Балаҕан ыйын 18 күнүттэн Сбербааҥҥа чэпчэтиилээх ипотеканы биэрэр бырагыраама тохтотулунна диэн баан пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Тоҕо?
Төрүөтэ судургу эбит — РФ бырабыыталыстыбата бу чэпчэтиилээх ипотекаҕа анаан биэрбит үбэ-харчыта бүппүт. Бэҕэһээ эрэ дьиэ кэргэн чэпчэтиилээх ипотекатын ыларга суруйтарбыт дьоҥҥо биэриэхтэрэ, ол эрээри, бүгүҥҥүттэн ыла суруйтарыы, докумуону туттарыы тохтообут.
Өскөтүн судаарыстыба эбии харчы көрдөҕүнэ, чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии салҕаныаҕа. Быйыл от ыйыттан ыла Сбербаан 237 миллиард солкуобай суумалаах 43 300 чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрбит.
Дьиэ кэргэн ипотеката 2018 сылтан саҕлааммыта. Быйыл сайын бырагыраамаҕа уларыйыылар киирбиттэрэ. Манна 6-гар диэри саастаах биир оҕолоох, эбэтэр, икки сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох (биир сокуоннай сааһын туола илик инбэлиит оҕолоох) дьиэ кэргэттэр кыттыахтарын сөп. Саҥа кыбартыыра ыларга, эбэтэр, чааһынай дьиэ туттарга ипотека үбүн туһаныахха сөп. Чэпчэтилээх ипотека бырыһыана — 6%.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…