Бэҕэһээ ”Сэбээн Күөл” МУП дириэктэрэ Людмила Бурцева 9-с №-дээх ыстаадаҕа таба төрүөҕүн билистэ. Таарыйа ыстаада үлэһиттэригэр эми-тому, бэтэринээринэй эмтэри, таҥаһы, сайылыыр бородуукталарын тириэртэ.
Людмила Бурцева этэринэн, бу ыстаадаҕа 100 тахса тугут төрөөбүт. Ол да буоллар ыстаадаттан чугас тыатааҕы суолун көрбүттэр. Онон табаһыттар күнүстэри-түүннэри манаан, дьуһуурустубалыыллар. Уопсайынан, табалар маассабайдык төрөөһүннэрэ саҕаламмыт. Билиҥҥи туругунан икки ыстаадаҕа аһы-үөлү, эми-тому, таҥаһы тиэртилэр. Аны саамай хоту сытар ыстаадаларыгар илдьиэхтэрэ.
Табаны иитэр хаһаайыстыба билигин 13 оҕону сайыҥҥы сынньалаҥнарын кэмигэр үлэҕэ ылаары былаанныыр. Оҕолор ыстаадаҕа тахсарга сайабылыанньа суруйбуттар. Үөрэх дьыла бүтэрин кэтэһэллэр. Маны тэҥэ МУП 15-17 үлэтэ суох киһини Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга киинин нөҥүө үлэлэтэн эрэр. Сорохтор ыстаадаҕа, сорохтор хаһаайыстыбаҕа үлэлии хаалбыттар.
Ити курдук, “Сэбээн Күөл” МУП-ка сааскы үлэ үгэнэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…