(Бүтүүтэ. Иннин https://sakha-sire.ru/sanaa-byraas-sajdam-sanaalara/ ).
Татьяна Михайловна олоҕор барыта үүт-тураан буолбатах этэ. Үлэтэ суох хаалан баран, биир да күн өрөөн сыппатаҕа. Ырыынакка атыыһыттаабытын таһынан, дьоҕурун арыйан, көрбүөччү буолан турардаах.
– Дьиҥэ, сахаларга үгүстэргэ оннук өтө көрөр дьоҕур баар. Кыра эрдэхпиттэн гипнозтаахпын сэрэйэрим. Ону эрчийэн, дьон эн баҕаҕын толорорун ситиһиэххэ сөп. Сороҕор ону билигин үлэбэр туттабын – ыарыһахтарга “үтүөрүөҥ” диэн итэҕэттэххэ, үтүөрбүтүнэн бараллар. Ол саҕана элбэх мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр сылдьыбытым, өлбүттэри да булар этим. Дьиҥэ, ол сыраны-сылбаны эһэр сылаалаах үлэ этэ… – диэн кини кэпсиир.
Төһө да туруорса, туруулаһа сатаабытын үрдүнэн, үгүс сыратын биэрбит сонотуоруйун сабан, ыһан кэбиспиттэрин кэнниттэн, өрөмүөннүү сылдьан, төбөтүгэр мас кэлэн түспүтэ. Хаҥас илиитэ, атаҕа баралыыстаабыта, өйүгэр тугу да туппат, умнуган буолбута. Кини дьолугар, аатырбыт нейрохирург Прокопий Николаевич Семенов төбөтүгэр хаан турбутун эпэрээссийэлээбитэ. Атын соҕустук эмтиир эбит этэ – төбөтүгэр хаан турбутун сиһинэн киирэн, оборторон ылбыта. Онон үһүс күнүгэр өйдүүр, өйүгэр хатыыр үөрүйэҕэ чөлүгэр түспүтэ, бэл, билэр-билбэт тыллара тиийэн кэлбиттэрэ. Урут наар нууччалыы суруйар бэйэтэ, сахалыы суруйар буолан хаалбыта. “Билигин да нууччалыы эрэйинэн суруйабын”, – диэн күлэр.
Аны инсульт кэннэ, хамсаммакка, уойан хаалбыта. Биирдэ сонотуоруй кылаабынай быраастарын мунньахтарыгар тиийбитэ. Онно ыйыппыттара: “Эһиги сэрээккэлиигит дуо?”. 45 киһиттэн 3 эрэ киһи сэрээккэлиир эбит. Онтон ыла ырарга быһаарыммыта. Кыраны аһыыр, күҥҥэ үстэ сэрээккэлиир буолбута. Хаҥас илиитин кыайан үөһэ көтөхпөт этэ, ону сыралаһан, хамсыыр оҥорбута. Биир сыл иһигэр 25 киилэни бырахпыта. “Ол ыйааһыммын билиҥҥэ диэри тутан сылдьабын. Били, уйгуур бырааһа эппитин курдук, уойуу диэн – ыарыы төрдө”, – диир Татьяна Михайловна.
Биир күн мас дьиэлэрэ, гаастан сылтаан, умайан хаалбыта. Туох да докумуона, таҥаһа-саба суох, турар бэйэлэринэн сүүрэн тахсан, нэһиилэ тыыннаах хаалбыттара. “Үөһээ Айыыларга анаан, тэлгэһэм иһигэр үҥэр-сүктэр оллоон оҥостубутум. Тыыннаах хаалбыппар Айыыларбар махталбын, тапталбын билинэртэн күммүн саҕалыыр идэлэммитим”, – диэн билинэр.
Дьэ, бу курдук олох охсууларыттан самнан, ыһыктынан кэбиспэккэ, хаһан да санаата түһэн сыппакка, этэргэ дылы, “сэбиэскэй хатарыылаах” киһи буолан, өссө өрө баран, син биир олох үөһүгэр буолан иһэрэ.
– Бу сыыһа, бу сөп диэн тугу сииргин, тугу гынаргын өйдөөн-төйдөөн оҥорор буоллаххына, доруобай буолуоҥ. Сэбиэскэй кэмҥэ сахалары уһун үйэлээх норуоттар ахсааннарыгар киллэрэр этилэр. Тыйыс усулуобуйаҕа олорбут өбүгэлэрбит барахсаттар хайдах тыыннаах хаалабыт диэн төбөлөрүн үлэлэтэн, ону олоххо киллэрэн, баччаҕа кэллэхпит.
Мин санаабар, өбүгэлэрбит муус уутун иһэр, оту-маһы, эти, үүтү таһынан ферменнээх аһы аһыыр буолан, тыыннаах хаалбыттара, эбиитин уһун үйэлээх аатырбыттара. Муус уута наномолекулярнай буолар, элбэх эниэргийэни биэрэр. Кавказ уһун үйэлээхтэрэ эмиэ маннык састааптаах ууну иһэн, чэгиэн буолаллара биллэр.
Биирдэ Пятигорскайга үрдэтинэр кууруска сырыттахпына, үөрэтэр профессор үрүҥ килиэп буортутун быһаарбыта: “Үрүҥ бурдугу хайдах оҥороллорун билэҕин дуо? Биһиэхэ элбэх бурдук үүнэр. Онуоха үөн ыспатын диэн бүтүннүү пестициды ыһаллар, аны өлгөм үүнүүнү ылаары хиимийэлээх уоҕурдуу бөҕө. Бурдук туһалаах хаҕын ылан быраҕаллар уонна хиимийэнэн маҥхаталлар. Ону бэйэм илэ көрбүтүм. Онон үрүҥ бурдуктан оҥоһуллубут, араас эбиликтээх аһы сиэбэппин. Эбиликтэр искэни үөскэтэллэр”.
Чахчыта, элбэх бурдук аһы, килиэби, саахары сиир дьон уойбут уонна эндокриннай систиэмэлэригэр кэһиллиилээх буолаллар. Ынах, куурусса этигэр эмиэ араас гормон, антибиотик элбэх. Бу маны өйдөөн-төйдөөн аһаатахха, ыарыыны баалатан кэбиспэтэххэ, утуйар ууну, хамсаныыны сааһылаатахха, киһи доруобай буолар, – диир Санаа быраас.
– 2010 сыллаахха бу кыбартыыраны атыылаһан, “Профилактика” диэн чааһынай мэдиссиинэ кэбиниэтин арыйбытым. 5 үлэһиттээхпин. Быраастаан байбаккын эбит. Хата, ырыынакка бииргэ үлэлээбит атыыһыттарым байан ырааттылар…
Ыалдьар уорганы эрэ буолбакка, ыарыы төрүөтүн булан, эти-сиини бүтүннүү ыраастаан, эмтиибит. Илиҥҥи мэдиссиинэ ньымаларын, ынах тылынан эмтээһини, о.д.а. туһанабыт. Баалаппатах буоллахтарына, искэннээх дьоҥҥо кытта көмөлөһөбүт.
Саха дьоно наһаа тулуурдаахтар, ыарыыны тулуйа-тулуйа, көрдөрүммэккэ сылдьан, баалатан кэбиһэллэр, ол кэннэ табылыакка бөҕөтүн иһэллэр. Организмнара киртийэн, нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ тахсан киирэр буолан кэлэллэр. Эмтээһин бастаан клизма оҥорортон, хаанын, бүөрүн, быарын ыраастыыртан саҕаланар. Киһи этигэр мунньуллубут вирустар, бактыарыйалар, токсиннар, “тэллэйдэр”, ыарахан металлар, радиация – барыта тахсар. Бу барыта ыарыы төрүөтэ буолар.
Биһиэхэ наркоманнарга, арыгыһыттарга тиийэ, араас ыарыылаахтар кэлэллэр. Арыгыттан эмтиир ордук уустук. Ол кэннэ эстэн хаалабын. Инсуллаан эрэр дьону элбэхтик быыһаатахпыт.
Пандемия кэмигэр толору үлэлээбиппит. Ыалдьыбыт дьон дьиэлэригэр ыҥыраллар этэ. Итэҕэйиэххит суоҕа буолан баран, быһыы ылбакка эрэ, коронавирустаах дьону эмтии сылдьан, бэйэбит ыалдьыбатахпыт. Водород перекиһинэн, суоданан, чесноктаах уунан, лимон сүмэһининэн муннубутун ыраастана, күөмэйбитин сайҕана сылдьыбыппыт. Көмөлөһөр эбит этэ.
“Ковидтан” үксүгэр хааннара хойдон, тымырдарыгар “бүө” үөскээн, уорганнарыгар охсон, элбэх киһи “барбыта”.
Билиҥҥи уустук кэмҥэ үгүспүт олоҕо чэпчэкитэ суох. Бас билэр тэлгэһэтэ, дьиэтэ-уота, үлэтэ суох, олохтон дуоһуйууну ылбат киһи элбэх. Ол да иһин санааны көтөҕөр тэттик кэпсээннэри, сүбэлэри суруйабын.
Ханнык баҕарар ыарахан кэмҥэ “тоннель түгэҕэр” сырдык баарын ыарыһахтарым көрүөхтэрин баҕарабын…
– Кэргэммин кытта 53 сыл бииргэ олордубут. Кинини кытта чөл, чэгиэн олоҕу тутуһабыт. Сарсыарда 4-5 чааска туран сэрээккэлиибит, күнү быһа дьарыктаах сылдьабыт. Мин быйылгыттан “Самородокка” Маргарита Григорьевна Куличкина “Доруобуйа” бөлөҕөр дьарыктанан, абыранным. Бассейнҥа, ЛФК-ҕа сылдьабын.
Сылга биирдэ-иккитэ хайаан да Кисловодскайга сонотуоруйга баран, ыраастанан, эмтэнэн, бэйэбин “өрөмүөннэнэн” кэлэбин. Ол оннугар маанытык таҥныбаппын. Оһоҕоһуҥ ыраастанан, наһаа чэпчиигин. Доруобуйабар болҕомто уурабын, ол иһин баччаҕа кэллэҕим. Миэдик буолбатаҕым буоллар, өлбүтүм ырааппыт буолуо этэ…
Ол эрээри, куруук оннук буолбатах этэ. Быраастар бэйэлэрин умнан туран, дьон туһугар бэриниилээхтик үлэлииллэр. Мин эмиэ оннук, бэйэбин олох санаабат этим, аһыырбын да умнарым. Өрөбүлгэ сынньаммакка, “суһал көмө” курдук, ыҥырдылар да, бара турарым. Дьиэбэр куруук суохпун. 1-2 нэдиэлэҕэ атын сиргэ бардахпына, төлөпүөммүн араардахпына эрэ, сынньанабын. Онтон атын уоппуска диэн миэхэ суох.
Онон оҕолорбор “үчүгэй ийэ буолуоххутун баҕардаххытына, быраас эрэ буолаайаҕыт” диирим. Иккис кыыһым Индира эмиэ чэбдигирии эйгэтигэр үлэлиир, “Равновесие” диэн йога устуудьуйатын арыйан үлэлэтэр. Ол да буоллар, оҕолорум быраас буолбатахтарыттан хомойобун.
Билигин мин ыра санаам – сахам дьонугар анаан “Детокс” диэн ыраастаныы, чэбдигирии киинин арыйыахпын баҕарабын да, сааһыран хааллым. Быраас оҕолооҕум буоллар, дьыалабын салгыах этэ.
Уус Алдаҥҥа Бээди төһө даҕаны киинтэн тэйиччи, кытыы буолбутун иһин, олус сэргэх олохтоох. Манна бааллар…
Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл ХИФУ бэрэпиэссэрэ, биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы. Ытык киһи Эһээ Дьыл диэн…
Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…
Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed массыына 55 саастаах суоппара утары…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…