Саргылана Аммосова: «Дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕа толоруллуоҕа»
Саргылана Аммосова, РФ ойуурун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха суолталаах туһаайан этиитинэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
— Биһиги, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээннэрэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылын ахсын Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитин сэргии иһиттибит. Бэрэсидьиэн экологическай сайдыы боппуруостарыгар ураты болҕомтону уурда. Хас да сыл устата үөскээбит кыһалҕалары быһаарарга, ордук тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир исписэлиистэр хамнастарын үрдэтэр наадалааҕын эттэ. Бэрэсидьиэн бэлиэтииринэн, кинилэр элбэх суолталаах боппуруостары быһаараллар, ол эрээри дохуоттара олус кыра диэн чиэһинэйдик этиэххэ наада. Биһиги уопсастыбаннай тэрилтэбит, Ойуур хаһаайыстыбатын идэлээх сойуустарын рескомун чилиэннэрэ, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр хамнас үрдэтэр наадалааҕын туһунан үгүс элбэх этиилэри дойду бырабыыталыстыбатыгар суруйбуппут.
Бу хайысхаҕа уопуттаах каадыр аҕыйыыра көстөр, ыччат кэлбэт. Дьиҥэр, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин иннилэригэр ойууру чөлүгэр түһэрии, туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын салаатын сыыппараҕа киллэрии улахан соруктар тураллар. Дойдубут Бэрэсидьиэнин сорудаҕа толоруллуоҕа диэн эрэнэбит! Саха сирин тыатын харыстааһыҥҥа өссө таһаарыылаахтык үлэлиэхпит диэн баҕарабын!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: