Сэбиэскэй карикатурист быыстапката аһылынна

Share

Муус устар 4 күнүгэр «Арассыыйа — мин устуоруйам» пааркаҕа «Острый карандаш Бориса Ефимова» быыстапка арылынна. Мультимедийнай көрүҥүнэн график-худуоһунньук  Борис Ефимович Ефимов 200 үлэтэ көрдөрүүгэ турда. 

Хаартыска: СИА,

ССРС норуодунай худуоһунньуга, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, бэлитиичэскэй карикатура маастара Борис Ефимов үс үйэҕэ олорбута, айбыта-туппута. Кини 107 сааһыгар диэри уруһуйдуура, 109 сааһыгар өлбүтэ. Кини бэйэтин кэмин улуу түгэннэрин — Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин, гражданскай, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриилэри, улугуруу кэмин, уларыта тутууну, о.д.а. уруһуйдаабыта, 21-с үйэҕэ кытта үлэлээбитэ.

Дьокуускайга кини быыстапкатын биллэр уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, суруйааччы Николай Стариков экскурсия оҥорон, билиһиннэрдэ.

Быыстапкаҕа худуоһунньук ааспыт үйэ 30-70 сылларыгар айбыт үлэлэрэ, устуоруйа кэрэһиттэрэ киирбиттэр.

— Борис Ефимов карикатуралара билигин да сытыылар, тоҕо диэтэр, «тымныы сэрии» саҕана ССРС арҕааҥҥы күүстэри кытары утарыта турсуутун дьүһүйбүтэ. Билигин да Арассыыйаҕа бу кыһалҕа сытыытык турар, — диэн Николай Стариков эттэ.

Николай Стариков бу мультимедийнай быыстапканы Арассыыйа 10 куоратыгар билиһиннэрэр. Уһук Илиҥҥэ Дьокуускайтан саҕалаата. Кини өссө лиэксийэ аахта  уонна «Террор. Кому и зачем он нужен» кинигэтин сүрэхтээтэ. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

15 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тааттаҕа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэллэр

Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…

58 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ

Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…

1 час ago