Сэллик саһан сытан «сииринэн» кутталлаах
Төһө да сайдыылаах ХХI үйэҕэ олордорбут, сэллик ыарыыта букатыннаахтык ааһан-араҕан биэрбэт. Ол эрэн, Саха сиригэр ордук кэнники биэс сылга сэллигинэн ыалдьыы түбэлтэтэ арыый аҕыйаабыт. 2023 сылга сэллигинэн ыалдьыы Арассыыйа уонна Уһук Илин көрдөрүүтүттэн аҕыйаабыта аан бастаан бэлиэтэннэ.
Исписэлиистэр этэллэринэн, аан дойду нэһилиэнньэтин чиэппэрэ сэллик инпиэксийэтин илдьэ сылдьар. Кинилэр ыалдьар кутталлара нэһилиэнньэ атын араҥатыттан ордук күүстээх. Сэллик бактыарыйатын аһаҕас сэлликтээх дьон уонна кыыл-сүөл тарҕатар (бэл сахсырҕа). Биллэрин курдук, сэллик салгынынан, быыл, аһылык нөҥүө, оҕо күүтэр ийэттэн кырачааныгар бэриллиэн сөп. Бу уодаһыннаах ыарыы тыҥаны, атын да уорганнары хаарыйар. Бактыарыйаны хаһан баҕарар, ханна баҕарар, холобур, элбэх дьонноох сиргэ хабан ылыахха сөп. Бактыарыйа олус сыстыганнааҕынан, оннооҕор ыалдьыбыт киһи өр олорбут дьиэтигэр олорон да сыстыахха сөбүн туһунан этэллэр. Сэлликтээх киһи силин, чэлкэҕин хааппылатыгар сэллик палочката баар. Сэллик микробун 80-90% сэлликтээх киһи ытырдарыгар, сөтөллөрүгэр таһаарар. Олор салгыҥҥа быылы кытта көтө сылдьан, киһи эҕирийдэҕинэ тыынар уорганыгар киирэн сутуйаллар. Ыалдьар киһини кытта кэпсэтэр кэмҥэ эмиэ ыарыыга сыстыахха сөп. Сэлликтээх киһи туттар малыттан-салыттан (таҥаһыттан, тиис суунар суоккатыттан, аһыыр иһититтэн уо.д.а) уонна кинини кытта уураһыыттан эмиэ сыстыан сөп.
Ордук кимнээх ыалдьалларый?
– Бастатан туран, ыарыыны утары охсуһар күүстэрэ (иммунитеттара) мөлтөөбүт дьон;
– ааһан-араҕан биэрбэт ыарыылаахтар;
– стресскэ сылдьааччылар;
– мөлтөхтүк аһыыр эбэтэр кытаанах диетаҕа олорор дьон.
Хайдах билиэххэ?
Ыарыы үксүгэр бытааннык уонна биллэрбэккэ саҕаланар буолан, ыарыһах сэрэйбэккэ да сылдьыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, сэллик палочката киһи этигэр-хааныгар өр сыллар усталарыгар ыарытыннарбакка саһан сытарынан кутталлаах. Кини олус сылайарын, ОРВИ ыарыыта сэниэтэ суохтук «устарын» бэлиэтиэн сөп. Маннык түбэлтэҕэ кини эмискэ ырар. Онтон түөс диэкинэн ыарыы уонна тыынарыгар ыарырҕатыы курдук сибикилэр сэллик тыҥа бүрүөтүн таарыйдаҕына эрэ биллэллэр. Арай кини күүскэ аҕылыыр, сэниэтэ эстэр, аһыыр баҕата сүтэр, кыраадыһа үрдүүр.
Эмтиирдээҕэр сэрэтэр ордук
Харыстанар туһуттан сылга биирдэ булгуччу ФЛГ түһүллэр. Онтон ыарыыны утары охсуһар күүстэрэ мөлтөөбүт, саахарынай диабеттаах, быар ыарыылаах, ВИЧ-инфекциялаах, гормональнай табылыаккаларынан эмтэнэр дьон сылга иккитэ аппараакка уһуллуохтаахтар. Сэлликтэн үтүөрүү үксүн ыарыы эрдэ булулларыттан тутулуктаах. Төһөнөн эмтэнии эрдэ саҕаланар да, соччонон түргэнник ыарыһаҕы үтүөрдүөххэ сөп. Биһиги дойдубутугар бу ыарыыны эрдэ билэргэ усулуобуйа барыта баар.
Ыалдьыбыт киһи сэллиги эмтиир анал балыыһаҕа киирэн уонна өр кэмҥэ эмтэнэр. Ыарыы эрдэтээҥҥи түһүмэҕэр булуллан эмтэммит киһи үчүгэйдик үтүөрэр. Кэнники кэмҥэ сэллик эмкэ бэриммэт көрүҥэ баар буолбут, бу фтизиатрдарга балачча кыһалҕаны үөскэтэр. Ол да буоллар, сэллиги утары охсуһууга улахан хардыы оҥоһулларын билигин тыҥаттан ураты уорган (уҥуох, сүһүөх, бүөр) сэллигэ арыый аҕыйаабыта туоһулуур.
Ыарыыга ылларбат туһугар чөл олоҕу, күннээҕи эрэсиими тутуһарга, иҥэмтиэлээх аһылыгы аһыырга, элбэхтик хамсанарга, ыраас салгыҥҥа сылдьарга, диспансеризацияны уонна ФЛГ-скринини кэмигэр барарга сүбэлииллэр.
Ордук оҕолорго болҕомтону ууруохха наада. Кинилэр түөстэрин килиэккэтэ кыратынан, «сиэмэ ыһыллыыта» (обсеменение) улахан киһитээҕэр түргэнник барыан сөп, оччотугар ыарыы ордук ыарахан буолар. Төрөппүттэр оҕо тугу аһыырыгар болҕомтолорун ууруохтаахтар. Кинилэр аһылыктарын кытта элбэх белогу, битэмиини, йоду ылыахтарын наада. Элбэхтик салгыҥҥа сылдьаллара уонна хамсаналлара туһаттан атыны аҕалбат.
ФЛГ барарга анаан бэлэмнэнии ирдэммэт
Нина Афанасьевна Никифорова, «Фтизиатрия» НПК сардаҥа диагностикатын отделениетын рентгенолог—бырааһа:
– 1895 сылтан В.К.Рентген Х-сардаҥалары арыйыаҕыттан ыла сардаҥа диагностиката тэтимнээхтик сайдан кэллэ. Саҥа алгоритмнар, технологиялар уонна ньымалар туһаныллаллар. Тыынар уорганнар уонна уҥуох систиэмэтэ сардаҥа диагностиката чинчийэр бастакы эбийиэктэринэн буолбуттара. Билигин, ол эбэтэр 30-ча сылга, сардаҥа диагностикатын ньымалара бары уорганнар туруктарын сыаналыыр кыахтаннылар.
Түөс килиэккэтин флюорографията – түөс килиэккэтин уорганнарын араас ыарыыларын кэмигэр булан быһаарар скрининг процедурата.
Сыыппаралаах ФЛГ түөс килиэккэтигэр баар уорганнар: тыҥа, сүрэх, бронха, тыҥа бүрүөтүн, диафрагма араас ыарыыларын уонна көстөр уҥуох араахыматын буларга көмөлөһөр. Холобур, искэн, сүһүрүү процеһа, сэбиргэхтэтии, сэллик уо.д.а. булуллаллар.
Флюорография чинчийиитин 15-тэн үөһээ саастаах киһи сылга биирдэ барыахтаах. Онуоха олорор сиргинэн поликлиникаҕа босхо эбэтэр төлөбүрдээх өҥөлөрү оҥорор мэдиссиинэ атын да тэрилтэлэригэр түһүөххэ сөп.
ФЛГ барарга, атын анаалыстарга, чинчийиилэргэ курдук, эрдэттэн анаан бэлэмнэнии ирдэммэт. Бэлиэтээн эттэххэ, флюорография чинчийиитин кэмигэр барыы – сэллик эрэ буолбакка, искэн ыарыыларын олохсуйан хаалбыт көрүҥүн сэрэтии.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: