаһыаппыт оччотооҕу дьоруойун, биллиилээх устуорук, суруналыыс, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин хомсомуолун публицистикаҕа бириэмийэтин лауреата, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Николаевы кытта сибээскэ таҕыстыбыт.
Кини бу соторутааҕыта «Происхождение народа саха и его геокультурного наследия» диэн монографияны таһаарбыта.
– Иван Игнатьевич, 1994 сыллаахха суруйбуккун билигин туох дии санаатыҥ?
— Бу эн көрдөрбүккэр хос аахтым. Билигин кэлэн, тугу да көннөрөр, уларытан суруйарым суох эбит дии санаатым. Ити кэпсээбит дьонум сорохторо сааһырдылар, бүдүрүйэн да ыллылар, тургутуу кытаанаҕын аастылар: олор истэригэр быһаччы ааттамматах, көннөрү таайтаран эрэ суруйбут дьонум (урбаанньыттар). Ол да үрдүнэн кинилэр уонна атын ахтыллыбыт, билигин күөгэйэр саастарыгар тиийбит дьон билигин да олох, бэлиитикэ, биисинэс инники күөнүгэр сылдьаллар.
– Саҥа сахалар билигин элбээтилэр дии саныыгын дуу?
– “Саҥа саха” диэн саҥалыы өйдөөх-санаалаах, саха омук сайдыы үрдүкү кэрдииһигэр тахсарын туһугар турунуулаах дьон диэн суруйбутум. Оннук дьон өссө элбээтэр-элбээн иһэр.
– Ыстатыйаҕа «Национальнай лиидэр» диэни сэргии аахтым. Билигин оннук лиидэрдэр бааллар дуо?
– Дьиҥнээх национальнай лиидэри устуоруйа эрэ толору арыйар. Онон билиҥҥитэ икки эрэ дьиҥ-чахчы устуоруйаҕа хаалар лиидэр баар диэххэ сөп. Максим Кирович Аммосов уонна Платон Алексеевич Ойуунускай саха омугар дьиҥнээх национальнай лиидэрдэринэн буолаллар.
– 1994 сыллаахха 30-чалаах эдэр уол буоллаҕыҥ дии. Билигин 60-ҥун аастыҥ. Бу сыллар тухары сүрүннээн тугу ситистим, норуоппар тугу туһалаатым дии саныыгын?
– Саха киһитэ хаһан да бэйэтин бэйэтэ сыаналаабат. Арай Михаил Николаевтыын 1988 сылтан ыкса алтыһан, онтон көмөлөһөөччүтүнэн уонна сүбэһитинэн үлэлээбиппин киэн тутта саныыбын. Андрей Борисовтыын 1982 сылтан доҕордоһон, элбэх улахан дьыаланы хамсаппыппытын астынабын.
– Билиҥҥи ыччаты хайдах сыаналыыгын? Ыччаты кытта алтыһаҕын дуо?
– Билиҥҥи ыччат сайдыытын таһыма быдан үрдүк. Урукку ыччаттар үксүлэрэ, көнөтүнэн эттэххэ, нэһилиэк, сорохтор муҥутаан улуус эрэ таһымнаахтар этэ. Ол иһин, кинилэр салалтаҕа, бэлиитикэҕэ, биисинэскэ күргүөмнээн кэлбиттэригэр, билиилэрэ-көрүүлэрэ татым соҕус этэ.
Оттон билиҥҥи ыччат ортотугар сайдыылаах дойдулар холобурдарын көрө үөрэммит, элбэҕи билэр, киэҥник саныыр дьон элбэх. Кинилэр былааска сыыйа кэлэн истэхтэринэ, олохпут бытааннык да буоллар, тупсан барыа этэ.
Ыччаты кытары мэлдьи алтыһабын. Көрсөбүн, кэпсэтэбин, мөккүһэбин уонна санаа атастаһабын.
Олох араас очурдарын билбит, араас тургутууну ааспыт, элбэхтик турууласпыт киһи көрүүтэ киэҥ ыырдаах буолара биллэр бөҕө буоллаҕа. Ханнык баҕарар кэпсэтии кэннэ, сабыдыал биллэр-биллибэттик олохтонор. Онон дириҥ билии, өй-санаа байҕалыгар ньимис гына түспүккэ дылы буоллум. Киһи элбэҕи ыйытыан сөп эбит.
Эльдар Садовников бэлэмнээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: