2005 сыл сэтинньи 25 күнэ саха норуотугар дьоһун суолталаммыта – бу күн ЮНЕСКО Олоҥхону «киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайа» диэн аан дойду шедеврдэрин ахсааннарыгар киллэрбитэ. Бу улахан ситиһиибитин кэрэһилээн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо күнэ олохтоммута.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин «Ааҕыы эйгэтэ» литэрэтииринэй түмсүүтэ сэтиннньи 23 күнүгэр, сэргэх сэһэннээх сэрэдэ күн, бэйэтин ааҕааччыларын олоҥхо тула түмтэ.
Дьоро күн дьоһун-мааны ыалдьыттарынан буоллулар: фольклорист, Муусука уонна фольклор түмэлин научнай үлэһитэ, М.Н. Жирков аатынан мусукаалынай кэллиэс үөрэтээччитэ, СӨ култууратын туйгуна Варвара Валерьевна Обоюкова, норуот талааннааҕа, оһуохайдьыт, «Дархан этээччи», тойуксут, олоҥхоһут Михаил Михайлович Евсеев-Куруһаай Мэхээлэ уонна олоҥхоһут, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Валентин Гаврильевич Исаков.
Олоҥхо дьоро киэһэтэ саха олоҥхотун чинчийиигэ сүҥкэн кылааттаах артыыс, суруйааччы, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай наҕараадатын лауреата Гавриил Гаврильевич Колесов төрөөбүтэ 90 үбүлүөйдээх сылыгар ананна.
Ол курдук, айылҕаттан ураты айдарыылаах, чаҕылхай талааннаах сүдү киһибит сахалыы ырыа-тойук, кылыһах, олоҥхо туһунан бүччүм санааларын сэһэргиир «Саха омук саарына Гавриил Колесов» диэн харахтарынан доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо анаан саҥа тахсыбыт кинигэни ааптар Варвара Обоюкова билиһиннэрдэ.
Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт – Куруһаай Мэхээлэ, Валентин Исаков толорон, сэһэн-кэпсэл, ырыа-тойук кэһиилээх сэргэх киэһэбитин киэргэттилэр, оһуохайдаан сүргэбитин көтөхтүлэр.
Саха омук саарына Гавриил Колесов үйэлэртэн үйэлэргэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо суруллубут тыыннаах куолаһа чугдаарарын тухары саха куттааҕы үөрэтиэ-такайыа, саха олоҥхотун сүппэт, симэлийбэт тыыннаан сайыннарыа, сөргүтүө!
Ульяна ЧИЧИГИНАРОВА, Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин бибилэтиэкэрэ
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…