Саргылаана Скрыбыкина: «Дойдубут дьонун-сэргэтин биир санаа түмүөхтээх»
Арассыыйа-Украина сыһыаннаһыыларыгар уонна буола турар байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт санааларын үллэстэллэр, бары түмсүөҕүҥ дииллэр.
Саргылаана Анатольевна Скрыбыкина, Дьокуускайдааҕы килиэп оҥорор кэмбинээт генеральнай дириэктэрин солбуйааччы:
— Биллэрин курдук, килиэп киһи аймах сүрүн аһылыга буолар, ол иһин, биһиги тэрилтэбит стратегическай суолталаах эбийиэгинэн биллэр. Дойдубут уустук, быыһык кэмҥэ үктэммитин өйдөөн, Ил Дархаммыт Айсен Николаев уонна СӨ Бырабыытылыстыбата нэһилиэнньэни бурдугунан хааччыйыыга үлэни эрдэ тэрийбиттэрэ. Онон бүгүҥҥү саппааспытынан 2023 сыл бэс ыйыгар диэри куораты, куорат таһынааҕы нэһилиэктэри уонна чугас улуустары килиэбинэн толору хааччыйар кыахтаахпыт.
Анал байыаннай эпэрээссийэни дойдубут салалтата баар кутталлары барытын ыраҥалаан көрөн баран сөпкө саҕалаабыта. Маннык уустук кэмҥэ дойдубут дьонун-сэргэтин биир санаа түмүөхтээх. Арассыыйа бу туруулаһыыттан кыайыылаах тахсан, эйэлээх олоҕу аҕаларын туһугар сомоҕолоһуохтаахпыт. Инники кирбиигэ сылдьар байыастарбыт туһугар ыалдьыаҕыҥ, көмөлөһүөҕүҥ, Үрдүк Айыылартан көрдөһүөҕүҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: