Сэдэх экспонаттар. Көһөрүллүү туоһулара (ВИДЕО)
Чурапчы улууһугар Хатылыга баар түмэлгэ биэс тыһыынчаттан тахса экспонаттаах. Манна болҕомтону тардар, киһини улаханнык уйадытар, дириҥ историялаах мал-сал арааһа баар.
Лүһүгүрүүр тэлиэгэ
Бүгүн биһиги ааҕааччыларбытыгар анаан, 1942 сыллаахха көһөрүллүүгэ барарга ананан оҥоһуллубут дүлүҥ көлүөһэлээх лүһүгүрүүр тэлиэгэ, мас холбука, ат үүнүн уонна чэй бытарытар тэрил туһунан түмэл дириэктэрэ Марфа Чичигинарова кэпсиир:
– 1942 сыл атырдьах ыйыгар Чурапчы оройуонун 41 холкуоһа хоту оройуоннарга Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа фронт туһатыгар балыктыы диэн көһөрүллүбүтэ.
Күүс өттүнэн хоту оройуоннарга көһөрүү быһымах дьаһалтан тахсан, саха норуотугар сүҥкэн содулу оҥорбута биллэр. Ол эрээри, оччолорго хайдахтаах да утарылаһыы көмөлөспөт буолбутун дьон чуолкайдык өйдөөбүтэ. Бэстээххэ диэри тугунан айанныыр улахан аймалҕана турбута. Холкуостарга тэлиэгэ диэн бэрт аҕыйах баара, көлө тиийбэт этэ. Манна Чурапчы оройуонун райсоветын исполкомун бэрэссэдээтэлэ Н.Н.Барашков булугас өйө көмөлөспүтэ. Кини дьаһалынан холкуостар аайы уус дьону түмэннэр, баара-суоҕа икки хонук иһигэр уонтан тахсалыы, барыта 550-ча тэлиэгэни оҥорбуттара. Оҕус тардарыгар анаан түөрт көлүөһэлээҕи, ат тардарыгар анаан икки көлүөһэлээх тэлиэгэлэр бэлэм буолбуттара.
Бу кэпсиир дүлүҥ көлүөһэлээх тэлиэгэбит Кытаанах нэһилиэгиттэн “Дьахтар уҥуоҕа” диэн Килэҥкиттэн 16 км сиртэн көстүбүтэ. Көһөрүллүү кыттыылааҕа Иван Данилович Лонгинов оччолорго бу тэлиэгэни 17 саастаах сылдьан оҥорсубут.
Маннык тэлиэгэ көлүөһэлэрэ сүнньүн кытта аалсаннар тыастара биир кэм кыыбырҕаан, хайдах эрэ сороҕор киһи ытыырын, сороҕор киһи кыланарын курдук төбөҕө хатанан хаалаллар эбит. Тиит силиһигэр эбэтэр кыра чөҥөчөккө иҥиннилэр да, хайа тардыллан хаалаллара үһү. Ат, оҕус тиийбэт буолан, ыанар ынахтары кытта көлүйбүттэр.
Холбука
Түмэлгэ араас дьылҕалаах, устуоруйалаах маллар элбэхтэр. Олортон бүгүн бу мас холбука туһунан билиһиннэрэбит.
Бу педагогическай үлэ бэтэрээнэ, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа Анастасия Степановна Чичигинарова холбуката. Кини оскуола боруогун аан бастаан атыллыырыгар, эһэтэ Федор Иванович Иванов «оҕом үөрэхтээх киһи буолуо» диэн бэлэхтээбит. Кырачаан кыыс өйүөтүн укта сылдьыбыт. Онтон 1942 сылга Кэбээйигэ баралларыгар, бу холбукаҕа кэтэр таҥастарын, иһит-хомуос укпуттар.
Көһөрүллүүгэ баралларыгар мунньубут баайдарын, малларын-салларын олоччу хааллартараллара. Баара суоҕа 16 эрэ киилэ таһаҕаһы илдьэ баралларын көҥүллээбиттэр. Онон үгүс ыал итинник холбукатын илдьэ барбыт.
Анастасия Степановна бу холбуканы кытта оонньооботох оҕо сааһа, көһөрүллүү ыар кэмэ ыкса ситимнээхтэр. Оччотооҕу харах уулаах ыарахан сыллар дьиҥнээх туоһуларынан буоларынан, кэриэстээн уура сылдьыбыт. Түмэлгэ 1992 сыллаахха туттарбыта.
Ат үүнэ
Бу сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох ат үүнэ. Киһи истэн, ааҕан улаханнык уйадыйар.
Эдьигээҥҥэ көһөрүллүүгэ барбыттары 1944 сыллаахха дойдуларыгар төттөрү көһөрүү туһунан дьаһал тахсыбыта. Сыккырыыр тыыннара хаалбыт дьон үөрүүлээх сураҕы истэннэр, дьоллоруттан харахтарын уутунан сууммуттара.
Талахтаах диэн сиргэ эдэр Николай Марковка: “Эйигин ол балаҕаҥҥа ыҥыраллар”, – диэн эппиттэр. Уол онно тиийбитэ хараҥа, ньиксик сыттаах балаҕан оһоҕун кэннигэр уҥуох-тирии буолбут оҕонньор ытаан муҥнана сытаахтыыра үһү. Уол чугаһаабытыгар, туох баар күүһүн мунньунан кэриэһин этээхтээбит: “Тукаам, эн эдэр киһи ахтылҕаннаах дойдубутугар, Чурапчыбытыгар, тиийиэҥ буоллаҕа. Мин бу кэбилэнэн сытабын, сатаан барар, тиийэр кыаҕым суох. Аттыбар тугум да суох, арай, бу ат үүнэ баар… Бу үүн тимиригэр туох баар куппун-сүрбүн, дойдубар ахтылҕаммын барытын санаабынан, саҥабынан иҥэрдим. Эн, эдэр киһи, дойдубутугар тиийдэххинэ, бу тимири хайаан да ханна баҕарар сиргэ быраҕан кэбиһээр. Оччоҕо мин кутум-сүрүм тапталлаах Чурапчыбар тиийбитин курдук сананан, бу орто дойдуттан нус-хас араҕыам”, – диэн үөһүн таттаран, иччилээхтик саҥарбытыттан уолчаан улаханнык саллыбыт.
Марков Николай Филиппович оччолорго дойдутугар кэлбэккэ хоту олохсуйа хаалар уонна бу үүн тимирин билбэт оҕонньоро олус көрдөһөн биэрбитин санаан, элбэх сыллар усталарыгар ампаарын муннугар кыбыта анньан уура сылдьар. Үүн тимирэ 50-тан тахса сыл буолан баран, 1993 сыллаахха Чурапчытыгар эргийэн кэлбитэ. Ол аата, оҕонньор барахсан үүнүн тимирин кытта кута-сүрэ дойдутугар эргиллэн кэллэҕэ…
Чэйи бытарытар тэрил
Бу тэрили көһөрүллүүгэ Булуҥҥа Трофимовскай бөһүөлэгэр тиийэн олорбут Александра Афанасьевна Нестерова түмэлгэ 1995 сыллаахха туттарбыт.
Кини быһааран кэпсээбитинэн, маннык тэрили харыстаан уура сылдьан, хардарыта уларсыһан, биирдэ эмэ көстөр кытаанах кирпииччэ чэйи бытарыталлар эбит. Эбэтэр хатыҥ тэллэйигэр майгынныыры буланнар, эмиэ бытарытан чэй оҥостоллоро үһү. Аччыктаан адьас ыксаатахтарына, хаппыт тириини бысталаан баран, ити тэрилгэ баттыалаан имитэр курдук сымнаталлар эбит.
“Хоргуйумаары тыыммытын өллөйдөспүт кэриэс малбыт этэ”, — диирэ.
Көһөрүллүү түмэлэ
- Хатылытааҕы Көһөрүллүү түмэлин 1992 сыллаахха РСФСР үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ норуодунай учуутала, Чурапчы улууһун, Хатылы уонна Болугур нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, өр сылларга кэнчээри ыччаты иитиигэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит, Хоту көһөрүллүү устуоруйатын үйэтитиигэ үгүс үлэни-хамнаһы тэрийбит Дмитрий Павлович Чечебутов төрүттээбитэ.
- Дмитрий Павлович көһөрүллүүнү сырдатыыга ис сүрэҕиттэн ылсан, элбэҕи ирдиир, көрдүүр үлэни ыытар. Тэрийбит түмэлэ, суруйбут кинигэлэрэ, үлэтэ барыта дьиҥнээх докумуоннарга, ахтыыларга олоҕуран сурулуннулар, оҥоһулуннулар. Дмитрий Павлович сыраласпыт, саҕалаабыт, атаҕар туруорбут түмэлэ быйыл тэриллибитэ 30 сылын туолла.
- Түмэл пуондатыгар барыта 5826 экспонат баар. Үксэ ахтыылар уонна хаартыскалар буолаллар.
- Түмэли билигин СӨ култууратын туйгуна Марфа Владимировна Чичигинарова салайар.
Сиһилии видеоны уонна хаартыскалары көрүҥ.
Балаһаны бэлэмнээтилэр Марфа Чичигинарова, Сардаана Баснаева.
Хаартыскалар Иосиф Слепцов түһэриилэрэ, түмэл тиксэриилэрэ. Видео түмэл пуондатын харайааччы Иосиф Слепцов устуута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: