Санитарнай авиация: сыл саҥатыттан икки тыһыынча кэриҥэ киһи олоҕо быыһанна

Share

Өрөспүүбүлүкэтээҕи катастрофа мэдиссиинэтэ (РЦМК) сыл саҕаланыаҕыттан  барыта 1243 санитарнай-авиационнай сорудаҕы толорбут.

Ол иһигэр, бөртөлүөт 832 көппүт, 34 сиринэн айан буолбут. Ол түмүгэр уопсайа 1 824 киһиэхэ көмө оҥоһуллубут, итинтэн 289 оҕо.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин уратытын, сылы эргиччи сиринэн айан суоҕун, аҕыйахтыы киһилээх нэһилиэнньэлээх пууннар уустук суоллаах-иистээх сиргэ олороллорун учуоттаан дьоҕус авиацияҕа наадыйыы баарын бэлиэтээбитэ. Бэрэсидьиэн сорудаҕынан Саха сирин санитарнай авиациянан хааччыйыыга улахан болҕомто ууруллар, уустук уонна аҕыйах сырыылаах улуустарга ситим тупсарылынна диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.

Санитарнай авиация бүгүн мэдиссиинэҕэ саамай наадалааҕынан буолар. Ыарыһахтарга, эчэйбиттэргэ суһал мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллар. Катастрофа мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ күн ахсын Саха сирин улуустарын олохтоохторугар көмөлөһөр. Ордук сүрэх-тымыр ыарыылаахтар, эчэйбиттэр, итиигэ буспуттар, тоҥмуттар, ону сэргэ оҕолонор ийэлэр, уо.д.а. суһал көмөҕө ордук наадыйаллара элбэх, — диэн катастрофва мэдиссиинэтин киинигэр кэпсииллэр.

Санатан эттэххэ, мэдиссиинэ суһал көмөтө уонна суһал эвакуациялааһын санитарнай авиациянан оҥоһуллар. Бу Дьокуускайга уонна сэттэ сиргэ филиаллаах:  Орто Халымаҕа, Баатаҕайга, Ньурбаҕа, Мииринэйгэ, Тиксиигэ, Нерюнгригэ, Ленскэйгэ. Санитарнай авиация суһал көмөнү оҥорорго мэдиссиинэ аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт 5  самолеттаах уонна 17 бөртөлүөттээх.

2023 сылга санитарнай авиациянан 340 көтүү былааннаммыт, сыл бүтүүтүгэр 374 санитарнай рейс оҥоһуллубут. 707 киһи балыыһаҕа аҕалыллыбыт.

Саха сиригэр санитарнай авиация РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээһининэн, «Развитие системы оказания первичной медико-санитарной помощи» федеральнай бырайыагынан олоххо киллэриллэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ: билгэһиттэр, Моҕой сылыгар төрөөбүттэр, тохсунньуну анаарыы

“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөлгэ саҥа кыһа аһыллыытын өрөгөйдөөх күнэ (видео)

Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

2 часа ago