Саргылаана Скрыбыкина: «Дойдубут дьонун-сэргэтин биир санаа түмүөхтээх»

Share

 Арассыыйа-Украина сыһыаннаһыыларыгар уонна буола турар байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт санааларын үллэстэллэр, бары түмсүөҕүҥ дииллэр. 

Саргылаана Анатольевна Скрыбыкина, Дьокуускайдааҕы килиэп оҥорор кэмбинээт генеральнай дириэктэрин солбуйааччы:

— Биллэрин курдук, килиэп киһи аймах сүрүн аһылыга буолар, ол иһин, биһиги тэрилтэбит стратегическай суолталаах эбийиэгинэн биллэр. Дойдубут уустук, быыһык кэмҥэ үктэммитин өйдөөн, Ил Дархаммыт Айсен Николаев уонна СӨ Бырабыытылыстыбата  нэһилиэнньэни бурдугунан хааччыйыыга үлэни  эрдэ тэрийбиттэрэ. Онон бүгүҥҥү саппааспытынан 2023 сыл бэс ыйыгар диэри куораты, куорат таһынааҕы нэһилиэктэри уонна чугас улуустары килиэбинэн толору хааччыйар кыахтаахпыт.

Анал байыаннай эпэрээссийэни дойдубут салалтата баар кутталлары барытын ыраҥалаан көрөн баран сөпкө саҕалаабыта. Маннык уустук кэмҥэ дойдубут дьонун-сэргэтин биир санаа түмүөхтээх. Арассыыйа бу туруулаһыыттан кыайыылаах тахсан, эйэлээх олоҕу аҕаларын туһугар сомоҕолоһуохтаахпыт. Инники кирбиигэ сылдьар байыастарбыт туһугар ыалдьыаҕыҥ, көмөлөһүөҕүҥ,  Үрдүк Айыылартан көрдөһүөҕүҥ!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

8 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

11 часов ago