“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Аҕа дойдуну араҥаччылыы,
Ийэ сири көмүскүү баарта
Алаһа дьиэ аҕа баһылыга,
Бэйэтин көҥүл иэһин толоро.
Түүн этэ.. . Эмискэ этиҥ эппитэ…
Соһуччу бэбиэскэ кэлээтин кытта
Аҕыйах сөкүүндэнэн бэлэм буолаат,
Утуйа сытар оҕолорун сыллаата.
Кэргэнэ атаарта кыайыыны баҕаран,
Норуота харыстаан харысхал биэрэн,
Көмүскэс санаалаах Күн Айыы дьонноро,
Күүс-көмө буоланнар өйөөбүттэрэ.
Барбыттар бука бары дьоруойдар,
Ньиргийэн ааһар охсуһуу уотуттан,
Сэрииттэн тыыннаах хааллыннар кинилэр,
Эйэлээх олоҕу уһансыбыттар.
Хорсун-хоодуот саллаат тоҥ күөнүнэн көрсүһүө,
Хомпоруун хотойдуу хорсуннук охсуһуо,
Кырдьык иһин охсуһан кыайыа-хотуо,
Кыһыл былааҕы хоточчу өрө тутуо.
Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүр миэрэлэри олоххо киллэрэргэ…
Үгүс үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн баай Өлүөхүмэ улууһун 1-Нөөрүктээйитээҕи модельнай бибилэтиэкэтигэр сылы түмүктүүр тэрээһин буолан ааста –…
Кэлиҥҥи сылларга киин куоракка уонна улуустарга уопсастыбаннай сирдэр тупсаҕай оҥоһуулаах буолбуттарын Ил Дархан бүгүҥҥү Ил…
Арассыыйаҕа “Оҕо сүрүн ырыалара” айар бырайыак күүскэ сайдар. Бэрэсидьиэн култуура көҕүлээһиннэригэр пуондатын өйөбүлүнэн Кыайыы мусуойа…
“Сахафильм” киинэ хампаанньа салайааччыта Алексей Егоров култуура, патриотизм туһунан санаатын үллэстэр: -Ил Дархан бүгүн Ил…
Саҥа 2026 сылга үктэнэрбит чугаһаата. Хас биирдии дьиэ кэргэн, оҕотуттан улахан киһитигэр тиийэ, саҥа сылтан туох…