Саҥа дьылга хас күн өрүүбүт?

Share

Номнуо Саҥа сыл тыына биллэн эрэр, маҕаһыыннарга табаар дэлэйбит. Быйыл Саҥа сыл бырааһынньыгар 10 күн өрүөхпүт.

Дойду Үлэҕэ министиэристибэтэ быһаарарынан, сорох бырааһынньык күннэр субуотаҕа уонна өрөбүлгэ түбэһэллэрин быһыытынан, атын күннэргэ көһөн биэрэллэр. Онон маннык өрүүбүт:

— Тохсунньу 1-8 күннэрэ — Саҥа дьыл өрөбүллэрэ (2023 сыл ахсынньы 30 күнүттэн саҕалаан барыта 10 күн сынньанабыт),

— Олунньу 23 күнэ – Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ (олунньу 23-25 күннэригэр өрүүбүт),

— Кулун тутар 8 күнэ – Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрэ (кулун тутар 8-10 күннэригэр өрүүбүт),

— Ыам ыйын 1 күнэ – Эйэ, үлэ бырааһынньыга (муус устар 28 – ыам ыйын 1 күннэригэр өрүүбүт),

— Ыам ыйын 9 күнэ – Кыайыы күнэ (ыам ыйын 9-12 күннэригэр өрүүбүт),

— Бэс ыйын 12 күнэ – Арассыыйа күнэ,

— Сэтинньи 4 күнэ – Норуот сомоҕолоһуутун күнэ (сэтинньи 3-4 күннэригэр өрүүбүт),

— Саҥа сыл бырааһынньыгар ахсынньы 29-31 күннэригэр өрүүбүт диэн суруйаллар. 2025 сыллааҕы  билиҥҥитэ бигэргэнэ илик, онон Саҥа сыл бырааһынньыгын тохсунньутааҕы өрөбүллэрэ киирбэтэхтэр.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago