Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Share

Бүгүн, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов төрөөбүт  күнүгэр, кини аатын сүгэр Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуолатын сиригэр-уотугар турар пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн ууруу долгутуулаах тэрээһинэ буолла.

Бырабыыталыстыба салалтатын сэргэ, Ил Түмэнтэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан уонна бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ, ыччаттар түмсүүлэрэ, Дьокуускай олохтоохторо бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

«Биһиги ытык өбүгэлэрбитигэр сүгүрүйэрбитигэр, Ийэ дойдуларын кэскилин туһугар 80  сыл анараа өттүгэр оҥорбут дьоруойдуу быһыыларын санаан ыларбытыгар куруук бэйэбититтэн ыйытабыт: «Биһиги хайдахпытый? Маннык дьоруойдуу быһыыны оҥоруохпут этэ дуо?» диэн. Оттон бүгүн биһиги Арассыыйабыт аан дойдуга фашизмы утары охсуһууга турунна. Биһиги кыайыахпыт диэн эрэллээхпит», — диэн этэр РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ кэлим сүрүннүүр киинин бэрэссэдээтэлэ Андрей Федотов. Кини бүгүн, ахсынньы 8 күнүгэр, Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн иннинэ, Дьокуускайга фашизмы утары пуорум үлэтин саҕалыырын туһунан иһитиннэрдэ.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Федор Кузьмич Попов 1921 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини  1943 с. алтынньы 1 күнүгэр Глушец диэн дэриэбинэ аттыгар биир бастакынан Днепр өрүһү туораан, өстөөх траншеяларыгар бастакынан тиийэн хорсун быһыыны көрдөрбүтэ. 1944 с. тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Ф.К.Поповка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Саха сиригэр Ф.К.Попов аатын үйэтитэргэ элбэх үлэ ыытыллар. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата төрөөбүт дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Дьокуускай, Гомель куораттар уулуссаларыгар иҥэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ киинигэр, Майаҕа уонна Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр пааматынньыктар туруоруллубуттара. Кини аатын Дьокуускай куорат 20 №-дээх орто оскуола сүгэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

44 минуты ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

13 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

13 часов ago