ИЙЭ ДОЙДУҤ КЭТЭҺЭР
Аҕаттан айыллан,
Ийэттэн бигэнэн,
Уол оҕо төрөөҥҥүн
«Дьол күнүн» эппитиҥ.
Күн ахсын мускуллан
Күүс күдэх мунньунан,
Саар былчыҥ эбинэн
Хоһуун уол улааттыҥ.
Ийэ сир уһуутуур
Ыарахан кэмигэр,
Эн бастаан тылланан
Хардыыны оҥордуҥ.
Сахабыт төлкөтө
Өбүгэ тирэҕэ,
Эрэнэр Эйиэхэ
Эр хоһуун буойуҥҥа.
Өй-мэйии үлэнэн
Сылбырҕа туттуунан,
Уот харах ытыынан
Мэктиэҕин эн толор.
Ол эрэн, сэрэнэн
Бүөлэнэн, бүрүнэн,
Харгыстан харыстан,
Үс муннук кырыылан.
Ил-эйэ туһугар
Кыргыһар буойуну,
Ийэ дойдуҥ хаххалыыр!
Тыын уган арчылыыр !
Маннык тэттик сүбэлэри тутустаххына, настарыанньалаах, үөрэ-көтө сылдьыаҥ, кыраттан иҥнэн-бохтон туруоҥ суоҕа. Сэниэлээх, күүстээх-уохтаах буолуоҥ. -бэйэҕин…
Нассынаалынай байыаннай оскуоланы бүтэрбит сержант Семен Петрович Жирков төрөөбүт-үөскээбит Намыгар тахсан 1939-1941 сылларга байыаннай остуол…
Арыгы организмҥа буортутун бары билэр курдукпут. Бу аһыы утах элбэх уорганы сүһүрдэриттэн чуолаан сүрэх үлэтигэр…
“Ежевика тымырдары бөҕөргөтөр кыахтаах. Састаабыгар С битэмиини уонна антиоксиданнары булуохха сөп”, - диэн диетолог, терапевт-быраас…
Халлаан тымныйан, биһиги курдук дьон дьиэҕэ хаайтарар кэммит кэллэ. Хаарыан өрөбүлүм таах хаалаары гынна, сырдык…
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…