Саргылана Аммосова: «Дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕа толоруллуоҕа»

Share

Саргылана Аммосова, РФ ойуурун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ  Владимир Путин Федеральнай Мунньахха суолталаах туһаайан этиитинэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ.

— Биһиги, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээннэрэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылын ахсын Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитин сэргии иһиттибит. Бэрэсидьиэн экологическай сайдыы боппуруостарыгар ураты болҕомтону уурда. Хас да сыл устата үөскээбит кыһалҕалары быһаарарга, ордук тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир исписэлиистэр хамнастарын үрдэтэр наадалааҕын эттэ. Бэрэсидьиэн бэлиэтииринэн, кинилэр элбэх суолталаах боппуруостары быһаараллар, ол эрээри дохуоттара олус кыра диэн чиэһинэйдик этиэххэ наада. Биһиги уопсастыбаннай тэрилтэбит, Ойуур хаһаайыстыбатын идэлээх сойуустарын рескомун чилиэннэрэ, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр хамнас үрдэтэр наадалааҕын туһунан үгүс элбэх этиилэри дойду бырабыыталыстыбатыгар  суруйбуппут.

Бу хайысхаҕа уопуттаах каадыр аҕыйыыра көстөр, ыччат кэлбэт. Дьиҥэр, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин иннилэригэр ойууру чөлүгэр түһэрии, туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын салаатын сыыппараҕа киллэрии улахан соруктар тураллар. Дойдубут Бэрэсидьиэнин сорудаҕа толоруллуоҕа диэн эрэнэбит! Саха сирин тыатын  харыстааһыҥҥа өссө таһаарыылаахтык үлэлиэхпит диэн баҕарабын!

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

3 минуты ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

36 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

1 час ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

2 часа ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

3 часа ago