Сөмөлүөккэ табах тардан, тутуллубут
16.09.2024, 16:50
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Дьокуускай-Красноярскай хайысханан көтөн иһэр сөмөлүөккэ электроннай табаҕы тардыбыт киһи тутуллан, административнай эппиэтинэскэ тардылынна диэн ИДьМ Сибиирдээҕи управлениета иһитиннэрэр.
Көтөн истэхтэринэ, сөмөлүөккэ буруону билэр датчик үлэлээн кэлбит. 23 саастаах уол туалекка киирэн, электроннай табаҕы тардан бусхата турара биллибит. Экипаж хамандыыра тырааныспар полициятыгар биллэрэргэ күһэллибит.
Пассажир РФ КоАП 6.24 ыстатыйатын 1 чааһын кэспитин уонна административнай эппиэтинэскэ тардылларын туһунан боротокуол толоруллубут. Уол онон федеральнай сокуону кэспит.
Тырааныспар полицията биллэрэринэн, көтөн иһэр сөмөлүөккэ табах тардар бобуллар — ити көтүүгэ куттала суох буолууну хааччыйыы ирдэбилин кэһиэн сөп. Быраабыланы кэһэр пассажиры салгыы көтүтэргэ авиахампаанньа аккаастыан сөп. Өскөтүн, ночоот тахсыбыт буоллаҕына, буруйу оҥорбут пассажир ону төлүөхтээх.
+1
2
+1
+1
+1
+1
3
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: