Саҥалыы көрүү ирдэнэр
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин үлэһиттэрин үгэскэ кубулуйбут тохсунньутааҕы мунньаҕа буолан ааста. Урутаан эттэххэ, урукку курдук лип олорор уһун-киэҥ мунньах суох. Чопчу, тэтимнээх, тиийимтиэ…
Саҥалыы сыһыан
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕар тыл эттэ, соруктары туруорда.
“Хас биирдии оскуола, кэллиэс, үрдүк үөрэх иннигэр үрдүк таһымнаах каадыры бэлэмнээһин соруга туруохтаах. Үөрэх тэрилтэлэрэ исписэлиистэри экэниэмикэҕэ анаан бэлэмнээбит кылааттара кинилэр төһө көдьүүстээхтэрин сыаналыыр сүрүн киритиэрийинэн буолар. Онон, тохсунньутааҕы мунньахха хайысхаларынан үөрэтии кыһалҕаларын көрдөрөр, уопсай үөрэхтээһин үрдүк үөрэхтэри, билими, экэниэмикэ салааларын кытта бииргэ үлэлэһиитин туһунан ыйыллыбыт тиэмэтэ сөптөөх”, – диэн Ил Дархан эттэ.
Кини күн бүгүн политиэхиньиичэскэй хайысхалаах оскуола ахсаана 15%-тан аҕыйаҕын ыйда. Маны кытта кэлиҥҥи сылларга бырамыысыланнай тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлэһии күүһүрбүтүн, инники күөҥҥэ сылдьар хампаанньалар 26 фирменнэй кылаастара аһыллыбытын иһитиннэрдэ, ол иһигэр, Роснефть, АЛРОСА, Колмар, Росатом, уо.д.а. Фирменнэй кылаастары өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ “Саханефтегазсбыт”, “Якутскгеология”, “Полярные авиалинии” эмиэ арыйаллар. Бу курдук бииргэ үлэлэһиини күүһүрдэр ирдэнэр диэтэ.
“Дьокуускай Уһук Илиҥҥэ үрдүк технологиялаах, айар уонна саҥаны киллэрэр салаалаах, дьону таһар тырааныспар бөдөҥ хайысхатын киинэ, ирбэт тоҥноох сиргэ дьон олороругар саамай табыгастаах куорат быһыытынан сайдыаҕа”, – диэн эттэ. Маныаха үрдүк квалификациялаах каадыры бэлэмнээһин соруга, аныгы үөрэҕи тэрийии, хаачыстыба инники күөҥҥэ турарын ыйда.
Ил Дархан кэлиҥҥи сылларга креативнай индустрияҕа, сыыппараҕа, инфокоммуникацияҕа, сыыппара контенын бэлэмнээһиҥҥэ ирдэнэр физика-математика хайысхатын талар оҕо аҕыйаан иһэрин иһитиннэрдэ. 2021 сылтан биир кэлим эксээмэҥҥэ уустугурдуллубут математиканы талар оҕо ахсаана ¼, физикаҕа 1,5 төгүл, үс сыл иһигэр информатиканы талар оҕо ахсаана икки төгүл аҕыйаабыт. Бу хайысхаҕа үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаата, чопчу суоллары ыйда.
1997 сыллаахха СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев тэрийбит Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимин уларыта тутар ирдэнэрин эттэ. Бүгүҥҥүтэ тустаах ситимҥэ куорат 11, улуустар 10 гимназиялара, лиссиэйдэрэ киирэллэр.
Тутуу
Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа Үөрэх уонна билим министиэристибэтин ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотуттан саҕаланна. Сүрүн дакылааты миниистир Нюргуна Соколова оҥордо. Миниистир үөрэх хас биирдии салаатыгар тохтоон, туох ситиһиллибитин, туох кыайтара илигин бэлиэтээтэ итиэннэ түмүккэ инники соруктары билиһиннэрдэ.
Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх үөрэх дьиэтэ тутуллубут. Ол курдук, миниистир “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн ураты эбийиэктэр тутуллубуттарын ыйда итиэннэ онтон сорохторун ааттаталаата: Дьокуускай куорат ДьТК (ДСК) түөлбэтигэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев аатынан 990 миэстэлээх оскуола, Дьокуускайдааҕы кадетскай интэринээт-оскуола, Жатай бөһүөлэгэр 360 миэстэлээх уоту кэмчилиир технологиялаах саҥа оскуола, Ытык Күөлгэ 100 миэстэлээх интэринээттээх, 450 үөрэнэр миэстэлээх аныгы оскуола, ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит нэһилиэккэ Бэс Күөлүгэр (Горнай) 150 миэстэлээх оскуола. Итини таһынан, араас бырагыраамаларынан өссө 9 оскуола, 4 уһуйаан, 3 оскуола модульнай спортивнай саалата тутуллубуттар.
“Дьокуускай куорат оскуолаларыгар эбии дьиэлэри тутуу түмүгэр, уһун кэм устата аан бастакытын кылааска элбэх оҕо үөрэниитин аҕыйаттыбыт уонна Д.И.Ягодкин аатынан 19-с нүөмэрдээх, Марха 1-кы нүөмэрдээх, Жатай 1-кы нүөмэрдээх оскуолалара биир симиэнэҕэ көстүлэр”, – диэн иһитиннэрдэ. Уонунан сыллар устата куоракка оскуола тутуллубакка, кэккэ уустуктары үөскэтэ сырытта. Билигин даҕаны сорох кылаастарга түөрт уончалыы оҕо үөрэнэр. Онон тустаах кыһалҕаҕа болҕомто ууруллубута, ону ааһан сорох оскуолалар биирдии симиэнэҕэ көспүттэрэ чахчы үөрүүлээх сонун.
Педагог
Үөрэх тэрилтэлэригэр сыллата 1,5 тыһ. кэриҥэ үлэһит ирдэнэр. “Ыстатыыстыка отчуотугар олоҕурдахха, каадыр ахсаана 2023 сыллааҕы таһымҥа тэҥнэһэр. Үрдүк категориялаах педагог ахсаана эбиллиитэ бэлиэтэнэр. Ону кытта 35-гэр диэри саастаах педагог ахсаана 2,9% көҕүрээбитэ көстөр.
Былырыын педагогическай-психологическай кылааһы бүтэрбит 555 оҕоттон 71 оҕо педагогическай идэҕэ туттарыста. Бу хайысхаҕа өссө үлэлэһэрбит ирдэнэр”, – диэн миниистир бэлиэтээтэ.
2024 сыл түмүгүнэн педагогическай кэллиэһи бүтэрбит 499 киһиттэн 62,5% идэтинэн үлэлии киирбит. 427 үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дьонтон 50-тан тахса бырыһыана идэтинэн үлэлиирин эттэ.
Быйылгы тэрээһин бырагырааматыттан көрдөххө, каадыр боппуруоһун быһаарар соруктаах хас даҕаны мунньах былааннаммыт. Ол курдук, педагогтары тус сыаллаах бэлэмнээһин, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын, улуус баһылыктарын социальнай боппуруостарга солбуйааччыларын кытта тус-туспа мунньахтар, идэҕэ эрдэттэн туһаайыыга бииргэ үлэлэһии сиэссийэтэ о.д.а. бааллар.
Эксээмэн
Үөрэх хаачыстыбата биир кэлим эксээмэнинэн эрэ сыаналамматын өйдүүбүт эрээри, тустаах боппуруос хас биирдии ыалы таарыйарын быһыытынан, син биир болҕомто киинигэр сылдьар. Оҕо баҕарбыт үөрэҕэр киирэрэ эксээмэнтэн быһаччы тутулуктаах.
“Биир кэлим эксээмэн бастакы түмүгүнэн 2023-2024 үөрэх дьылыгар эксээмэни туттарыы таһыма үрдээтэ. Онтон эксээмэни ситиһиилээхтик туттарбыт оҕо ахсаана эбилиннэ. Ааспыт үөрэх дьылын кытта тэҥнээтэххэ орто баал физикаҕа 28%, уустугурдуллубут математикаҕа 16%, химияҕа 6% үрдээтэ. Эксээмэни үрдүк баалга туттарбыт оҕо ахсаана эбиллибит: уустугурдуллубут математикаҕа – 10%, физикаҕа – 5%, химияҕа – 3%, биологияҕа – 1%.
Итини тэҥэ, ирдэнэр алын баалы (“порог”) ылар оҕо ахсаана физикаҕа 18%, математикаҕа уонна химияҕа 6% эбилиннэ. Ол эрээри, бу эбиллии талар биридимиэт ахсаана көҕүрээбитин кытта ситимнээх. Онон биһиги профильнай бэлэмнээһиҥҥэ болҕомтону уурабыт”, – диэн миниистир иһитиннэрдэ. Биллэн турар, кэккэ боппуруостар бааллар эрээри, кыралаан иннибит диэки сыҕарыйыы баара көстөр.
2024 сыллааҕы эксээмэн түмүгүнэн, Саха сирэ Рособрнадзор эриэйтинигэр 68-с миэстэттэн 39-с миэстэҕэ тахсыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: