Сэмэн Тумат: «Көҥдөй көлүөнэ буолбатахпыт…»

Share

Улуу буурҕа ытыйан, сири-халлааны тэҥниир кэмигэр, туундараҕа тыыннаах олох туоһута буолан, уол оҕо төрөөбүтэ. Олунньу 23 күнүгэр СӨ норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, литэрэтиирэ кириитигэ, тылбаасчыт, бэйиэт, публицист, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, Амма Аччыгыйын аатынан Ил Дархан, С.А. Новгородов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бириэмийэлэрин лауреаттара Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат лоп курдук 80 сааһын туолла.

Кинини кытта атах тэпсэн олорон, кэпсэттибит.

Төрөөбүт дойдуга таптал, төрүт дьонунан киэн туттуу

Оҕону төрөтөөрү кэлбит нуучча кыыһа биэлсэр улахан буурҕаҕа тыынын ылбакка, наартаҕа иккитэ уҥан кэлбит. Ол кэлэн, саҥа төрөөбүт оҕо киинин быспыт. Оҕо малааһыныгар быраага олордоллор, билиҥҥи курдук талбыт арыгы суох. Быраага эрдэ ситэн хаалбытыгар, аҕата эппит: “Дьэ, ноколор, улахан тиэтэллээх, сырыылаах-айаннаах киһи кэллэ быһыылаах, ылыҥ, тыаһын истиҥ эрэ”. Истибиттэрэ, быраага оргуйан кырылыы кыынньар эбит. Кыһыл оҕону таайын аатынан Сэмэн Андреевич диэн сүрэхтээбиттэр.

— Ханнык баҕарар суруйааччы киһиэхэ оҕо сааһа хайдах сиргэ-дойдуга ааһара, төһө күндү, кэрэ өйдөбүллэри иҥэрэрэ – ол олус улахан суолталаах. Мин Лаптевтар муораларын хомотугар, улуу Өлүөнэ өрүспүт Улахан Тумат диэн салаатын түгэҕэр төрөөбүт киһибин. Онон Өлүөнэм барахсан тыына уонна Лаптевтар муораларын кытыла мин оҕо сааһым уобараһын эргийэр киининэн буолбуттара.

Ол эйгэ миэхэ наһаа улахан, дириҥ өйдөбүлү хаалларан, билигин миигин киһи оҥорон, уопсастыбаҕа таһаарбыта. Ону тугунан дакаастыыгын диэтэххэ, айымньыларбын аахпыт дьон ити этэрбин бигэргэтиэхтэрэ дии саныыбын. Холобур, хоту дойду эйгэтин кэрэ көстүүлэрэ мин сүрэхпэр-быарбар иҥэн хаалбатахтара эбитэ буоллар, билигин кыайан суруйбат, туох да уобараһы аттаран өйдөөбөт киһи буолан тахсыам этэ буолуо.

Ол ону ийэм уонна аҕам олус үчүгэйдик түстээннэр, төһө да дойдуларыттан, Чурапчыттан 1938 сылтан тэлэһийэн, Тумат нэһилиэгэр тиийэн, миигин төрөппүттэрин иһин, икки дойдуну миэхэ ситимнээбит, ол туһунан ытык өйдөбүлү үөскэппит дьон буолаллар. Эн маннык төрүттээххин, маннык улахан дьон биһиэхэ да бааллара диэн куруук этэллэрэ. Ону истэ-истэ: “Оо, ийэм, аҕам наһаа да үчүгэй, остуоруйа дойдутун курдук дойдуга төрөөбүттэр эбит”, — диирим. Онон, ийэм-аҕам мин олоххо тахсарбын эрдэттэн бэлэмнээбиттэр, туох дьон сиэннэрэ буоларбын үчүгэйдик өйдөппүттэр эбит. Ол өйдөбүл миигин Киһи оҥордо уонна уопсастыбаҕа таһаарда дии саныыбын.

Кинилэр миэхэ үөрэхтээх таайбыт Сэмэн Новгородов, кини быраата Андрей Новгородов, эбэбит Анна Андреевна Новгородова тустарынан наһаа үчүгэйдик кэпсииллэрин истэн улааппыт киһибин. Ол өйдөбүлбүн ыһыктыбакка сылдьаммын, саха тылын үөрэҕин бүтэрэн, өйбүн тутан баран, дьэ, ирдэһэн турдаҕым дии. Новгородовтар диэн туох төрүттээх-уустаах, туох эйгэттэн тахсыбыт дьон эбитий? Туох дьыалаҕа эриллэн, бииргэ төрөөбүт инитэ Андрей Новгородов ытыллыбытай? Мин дьонум туохтан күһэллэн, хоту дойду ыырын булбуттарай диэн ыйытыыларга хоруйдаары, тиритэ-хорута үлэлээн-хамсаан, баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэҕим.

Онон икки дойдуну ийэлээх аҕам наһаа үчүгэйдик ситимнээн, төрүт дойду устуоруйатын уонна мин төрөөбүт дойдум, Хотугу муорам эйгэтин ыпсаран, дууһабын хайа да өттүнэн кэспэт гына байытар-тайытар эрэ өттүнэн хайысхалаан биэрбиттэр эбит диэн, кинилэргэ улаханнык махтанабын.

Каартаҕа Кубо-американскай диэн бэлиэтэнэр арыыга олороммут, аҕам 1959 сыллаахха ыалдьан, Тиксиигэ көрдөрүнэн баран, ыарыыҥ улахан эбит диэбиттэригэр аккаастанан, дойдутун быспыт этэ. Онон дойдутугар, Чурапчы Болтоҥотугар убайа Иннокентий Поповка тиийэн, өлбүтэ. Ол тоҕо оннук дьаһанна диэтэххэ, оҕолорум тулаайах хааллахтарына, хоту сиргэ улахан аймаҕа суох дьон, баҕар, кыһалҕалаах олоххо табыллан сылдьыахтара суоҕа, дойду сирин буллуннар диэн санааттан, бэйэтигэр ыҥыран, билигин Чуораайыттаҕа, төрүттэрин томторугар көмүллэ сытар.

Мин иитиллиим классическай: төрөөбүт дойдуга таптал, үтүө-мааны төрүт дьону киэн туттуу өйдөбүллэригэр иитиллибиппин. Ол миигин киһи оҥордо. Онон ккки дойду посуолун курдук эбээһинэстэнэн, үлэлии-хамсыы сылдьабын. Туох баар айыым-суруйуум, хоһооннорум, поэмаларым, кэпсээннэрим-сэһэннэрим бүтүннүү хоту дойду эйгэтин кытта сибээстээх буоллулар.

Оттон суруналыыс, суруйааччы быһыытынан үүнүүм, төрүттэрим дойдулара, Чурапчы устуоруйатын кытта сибээстээх. Чурапчы мин уопсастыбаннай олохпун буһарда-хатарда, бэйэтин күөнүгэр киллэрэн, үлэлэттэ-хамсатта, сайыннарда диэн дойдум дьонугар-сэргэтигэр махтаныахпын баҕарабын.

Биһиги бииргэ төрөөбүттэр 4 оҕо этибит. Быраатым Александр Попов баар. Андрей Попов диэн быраатым соторутааҕыта өлөөхтөөбүтэ, оҕолоох-уруулаах, олоҕун-дьаһаҕын үчүгэйдик оҥостон бараахтаабыта. Балтыбыт олох эдэригэр өлөөхтөөбүтэ.

Бэйэм уоллаахпын, кийииттээхпин, уол сиэннэрдээхпин. Онон бу орто бараан дойдуга саха сиэринэн олох олорон кэллим.

 

Үтүө дьоннуун алтыһыы

— Мин кыһалҕалаахтык үөскээбит киһибин. Онуоха Айыы Тойон таҥара наар наһаа үчүгэй майгылаах, үтүө дьону көрүһүннэрэн, мин кэскилбин салайда. Туох барыта буолан хаалыан сөбө, уол оҕо иһэн-аһаан да барыахпын, күлүгээннээн да туруохпун сөп этэ, ол эрэн, мин суолбар, олоҕум бары эргииригэр үтүө дьон ыйан-кэрдэн, хоннохторун анныгар кыбытаннар, киһи-хара буоллум, ол иккис дьолум буолар дии саныыбын.

Туох ханнык иннинэ аҕам аймахтарыгар махтанабын. СӨ үтүөлээх учуутала Матрена Фоминична Попова диэн аҕам бииргэ төрөөбүт балтын дьаһалыгар сылдьыбытым. Холкуоска үлэлээбит Иннокентий Фомич Попов хонноҕор-быттыгар кыбытан, Чурапчы суруйааччылара – Алексей Бродников, Феоктист Софронов суолбар тосхойон биэрэн, хара маҥнайгыттан айар-тутар үлэбин салайан, бу үтүө эйгэҕэ кыттыһан, киһи-хара буоллаҕым.

Кэлин улаатан, “Сэргэлээх уоттарыгар” кыттыһан баран, Ойуунускайдаах көлүөнэлэрин кытта тэҥҥэ айа-тута сылдьыбыт үтүөкэн дьон – Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Сэмэн, Софрон Даниловтар, Савва Тарасов, Петр Аввакумов, Иннокентий Эртюков, Эрчимэн, уо.д.а. эйгэлэригэр киирэн, уопсастыбаннай хайысхам соргулаахтык салаллыбыта.

Уопсастыбаннай хайысхабын салайбыт өссө биир киһинэн саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан буолар. Кини миигин улаханнык өйөөбүтэ, көмөлөспүтэ, мин да иэскэ хаалбакка, кини кэриэһин толоро сатаатым. Дьон кэриэһигэр төһө үчүгэйи оҥоробун да, соччонон санаам бөҕөргүүр, үчүгэйи үйэтитиигэ кылааппын киллэристим диэн бөҕөхтүк сананабын.

Көлүөнэ туруктаах буолуута киһини Киһи оҥорор. Мин онтон улаханнык туһаммытым. Ону түһэн биэрбэт туһугар, ону хайдах эрэ кэҥэтэн-уһатан, дириҥэтэн, айан-суруйан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэн, үчүгэйи үйэтитэ сатаабыт киһи диэн   буһа-хата сылдьабын дии саныыбын.

Ити курдук санаан көрдөххө, кырдьык, тапталлаах сахам норуотун интэлигиэннэрин кытары бииргэ сылдьан, ыкса алтыһан, кэлин ол дьон олохтон барбыттарын кэннэ, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын чөмчөтөр кинигэлэри таһаардым. Ол бүтүннүүтэ мин үтүөм буолбатах, ол кинилэр бэйэлэрин үтүөлэрэ. Ону үлэлээн, хомуйан биэрэн, бигэргэттэҕим эрэ дии. Ол да олус наада, тоҕо диэтэххэ, арай, куһаҕаннык үлэлээбитим буоллар, айар-тутар эйгэм көҥдөйдөнөн хаалыан сөп этэ. Кыаҕым баарынан толордум дии саныыбын.

“Мин көлүөнэм”

— Мин көлүөнэм улахан охсуулары, алдьархайдаах репрессиялары ааспыт көлүөнэ утумун туппут буоламмыт, биһиги ити өттүгэр хайысхабытын уларыппакка үлэлээн-хамсаан кэллибит. Холобур, Николай Лугинову, Наталья Харлампьеваны, Харысхалы, Ойукуну, саамай кырдьаҕаспыт Тумарчаны, Николай Калитины, Андрей Кривошапкины, уо.д.а. ыллахха, ити курдук хайысхалаахтык үлэлээтилэр. Онон биһиги көлүөнэ аҕа көлүөнэ иннигэр исэпитин төлөөтүбүт уонна өссө да үлэлиэхпит буоллаҕа.

Инники көлүөнэ үчүгэйин утумнаан, кинилэри кытта эҥээрдэһэн сылдьан, тылларын-өстөрү истэн хаалыы олоххо улахан туһалаах. Улахан убайдарбытын кытта тэҥҥэ сылдьыспыт буоламмыт, туохтан үөрэллэрин-хомойоллорун көрөн-истэн, биһиги онтон тирэҕирэн, Киһи буолбут дьоммут.

Ол үчүгэй утум баар буолан, эн онно хайаан да кыттаҕын, кэҥэтиһэҕин, дириҥэтиһэҥин. Үчүгэй утум суох буоллаҕына, дьэ, иэдээн.

Сүрдээх үчүгэй хамаандаҕа түбэһэммин, үлэлии-хамсыы сылдьабын. Урут төрөөбүт буолан, сороҕор син туһалыыбын быһыылаах. Суруйааччылар көлүөнэнэн түмүстэхтэринэ, үчүгэйи оҥороллор ээ. Наталья Ивановна салалтатынан, бэстибээллэри ыытан, антологиялары таһаартаран, эдэрдэри хамсатан, үлэ бөҕөтө ыытылынна. 20 сыл устата Суруйааччылар сойуустарыгар бырабылыанньа чилиэнэбин. Бырабылыанньа сорудаҕын биири да хаалларбакка, толорон иһэбин. Ол саныахха эмиэ үчүгэй. Мин сойууһум саха тыллаах ытыктыыр түмсүүтэ, аан бастаан саха норуотугар элбэх суруйааччыны биэрбит сойуус буоллаҕа дии.

Улахан утум, тирэх баарын, ону көлүөнэ оҥорор. Утумнуура суох буоллаҕына, көлүөнэ көлүөнэ буолбат. Утумнуур эрэ көлүөнэ дьайыылаах, тахсыылаах үлэлээх буолар. Биһиги утумнаахпыт, улуу убайдарбыт дьыалаларын салгыыбыт. Саамай сүрүнэ, биһиги кинилэр кырдьыктарыгар эрэнэр этибит. Онон убайдарбыт кырдьыктарын булунан өлөөхтөөтүлэр.

Наһаа көҥдөй көлүөнэ буолбатахпыт, сыаллаах-соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Тылбааска үлэ

— Ельцин кэнниттэн кэлэр бэрэсидьиэн хайаан да Кытай, Индия, Кэриэйэ курдук дойдулары кытта экэниэмикэҕэ үчүгэй, доҕордуу сибээскэ киирдэҕинэ, дойдубут бигэ туруктанар, сойуустаах өрөспүүбүлүкэлэр тахсан, ыһыллыы буолара чугаһаата, оччоҕо Арассыыйа көмүскэллээх буолуута бу илиҥҥи дойдулары кытта сибээһин бөҕөргөттөҕүнэ эрэ сатанар дии санаабытым.

Оччотугар мин тугу оҥоруохпун сөбүй? Мин от оттообот, мас мастаабат киһибин. Илин диэки хайыһыы буоллаҕына, илиҥҥи дойдулар култуураларыттан туох эрэ улаханы түмэн, норуокка биэрбит киһи диэммин, Омар Хайям диэн аатырбыт бөлүһүөк, бэйиэт рубаиларын уонна трактаттарын тылбаастыахха диэн санаа киирбитэ.

Үс аҥаар сыл устата үлэлээбитим. Ол кэнниттэн өссө бигэргэтиэххэ, аны Кытай диэки хайыһыы буолуоҕа, биһиги дьоммут Кытайга тиийиэхтэрэ, онно туох да илии тутуура, өттүк харата суох тиийэр куһаҕан буолсу диэммин, Конфуций анаарыыларын тылбаастаабытым.

Суруйааччы төһө да түөһүн охсумматаҕын иһин, кыаҕын иһинэн, кыра да соҕус буоллар, норуоппар көмөлөөх буоллун диэн баҕата көстөн тахсар. Онон илин барар түгэҥҥэ биһиги дьоммут аны илии тутуурдаахтар. Конфуций философията судаарыстыбаны дьүдэппэт, бэрээдэктиир, сомоҕолуур идиэйэлээх буолан, баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэ.

Суруйааччы ити курдук норуотугар сүрэҕинэн-быарынан чугас буолар. Ол туһунан хаһыытаабат-ыһыытаабат да буоллар, куруук норуотун аһына-харыһыйа сылдьар буолар эбит. Дьэ, ол кинини үлэлэтэр-хамсатар, хайысха биэрэр.

Суруйааччы суола

— “Суруйааччы быһыытынан, дьэ, тугу тоҕо көттүҥ” диэн норуот ыйытар түгэнигэр, маннык этиэм этэ: туох ханнык иннинэ Арктика эйгэтин суруйбут, утумнаахтык үлэлээбит суруйааччылар ахсааннарыгар киирсэр буолуохтаахпын. Арктиканы көтөҕүү араас түһүмэхтэрдээх этэ, холобур, баарыстаах оҥочо, паарынан барар борохуоттар, ыт көлө, ат көлө, таба көлө – эспэдииссийэлэри үлэлэттэхтэрэ дии. Ол эйгэҕэ мин ыт көлө цивилизациятыгар үөскээбит киһибин. Ыт көлө цивилизацията билигин бүттэ. Бары “Буранынан” сылдьаллар.

Ол үтүөлээх-өҥөлөөх, хоту дойдуну сайыннарбыт улуу харамай – ыт көлө барахсан үтүөтэ-өҥөтө умнуллан хаалаары гынна диэн, ону сорук оҥостон, кэпсээннэри-сэһэннэри биэрдэҕим. Санаан көрдөхпүнэ, син сөпкө соҕус толкуйдаммыт эбиппин. Суруйааччыга ким да сүбэлээбэт ээ, бэйэтин өйүнэн-сүрэҕинэн тиийэр.

Онон мин тутуһардаахпын – ыт көлө үтүөтүн умнан эрэр билиҥҥи Арктика дьонугар өйдөтө-саната, кэпсээннэри, сэһэннэри суруйбуппун куһаҕанынан ааҕымаары гынабын. Билигин бириэмэ уларыйда, аны тиэхэньиичэскэй үйэ туһунан суруйуохтара. Ыт көлө хотугу саханы хайдах киһи оҥорбутун, кини героизмын, олоҕу хайдах туппутун туһунан, киһи буолуу философиятын туһунан мин сэһэннэрбиттэн булуоххутун сөп. Итиннэ бэйэм оруолбун толордум дии саныыбын, онтубуттан үөрэбин уонна астынабын.

Хас да хайысхалаахтык үлэлээтим. Тылбаастары таһынан, лингвист Семен Новгородовка сыһыаннаах 8 кинигэни суруйан, түмэн, оҥорон таһаардым. Ол иһигэр, кэнники кини ытыллыбыт быраатын туһунан “Ытыллыбыт олох” диэн кинигэни суруйдум.

Кусчут киһи кус төбөтүнэн ааҕарын курдук, 50-тан тахса кинигэни бэйэм ааппынан таһаардым. Ол иһигэр 4 тылбаас кинигэтэ, поэзия уонна литэрэтиирэни үөрэтэр суруйуулар бааллар.

80-тан тахса суруйааччы кинигэтин хомуйан, таҥан таһаартардым. Төһөлөөх ыстатыйаны, киирии тылы суруйбуппун Айбыт Таҥара бэйэтэ билэр. Суруйааччы уопсастыбаҕа көмөлөһө сатыыр буоллаҕына, мин онтон туораабакка, ытык өйдөбүлү кэҥэтиһэн, үлэлээн-хамсаан, баччааҥҥа тиийэн кэллим.

“Суруйар үлэ ыарахан”

— Биирдэ убайым Далан миэхэ дьиэбэр кэллэ. 1995 сыллаахха, ахсынньыга этэ. Василий Семенович эттэ: “Дьэ, быраат, сааһыран да баран, Арассыыйа суруйааччыта буолбуккунан эҕэрдэлиибин”. “Ол сааһыран баран киирэр туох барыстааҕый?” диэтим. “Ити эн билбэккиттэн этэҕин. Эдэр оҕолор олоҕу билбэттэрэ таайан, сойууска киирэн да баран, чулуп-чалып суруйаат, бүтэн, симэлийэн хаалаллар. Оттон эн биһикки олоҕу билбит дьон киирбиппит, сыаллаахтык-соруктаахтык иннибит диэки дьулуһабыт, наай гыннар, уруучукабытын мүлчү тутуохпутун сөп”, — диэбитэ. Дьэ, ити улахан суруйааччы эппитин ааҕааччы ырыҥалаан көрдүн. Итинтэн барыта тахсар дии саныыбын, суруйар идэ эгэлгэтэ.

Билигин үлэлии-хамсыы, буһа-хата сылдьар эдэркээн дьону туох диэн кириитикэлиэххиний дуу, хомуруйуоххунуй дуу? Сатаммат буоллаҕа. Суруйуу үлэтэ наһаа ыарахан. Суруйааччы бүтүннүү үчүгэйи суруйбат. Биир эмит суруйуута хайҕаннаҕына, дьэ, ол улахан дьыала буолар. Биһиги норуоппутун өйүүр, норуоппутун туруулаһа сатыыр эйгэ дьонобут.

Мин иккилии кинигэ саппаастаах үлэлиир этим. Чэ, бу кинигэм таҕыста, аны Сэмэн Тумат кинигэтэ буолан бүттэ. Бу кинигэ сөбүлэтэрэ-сөбүлэппэтэ биллибэт. Ол иһин суруйааччы кинигэтэ бэчээккэ барда да, бэйэтэ уостан хаалар. Ол иһин мин тэҥинэн иккилии кинигэҕэ саппаастаах үлэлиирим. “Бу кимиэхэ да биэрэ илик баайым-дуолум” диэн рукописьтарбын имэрийэн көрөрүм. Ити курдук духуобунай тирэхтээх эрэ буоллаҕына, суруйааччы үлэлиир. Ол үлэм түмүгэр кырдьар сааспар кинигэлэр буолан, кэбиһиилээх от курдук, чөмчөйөн, тахсыталаан иһэллэрэ, көрүөххэ үчүгэй.

— Уруучуканы тутар, суруйар идэ туох ыараханнаҕый диир дьон бааллар…

— Суруйар үлэни чэпчэки диэбит киһини истэ иликпин. Хара үлэ кытаанаҕа буоллаҕа дии. Чэ, биир түгэни кэпсиим. Алексей Бродников диэн үчүгэй поэт баар этэ. Биир сарсыарда кэргэнигэр эппит: “Мария, бүгүн эбэбин туораан истэхпинэ, үчүгэй баҕайы санаа киирэн иһэн, мэлийэн хаалла ээ”. Кэргэнэ: “Чэ, киэһээҥҥэ диэри көстөр ини”, — диир. Ити биир үчүгэй санаа киирэн иһэн, мэлис гынан хаалбытын, кэргэнэ өйдөөн, уоскутар. Суруйааччы төбөтө тохтообокко үлэлиир, куруук сонорго, толкуйга сылдьар, онон өрөбүлэ да суох үлэлиир.

— Дьоппуон биллэр суруйааччыта Харуки Мураками этэн турар дии: “Суруйааччы эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, өй-санаа (ментальность) өттүнэн эмиэ сылайар” диэн…

— Дьэ, ити кырдьык. Омар Хайямы тылбаастыырбар, түүн кыайан утуйбат буолан хааллым. Кэргэним этэр: “Сэмэн, дьиктилээх оҕонньор быһыылаах, сүгүн буолуо суоҕа. Онон эн уһуктан баран, утуйума, син биир кыайан утуйуоҥ суоҕа. Тулуй, түргэнник бүтэрэ сатаа, мэйииҥ үлэлиирэ бүтэн хааллаҕына, кыайан тылбаастыаҥ суоҕа” диэн. Тылбаастаан бүтэрэн, кинигэ кыһатыгар илдьээри олорон көрбүтүм, 7 рубаи тылбаастаммакка хаалбыт. Дьэ, доҕоор, бу 7 рубаины 7 хонукка, күн аайы биирдиини мүлүктээн, нэһиилэ тылбаастаатым ээ. Ол икки ардыгар күүһүм-сэниэм эстэн хаалбыт, баҕа төрүт суох, улуу кыһалҕаттан түмүктээтим ээ.

Киһи өрө көтөҕүллэн, үлүһүйэн үлэлиирэ диэн эмиэ баар. Биирдэ Чурапчыга олорон, сарсыардаттан өйүм-санаам дьэҥкэрэн, тылым-өһүм кутуллан иһэр, чэйбин остуолга аҕалтаран, аһыырбын да умнан, үлэлээтим. Дьэ, киэһэ тураары гынным да, олох кыайан турбатым. Кэргэним Паша өйдөөх дьахтар этэ: “Сэмэн, турума, 9 чаас устата олордуҥ дии, көхсүгүн-сүнньүгүн имитэн туруоруом” диэн, имэрийэн туруорда. Күүспүнэн турбутум буоллар, арааһа, тымыр да быстан хаалыан сөп эбитэ буолуо. Үлэҕэр үлүһүйэн, бириэмэни билбэккэ хаалаҕын. Айар үлэ дэгэтэ элбэх.

Айар үлэ абылаҥа

— Эн, дьиэ кэргэҥҥин иитэр, хамнастаах үлэһит киһи, айар үлэҕэр хайдах бириэмэ булар этигиний?

— Сэбиэскэй былаас биир үчүгэйдээҕэ – мунньаҕа элбэх этэ. Суруналыыс мунньахха ыҥырыллар, ол иннинэ мунньах былаанын көрдөһөн ылаҕын. Аҥаар хараххынан ким тыл этэрин хонтуруоллуугун. Тобукпар ууран олорон, ымсыыран-баҕаран туран, сэһэним лоскуйдарын суруйар этим. Онно наһаа ис-испиттэн баҕаран, имэҥирэн, ыанньыйан сылдьыбыт кэмим этэ. Киэһэ тиийэн, эбэн-сабан, көннөрөн, килиэйдээн кэбиһэрим. Суруналыыс хаһан сынньанан, тиэрэ түһэн олорон суруйбута баарай? Бэйэҥ билэҕин. Биһиги үлэбит мээнэ киһи ылсыбат үлэтэ.

Эдэр эрдэхпинэ, чаас анаан үлэлиир этим. Сынньанар кэммэр наһаа элбэх ыҥырыылары мунньан, наардыырым. Кэргэммиттэн ыйыталлар: “Сэмэн тугу гынарый?”. “Сынньанар”. “Утуйа сытар дуо?”. “Суох, килиэйдиир”. Ол олорон, мэйииҥ аралдьыйан, эмиэ суруйуоххун баҕаран кэлэҕин. Ол курдук бэйэҕин арлдьытынан, уоскутунан, бириэмэҕин сүтэрбэккин. Өрөбүл да кэмҥэ суруйааччы сынньаммат. Айар киһиэхэ бириэмэ көҥдөйдүүрэ наһаа куһаҕан.

Чурапчыга олорон, 13 сыл устата сүөһү иитэ сылдьыбытым. Сүөһү барахсан наһаа үчүгэй тыыннаах. Ол иһин саха дьоно барахсан сүөһүлэригэр ыллараахтыыр буоллахтара. От тиэйтэрэн баран, тырахтарыыс уолаттарга: “Дьэ, маладьыастар! Бу ас баар, аһааҥ. Бастакы үрүүмкэни эһиги тускутугар көтөхсөбүн уонна олох миигин тоҥонохпун таарыйымаҥ”, — диибин. Остуолу аҥаардаһабыт, мин суруйа олорон истэбин: “Сэрэн-сэрэн, Сэмэн тоҕоноҕун таарыйымаҥ”, — дэһэллэр. Ол курдук көнө, судургу уолаттар этилэр. Онон суруйарга хаһан баҕарар бириэмэ булуохха сөп дии саныыбын.

Суруналыыс, суруйааччы хайа да кэмҥэ хаайтарыа суохтаах. Киниэхэ хаһан да чуумпу, табыгастаах кэм суох, онон үлэлиир кыаҕын, сатабылын бэйэтэ үүннэриниэхтээх. Оннук эрэ гыннаҕына, көдьүүстээх суруйуу тахсар. Арбаммакка, дьону кытта этиспэккэ, көлүөнэтин таҥнарбакка үлэлиэхтээх, бириэмэ бэйэтэ көрдөрүөҕэ.

Оҕом, сиэннэрим атаҕым анныгар эриллэ сылдьар да буоллахтарына, син биир үлэлиирим. Соруйан уруучукабын туора ууран барабын, киэһэ кэлбитим, оннук сытар буолар, кумааҕыбын олох тыыппаттар этэ. Хата, биир үчүгэйдээхпин: тэлэбиисэр да холбоннун, араадьыйа да айаардын, кыһаммаппын. Кулгааҕым сабыллан хаалбыт курдук буолар, үлэбин үлэлии олоробун.

Кэргэним Прасковья Гаврильевна сүрдээх өйдөөх, холку, наҕыл киһи этэ. Оҕом эмиэ ийэтин курдук, киһи сатаан мөхпөт киһитэ. Кэргэним дьоно бары утумнаан туран, сымнаҕас дьон. Онон сытыары-сымнаҕас аймахтарга түбэспит киһибин.

Билигин да үлэ үөһүгэр

— Билигин тугу үлэлии сылдьаҕын?

— Кэнники кэмҥэ кэпсээни улаханнык ымсыыран кэллэхпинэ, суруйабын. Ол оннугар литэрэтиирэ устуоруйатын ырытыыга ылсан, үлэлиибин. 600-тэн тахса илиистээх Чурапчы аҕа көлүөнэ суруйааччылара саха литэрэтиирэтин көмүскээһиҥҥэ киллэрбит кылааттарын кылгас уочарката диэн үлэни суруйа сылдьабын.

Литэрэтиирэ кириитигэ Эрчимэн туһунан саҥардыы 200 илииһи эрэ суруйдум. Илиинэн суруйабын, көмпүүтэргэ харчы төлөөн оҕустарабын.

Кэргэним суох буолбутун кэннэ, бэйэбин бэйэм көрүнэбин. Оҕолорум туспа олороллор, дьиэлэригэр сылдьан, чэйдээн, кэпсэтэн, сиэннэрбин кытта алтыһа турабын. Уолаттар нэдиэлэҕэ биирдэ ас аҕалан биэрэллэр. Сарсыарда уһуктаат, 40-ча мүнүүтэ устата сэрээккэлиибин, имэринэбин-тоҥсунабын. Суорун Омоллоон сүбэтинэн, итинник  сэрээккэлээбитим 40-тан тахса сыл буолла. Онтум олус туһалыыр эбит.

Онтон аһаан, дьиэбин-уоппун өрө тарда түһээт, үлэлиибин. Күн аайы хайаан да таһырдьа тахсан хаамабын, куоракка кэлэ-бара сатыы мэскэйдэнэбин. Элбэҕи ааҕабын, үс сыллаахха диэри ыйга балтараа тыһыынча илииһи ааҕар этим, билигин хаһыаттан, сурунаалтан ураты 500 илииһи нэһиилэ ааҕабын.

Күннүк оҥостобун, онтум наһаа элбээтэ, 28-с тэтэрээппэр кэллим. Ол үлүгэри ким ааҕан лаҕыта олоруой, ол иһин дьоҥҥо туһалаах буолуо диэбиппин мунньан, сылларынан наардаан, биир тэтэрээккэ мустум, бэчээккэ бэлэмниир курдук. Архыыппын кыра-кыралаан Андрей Саввин аатынан Чурапчытааҕы кыраайы үөрэтэр мусуойга туттаран иһэбин. Билигин улахан быыстапка тэрийэн эрэллэр. Кэнники син биир үөрэтиэхтэрэ, чинчийиэхтэрэ турдаҕа.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago