Тус санаа: Саҥа субъектар киирэллэрин туһунан
Тулхадыйбат быһаарыныы
Бүгүн биһиги дойдубут аныгы историятыгар биир саамай бэлиэ күн үүннэ. Российскай Федерацияҕа аан дойдуга туспа бырааптанары ситиспит түөрт субъектар – Донецкайдааҕы уонна Луганскайдааҕы норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожие уонна Херсон уобаластара бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн судаарыстыбабыт састаабыгар киирэллэр. Манна сыһыаннаах хас да түгэҥҥэ бэйэм санаабын суруйарга холонуом.
Арассыыйа көмүскэс санаата уларыйбат
Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирии туһунан тыын суолталаах боппуруоска олохтоохтор санааларын билэр туһугар балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр Донецкайдааҕы уонна Луганскайдааҕы норуодунай өрөспүүлүкэлэргэ, Запорожие уонна Херсон уобаластарыгар референдум ыытыллыбытын бары көрөн-истэн олоробут. Референдум ыытыллыытын уонна түмүктэрин туһунан манна суруйа сатыыр наадата суох. Референдум түмүгэ олохтоох дьон санаатын арылхайдык көрдөрдө – кинилэр мантан салгыы олохторун, дьылҕаларын Арассыыйаны кытта быһаччы ситимниир, кини быстыспат сорҕотунан буолар баҕалаахтарын итэҕэтиилээхтик арыйда.
Аан дойду сорох судаарыстыбалара, ордук чуолаан АХШ уонна Арҕааҥы дойдулар коалицияларынан ааттанар дойдулар, референдум ыытыллыбытын, кини түмүгүнэн ДНӨ, ЛНӨ, Запорожие уонна Херсон уобаластара Арассыыйа састаабыгар киириилэрин утаралларын уонна ылымматтарын туһунан эрдэттэн биллэрбиттэрэ.
Ол гынан баран, бу “атаскаан буолбатах” дойдулар санаалара биһиги дойдубут геополитикаҕа тутуһар хайысхатыгар, ону олоххо киллэрэргэ дьулуһуутугар туох эмит сабыдыаллаах дуо? Суох.
Мин санаабар, ити туорайдаһа сатыырга холонуулар Арассыыйа дойду быһыытынан санаатын күүһүн (волятын) син биир тулхадыппаттар.
Бары билэбит, бу иннигэр 2014 сыллаахха Украинаҕа буолбут элбэх хаан тохтуулаах аймалҕантан (майдаантан) сылтаан, референдум түмүгүнэн Крым Украинаттан букатыннаахтык арахсан Арассыыйа састаабыгар киирбитэ.
Бу быһаарыныыны элбэх тас дойдулар эмиэ утарбыттара уонна билиммэтэхтэрэ эрээри, Арассыыйа ылыммыт политическай курсун хайысхатын онтон сылтаан уларыппатаҕа, кэлэр өттүгэр да уларытар санаата суох.
Тоҕо?
Аан дойду оҥкула уларыйыыта
II аан дойду сэриитин бүтүүтэ, нацизмы урусхаллаабыт үс улуу судаарыстыбалар ССРС, АХШ уонна Улуу Британия сөбүлэһиилэрин түмүгэр, дойдулар икки ардыларынааҕы сыһыаннарын оҥкула оҥоһуллубута (мировой порядок). Бу оҥкул 45 сыл тухары тулхадыйбакка кэлбитэ.
Ол эрэн 1991 сыллаахха АХШ-ны уонна кинини кытта сойуустуу Арҕаа Европа дойдуларын кытта геополитическэй утарыта туруулаһыыны уйбакка ССРС үрэллибитэ. Германия холбоһон биир судаарыстыбаҕа кубулуйуута, Варшавскай байыаннай блок ыһыллыыта, НАТО байыаннай блога Илиҥҥи Европа дойдуларын бииртэн биир бэйэтигэр холбоон, кэҥээн Арассыыйа арҕаа кыраныыссатыгар ыкса чугаһааһына бу иннигэр суруйан аһарбыт II аан дойду сэриитин түмүгэр дойдулар икки ардыларынааҕы сыһыаннарын тутула (бириинсиптэрэ) суолтатын сыыйа-баайа сүтэриитигэр, онтон устунан симэлийэн суох буолуутугар тириэрдибитэ.
Косова прецеденэ
Аҕа саастаах дьон өйдүүрэ буолуо, 2000 сыллар кирбиилэригэр Югославия кризиһэ аан дойдуну аймаабыта. Арҕааҥы дойдулар коалицияларын күөртээһининэн Югославия Федерацията бэйэ бэйэлэрин кытта өстөһөр, ону ааһан күүс өттүнэн күөнтэһэр, хас да дойдуга бытарыйбыта. Дойду ыһыллыыта элбэх хаан тохтуулаах буолбута. Тиһэҕэр АХШ уонна кинини кытта сойуустуу дойдулар Арассыыйаны кытта доҕордуу Сербияны быһаччы буомбалаабыттара. Бу сэриилээһин ХНТ Куттала суох буолуутун сүбэтиттэн туох да көҥүлэ суох оҥоһуллубута. Түмүгэр Косово диэн албанецтар олорор автономияларын кыраайа Сербияттан арахсан бэйэтин туспа судаарыстыба быһыытынан биллэриммитэ. Косово туспа судаарыстыба буолуута Сербияны кытта туох да кэпсэтиитэ, сөбүлэһиитэ суох оҥоһуллубута. Билигин итини аан дойдуга «косоватааҕы прецедент» диэн аатынын билинэллэр.
Бу прецедеҥҥэ олоҕуран, 2008 сыллааха буолбут Грузия уонна Арассыыйа икки ардыларыгар буолбут байыаннай конфликт түмүгэр биһиги дойдубут Абхазия уонна Соҕуруу Осетия дэнэр урукку автономиялаах өрөспүүбүлүкэлэри тутулуга суох судаарыстыбаларынан билиммитэ.
Бу иннигэр суруйбутум курдук, Крым Украинаттан арахсан Арассыйа састаабыгар киириитэ эмиэ бу прецедеҥҥэ олоҕурар. Бүгүн буолуохтаах урут Украина састаабыгар киирэ сылдьыбыт түөрт субъект Россия састаабыгар киириилэрэ эмиэ манна тирэҕирэр.
Хатылаатахпына, Арассыыйа уонна кини састаабыгар киириэхтээх регионнарга бу прецедент быраап өттүнэн көмүскэнэллэригэр эмиэ улахан төрүөтү биэрэр. Арҕааҥы коалиция аан дойду таһымыгар Арассыйаны утары атын дойдулары кыайан күөртээн түмпэтигэр тиийэр.
Букатыннаах быһаарыныы
ДНӨ, ЛНӨ, Запорожие уонна Херсон уобаластара дойду састаабыгар киириилэрин туһунан конституционнай сокуон ылыллан олоххо киирдэ да бу быһаарыы тулхадыйбат буолар.
2020 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр ыытыллыбыт бүттүүн референдум түмүгэр дойдубут конституциятыгар элбэх уларытыылар киирбиттэрэ. Ол иһигэр Төрүт сокуон 67 ыстатыйатын 2.1. пуунугар Российскай Федерация территориятын хайа да чааһын арааран ылыы, итинник араарыыга ыҥырыылар оҥоһуллаллара букатыннаахтык бобулларын туһунан этиллэр.
Маны таһынан, Российскай Федерация Холуобунай кодексын 280.1 уонна 280.2 ыстатыйалара ыйалларынан Арассыыйа территорията биир ньыгыл буолуутун утары дьайыыларга ыҥырыы уонна онно туһуламмыт дьайыылары оҥоруу иһин буруйдаахтар кытаанах миэрэҕэ тардыллаллар.
Ол аата конституционнай сокуон ылылынна да, саҥа субъектар Арассыыйа састаабыгар киириилэрин саарбахтааһын, ону утарыы сокуонунан бобуллар.
Оччотугар оннук санаалаах уонна баҕалаах дьон ол туһунан этэллэрэ-тыыналлара, оннукка туһуламмыт дьайыыларга ыҥырыылара уонна холонуулара, социальнай ситимнэргэ итинник хабааннаах суруйуулара уонна итинник суруйуулары тарҕатыылара сокуон ирдэбилинэн кытаанах эппиэккэ тардыллыахтаах.
Бу суруйууттан сиэттэрэн, ааҕааччылары этинэр тылларыгар, тарҕатар иһитиннэриилэригэр эппиэттээх буолалларыгар, оҥорор дьайыыларыгар толкуйдаахтык сыһыаннаһалларыгар ыҥырабын.
Саҥа түһүмэх
Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар түөрт саҥа субъект киириитэ Арассыыйа уонна Украина икки ардыларыгар буола турар байыаннай конфлигы саҥа түмүһэххэ таһаарар. Бу иннигэр Арассыйа ДНӨ, ЛНӨ, Запорожие уонна Херсон уобаластарын территориятыгар, Украина киин уонна илин өттүнээҕи субъектарыгар анал байыаннай эпэрээссийэни ыытара.
Этиллибит түөрт субъект Арассыыйа састаабыгар киириэхтэриттэн ыла кинилэр биһиги дойдубут быстыспат сорҕотунан буолаллар. Хайа баҕарар дойду сэбилэниилээх күүстэрин бэйэтин кыраныыссатын иһигэр хайдах баҕарар хамнатара, ханна баҕарар түптээн туруорара – кини тус бэйэтин бырааба. Мантан сиэттэрэн Арассыыйа бу субъектарын территориятыгар регулярнай байыаннай чаастары киллэрэрэ – кини көҥүлэ. Маны таһынан, бүттүүн дойдуга, эбэтэр кини ханнык эмит чааһыгар куттал суоһуур буоллаҕына, судаарыстыба бэйэтин кыраныыссатын, сирин-уотун уонна нэһилиэнньэтин көмүскүүрэ – кини бырааба, уонна ону ааһан, кини тулхадыйбат эбээһинэһэ.
Дойду биир ньыгыл буолуутун, кини кыраныыссатын көмүскээһин уонна оннук кутталы төрдүттэн суох оҥоруу – дойду Төрүт Сокуонун 10 ыстатыйатыгар ыйыллар. Бу — Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин ытык иэһэ.
Бу ааттаммыт төрүөттэргэ олоҕуран, түөрт саҥа субъект дойду састаабыгар киириилэрин правовой процеһа түмүктэннэ да анал байыаннай эпэрээссийэ Арассыыйа уонна Украина икки ардыларыгар улахан сэриигэ (полномасштабнай) тиэрдиэн сөп.
Сэрии өссө атын түмүһэххэ тахсыыта Украинаны кытта сойустуу уонна кини спонсорынан буолар Арҕааҥы дойдулар коалициялара – НАТО уонна ЕС дойдулара, Арассыыйаны утары салгыы туох политиканы тутуһалларыттан тутулуктаах.
Өскөтүн кинилэр бу иннинэ Украинатааҕы байыаннай конфликка быһаччы кыттыбат, Украинаны кэтэхтэн үбүлээн уонна сэбилээн, политическэй уонна информационнай өйөбүл оҥорон, ханарытан көмөлөһөр эбит буоллахтарына, билигин үөскээбит быһыыга-майгыга бу дойдулар Арассыыйаны утары сэрии быһаччы кыттыылаахтарынан буолалларыгар тириэрдиэн сөп.
Ол эрэн киһи өйүн-санаатын саппаҕырдар, тууйар маннык толкуйдары киэр илгиэҕиҥ!
Самнарбат санкциялар
2014 сыллаахха ылыныллыбыт Крым Украинаттан арахсан биһиги дойдубут састаабыгар киириитин туһунан быһаарыы ылыныллыаҕыттан, 8 сыл устата Донбасс көҥүлүн туруулаһар сэриитигэр Арассыыйа бу регионнар олохтоохторун өйөөн, кинилэргэ көмө араас көрүҥүн оҥорбутуттан сылтаан Арҕааҥы дойдулар коалициялара киһи санаан сиппэт элбэх ахсааннаах араас көрүҥнээх уонна таһымнаах санкциялары ылыммыттара. Биллэн турар, бу санкциялар дойду экономическэй, финансовай, социальнай, технологическай уонна да атын өрүттээх сайдыытыгар мөкү дьайыылара төһө да улахан буоллар, кинилэр дойду кыаҕын кыайан самнарбатылар.
Арҕаа дойдулар Арассыыйаны утары аһары элбэх санкциялары ылыныылара бүтэр уһугар бэйэлэрин экономикаларыгар улахан охсуулаах буолбута туох да мэлдьэҕэ суох. Ол иһин билигин бу дойдулар биһигини утары улахан охсуулаах саҥа санциялары тобулар кыахтара суох. Кинилэр билигин биһигини утары урут ылыныллыбыт санкцияларын кыратык кэҥэтэн уонна саҥардан эрэ биэрэллэригэр тиийэллэр.
Түмүккэ
Биллэн туран, быһыы-майгы мантан салгыы хайдах сайдан барыан билигин ким да тымтыктанан көрөр кыаҕа суох. Аан дойду араас дойдуларын салайан олорор политиктар, политическэй уонна байыаннай быһаарыныылары ылынар үрдүк сололоох салалта уонна байыаннайдар ортолоругар тыыннаах буолар баҕа санаа баһыйарыгар, маннык суостаах кэм сыыйа сымнаан, дьон-сэргэ олоҕо орто сүнньүн булан, нус-хас туруктанарыгар тиийдэр диэн эрэл санаанан салайтарыаҕыҥ.
Миигин үүйэ-хаайа тутар дьиксинэр санааларым туолбатыннар ханнык диэн баҕа санаа үөскүүр.
Күүлэкээн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: