2024 сыл тохсунньутугар СӨ Быыһыыр сулууспата массыына суоппара уонна пассажирдар ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэспиттэрин туһунан ыҥырыыга 14 аварийнай-быыһыыр үлэни ыыппыт. Хаар харгыска түбэһии, массыына суол ортото алдьаныыта, суол саахала курдук быһылааннар буолбуттар. Уопсайа бу ыҥырыыларга 41 быыһааччы үлэлээбит.
СӨ Быыһыыр сулууспата суолга турунуох иннинэ массыына туругун үчүгэйдик көрүнэргэ ыҥырар. Күн-дьыл туругун эрдэттэн билэн, суол быраабылатын тутуһан айааннааҥ диир. Итиэннэ ыраах айаҥҥа өйүө ас, испиискэ, банаар, сылаас таҥас илдьэ барар ордугун сэрэтэллэр.
Ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ «112» эбэтэр 8 (4112) 45-90-19 төлөпүөннэргэ эрийэн көмөтө көрдөөҥ.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038