Саҥа үөрэх дьылыгар туох күүтэр?

Share

Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыа ахсааннаах күн хаалла. Үлэһиттэр да, оҕолор даҕаны сыыйа бэлэмнэнэн эрдэхтэрэ. Быйыл учууталлары, үөрэнээччилэри, төрөппүттэри кэккэ уларыйыылар күүтэллэр. Олортон сүрүн өттүн билиһиннэрэбит.

Оскуолаларга төлөпүөн бобуллар

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн ос­­куолаҕа сиэп төлөпүөнүн үөрэнэр даҕаны сорук­таах туһанар бобуллар. Ити туһунан аҕыйах хонуктааҕыта РФ Судаарыстыбаннай Дууматын үөрэҕириигэ кэми­тиэтин бастакы бэрэссэдээтэлэ Яна Лантратова иһитиннэрдэ.

Былырыын ахсынньыга Судаарыстыбаннай Дуума оскуо­лаларга төлөпүөнү туһанары хааччахтыыр туһунан сокуону ылыммыта. Оҕо олоҕор уонна доруобу­йатыгар кутталы үөскэтэр ыксаллаах түгэннэртэн ураты, оскуолаҕа уруок кэмигэр сиэп төлөпүөнүн туһанар сокуонунан бобуллар.

Ыйытык көрдөрбүтүнэн, төрөппүттэр баһыйар улахан аҥаардара, 80-тан тахса бырыһыаннара сиэп төлөпүөнэ оҕолору буортулуурун, харахтарын мөлтөтөрүн, уруоктан аралдьытарын ыйбыттара. Уруокка төлөпүөнү хааччах­тааһын ол түмүгүнэн киирбитэ.

Оскуола пуормата

2024 сылтан Арассыыйаҕа ос­­куола пуормата ГОСТ ирдэбилинэн тигиллиэҕэ диэн эппиттэрэ хас да сыл буолла. Ол эрээри, маны урукку курдук барыларыгар биир пуорма буолуо диэн өйдүүр билиҥҥитэ эрдэ. Тас дойдуттан “аймахтарбыт” киллэрэр таҥастара-саптара хайдах курдук сыттааҕын, киһи этэ тыымматын бэ­­йэҕит билэҕит. Бу улаатан эрэр оҕоҕо соччото суохтук дьайара чуолкай. Дьэ ол иһин оскуо­ла пуормата ГОСТ ирдэбилигэр эппиэттиэхтээх. Ол эбэтэр, матырыйаала, бэлэм тигиллибит таҥас биологическай уонна химическэй өттүнэн куттал суох буолуутугар сөп түбэһиэхтээх, салгыны киллэрэр, сииги тардар буолуох­таах. ГОСТка пуорма араа­һа, көрүҥэ, өҥө эбэтэр дизайна ыйыллыбат, чуолаан куттала суоҕа суруллар, мөлтөх хаачыстыбалаах матырыйаалтан тигиллиэ суох­таах.

Саҥа ирдэбил чопчу балаҕан ыйын 1 күнүттэн тутуһуллуо диэн ыйыллыбат, оскуолалар туох да ыйыы-кэрдии биэрэ иликтэр. Сорох сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр сыл иккис аҥаарыгар бигэргэниэҕэ итиэннэ 2025 сыл ортотуттан олоххо киириэ диэн суруйаллар.

Үлэ уруога

Оҕону үлэ эрэ иитэр, аралдьытар, толкуйдатар кыахтааҕын өйдөөн, биһиги оҕо сааспыты­нааҕы үлэ уруогун саҥардан төнүннэрэн эрэллэр. Билигин даҕаны Саха сирин оскуолалара оччотооҕу иитиини тута сылдьаллара, кыргыттарга ас астаталлара, уолаттары уһанарга уһуйаллара хайҕабыллаах.

Саҥардыллыбыт бырагырааманан үөрэнээччилэр үлэ уруогар билиҥҥи астыыр, уһанар дьоҕурдарын өссө тупсаран, аныгы олоҕу кытта ситимнээн биэриэхтэрэ. Ол эбэтэр сатабылларын робототехниканы, көмпүүтэр графикатын, 3D-моделированиены кытта ситимниэхтэрэ. Ону таһынан, оҕолор автоматизированнай систиэ­мэни, сүөһүнү иитиини, оҕуруот аһын олордууну үөрэтиэхтэрэ.

Учууталлар көмүскэллээхтэр

Аныгы най барбыт оҕолор уруо­гу ыһалларын ааһан, учууталлары араастаан үөҕэр, оннооҕор илиилэринэн киирэр түгэннэрэ баарын дэҥ кэриэ­тэ социальнай ситимнэргэ тарҕанар видеолартан көрөбүт. Манна үксүгэр педагог, улахан киһи буруйдаах аатырааччы, уһугар тиийэн учуутал бэйэтин баҕатынан сайабылыанньа суру­йан оскуолаттан барааччы. Саҥа үөрэх дьылыттан педагогтар оҕолору сэмэлииллэрэ, сөптөөх бэлиэ­тээһиннэри оҥороллоро (замечание) көҥүллэниэҕэ. Ону тэҥэ, саҥа сокуонунан педагогтар киһи быһыытынан ытыктанар, эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн күһэ­йииттэн, үөҕүүттэн көмүскэл­лээх буолууларын быраабын ыйдылар.

Маныаха анаан “Үөрэх туһунан” сокуоҥҥа дьарык кэмигэр уонна үөрэх тэрилтэтигэр дьиссиппи­лиинэни тутуһууга оскуолалар ирдэбил олохтуур балаһыанньаны киллэрдилэр. Үөрэнээччи ити этиллибит быраабыланы тутуһуох­таах, учууталы убаастыахтаах.

Орто үөрэххэ ылыы

Орто үөрэххэ докумуону тутуу бэҕэһээҥҥинэн, атыр­дьах ыйын 15 күнүнэн, түмүктэннэ. Ый бүтүүтэ түмүк таһаа­рыахтара. Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, 2024 сыл олунньу 22 күнүнээҕи СӨ Бырабыыталыстыбатын  дьаһалыгар олоҕуран, орто анал үөрэххэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар 6712 миэстэ көрүллүбүт.

“Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, үөрэххэ туттарсааччылартан барыта 18 тыһ. тахса сайабылыанньа киирдэ.

Үлэ ырыынагар ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн, каадыры бэлэмнээһин тутулун таҥар соруктаах эрэгийиэҥҥэ түөрт саҥа исписээлинэс аһылынна: 09.02.08 интеллектуальнай интегрированнай систиэ­мэлэр, 15.02.18 роботизированнай оҥорон таһаарыыны тиэхиньиическэй өттүнэн туһаныы уонна хааччы­йыы (салаа­ларынан), 15.02.17 бырамыысыланнай тэрили таҥыы, тиэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыы, үлэлэтии уонна өрөмүөннээһин (салааларынан), 15.02.03 гидравлическай уонна пневматичес­кай тэрили таҥыы, тиэхиньии­чэскэй өттүнэн хааччыйыы уонна өрөмүөннээһин (салааларынан).

Быйыл абитуриеннар информационнай технологиялар (биирдии миэстэҕэ 12 киһи), мэдиссиинэ (биир миэс­тэҕэ 10 киһи) уонна педагогика (биир миэстэҕэ 8 киһи) хайыс­халарын ордук сэҥээрэллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ ырыынагар ирдэнэр кэскиллээх орто уонна үрдүк үөрэҕи ирдиир идэлэри, исписээли­нэстэри, бэлэмнэнии хайысхаларын испииһэгиттэн үрдүк куонкурус «информационнай систиэмэ уонна бырагыраамалааһын», «эмчит дьыалата», «сиэстэрэ дьыалата», «оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин» уо.д.а. хайысхаларга бэлиэтэнэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын уураа­ҕынан төлөбүргэ 2024 сылга үөрэххэ киирэр элбэх оҕо­лоох ыал оҕолоро хапсыахтарын сөп диэн хоруйдаатылар.

What’s your Reaction?
+1
19
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

5 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

5 часов ago