Сэмэн Тумат: «Киһи төрдүн-төбөтүн билиэхтээх»
Сахамедиа таһаарар “Сэмсэ санаа” биэриитигэр СӨ норуодунай суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата С.А.Попов-Сэмэн Тумат ыалдьыттаата. Кэпсэтии сүрүн өрүттэриттэн быһа тардан бүгүҥҥү хаһыаппытыгар бэчээттиибит.
НОҔОРУОДАПТАРТАН ТӨРҮТТЭЭХ
– Кэпсэтиибитин ыраахтан саҕалыах. Ноҕоруодаптартан хааннаах киһи хайдах ыраах буурҕалаах Булуҥҥа тиийэн төрөөбүккүн сорох дьон билбэтэ буолуо.
– Аҕыс уонус хаарбар үктэнээри олорор киһи быһыытынан санаан көрдөхпүнэ, оҕо эрдэхпиттэн олус сэргэх, түһүүлээх-тахсыылаах олоҕу олорбут эбиппин. Олох этэҥҥэ турбута, былаас уларыйыыта-тэлэрийиитэ этэҥҥэ барбыта буоллар, мин Чурапчы оройуонугар төрүөхтээх этим. Аҕам Андрей Фомич, Семен Андреевич Новгородов улахан эдьиийиттэн төрөөбүт киһи. С.А.Новгородов төрөппүттэрэ Андрей Александрович Новгородов уонна Анна Николаевна Новгородова (Кривошапкина) холбоһон, бэйэлэрин күүстэринэн сүөһүлэнэн-астанан орто сэниэ ыал ахсааныгар киирбиттэрэ. 1917 сыллааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн, хос эбэм 56 сылгылаах, 100-тэн тахса ынах сүөһүлээх эбит.
Ийэм Анна Никитична Таатта Тыараһатыттан төрүттээх Сииссиннэр кыыстара. Аҕата аах Болтоҥоҕо кэлэн олохсуйбуттара.
Эһэм Куома Боппуок аҕабар: “Улахан таайыҥ Семен Новгородов Санкт-Петербург куоракка олорон ыалдьан өлөн хаалла. Кыра таайгын Андрей Новгородовы 1930 сыллаахха бэлиитикэҕэ баайсан ытан кэбистилэр. Үөрэхтэнэн-хаарданан атаҕар туран эрэр эдэр киһибит эн эрэ буолаҕын. Убайыҥ Лөгөнтөй Боппуок үлэ-хамнас киһитэ, дойдуттан ырааппат буолла. Кулаахтар эҥин диэн айдаараллар. Баай Новгородовтар күтүөттэрэ диэн кынчарыллан, сүөһүбүн былдьаан ыллылар. Ити бэйэтин бэркэ көрүнэн олорор Миитэрэй Сииссин балтын Аананы ойох ылыаҥ этэ. Хоту учууталга наадыйаллар диэн бу хаһыакка суруйбуттар. Олох сүнньүн булуор диэри онно олорон эриҥ”, – диэн этэр. Инньэ гынан, аҕам ыал буолан ийэбиниин 1938 сыллаахха тус хоту киирэллэр. Оччотооҕу борохуот бытааннык устар. Айаннара бэрт уустук этэ. Сайын барбыт дьон мууһу тоһуу-тоһуу Быыкапка тиийэллэр. Быыкаптан кыһын ыт сыарҕатынан айаннаан Саҥа дьыл иннинэ аҕай Саҕастыыры булаллар.
БУЛУҤ ТУМАТЫТТАН
– Сэмэн Тумат диэн ааттаммытыҥ. Сорохтор Тумат диэни Усуйаана Туматын кытта бутуйаллар.
– Булуҥ оройуонун Тумат нэһилиэгин Саҕастыырыгар төрөөбүтүм. Олохтоохтор кырсанан, балыгынан дьарыктаналлара, бэйэлэрэ таҥастыыллара, булдунан эбинэн, түүлээҕи туттаран үптэнэллэрэ.
Сэттэ кылаастаах оскуолалааҕа кэлин сууллан хаалаахтаабыт. Олоҕу, тулалыыр эйгэни барытын киэргэтэн, үрдэтэн, кэрэтитэн өйдүүр оҥкулум бүтүннүүтэ Саҕастыырга түстэммитэ. Саҕастыыр миэхэ элбэҕи иҥэрбитэ. Инньэ гынан, икки дойдулаахпын: аҕам төрүт дойдута буоларын быһыытынан, киһи буолбут, норуокка тахсыбыт суолум Чурапчыны кытта сибээстээх, оттон күн сирин көрбүт дойдум – Саҕастыыр барахсан.
КӨҺӨРҮЛЛҮҮ КЫТТЫЫЛААХТАРА
– Төрөппүттэриҥ чурапчылар көһөн киирэллэригэр көмөлөрүн туһунан этэн аһарбыттааҕыҥ.
– Ол кэмҥэ чурапчылар Саҕастыырга элбэхтэр этэ. Саҕастыыр оскуолатыгар учууталлыыр киһи, аҕам, уурайан, чурапчыларга көмөлөһүөм этэ диэн, биригэдьиир үөрэҕэр үөрэнэ Күһүүргэ тахсыбыта. Чурапчылар эстэн иһэллэрэ буолуо диэн кэтэһэ сатаабыт да, Күһүүрү таарыйбакка ааһа баран хаалаллар. Хайыай, төннөөхтүүр. Чурапчылар биһиэхэ 1942 сыллаахха киирбэтэхтэрэ. Быһыттаахха элбэх киһи быстарбыта. Онно “Интернационал” уонна Хадаар нэһилиэгин холкуостарын дьоно киирбиттэрэ. Саҕастыырга 1943 сыл сайыныгар тиийбиттэрэ. Ийэм балтыгар: “Тоойуом, Ахсыанньаа, чурапчылар кэлбиттэр үһү. Иэдэйбиттэрэ буолуо, төһө да оҕо буоллун, эдьийим ыҥырар диэн ыҥырталаа”, – диэн туран балтын ыытар. Көһүүгэ киирбиттэр балачча тэйиччи арыы баһыгар сарайга сыталлар эбит. Ол дойду тыаллаах, курдары охсор буоллаҕа. Эдьийим тиийэн: “Чурапчылар бааргыт дуо?”– диэн ыйыппытыгар, “баарбыт” диэн кыыкынаабыттар.
Аһаабатахтара ырааппыт оҕолор дьиэҕэ киирэллэригэр алаадьы сытын ылан мэйиилэрэ эргийэн чуут охто сыһаахтыыллар. Аҕам ийэбэр: “Бу оҕолор олох иэдэйээри гыммыттар. Күүскэ аһаамаҥ, искит ыалдьан алдьархай буолуо. Ааныс, тууччах балык өрөҕөтүн бэлэмнээбитим. Ону буһара оҕус уонна чаас аҥаардыыта буола-буола бу оҕолорго ыстакаан аҥаардыынан мииннэ иһэрт. Бүгүн хоччоххойу аһаамаҥ, искит бааллыа”, – диэбит. Ол курдук нөҥүө күнүттэн үчүгэйдик аһатан, биир нэдиэлэ устата олордон, таҥастарын-саптарын абырахтаабыттар, бэрийбиттэр.
БАРЫ БИИР КЫҺАЛҔАЛААХ, БАРЫ БИИР ТҮБҮКТЭЭХ ЭТИБИТ
– Араас дьон киирэллэрэ, араас омук олороро. Ньиэмэстэр да бааллара, финнэр да олохсуйан хаалбыттар этэ. Ол гынан баран, олус үчүгэй эйгэлээҕэ. Дьону күөһэ суох хаалларбаттар, балыктаан кэллэхтэринэ өлүүлэрин тиксэрэллэр, кыыл табаны бултаатахтарына бэрсэллэр. Оҕолор, биһиги, миискэлээх эти үөрэ-көтө таһан элэҥнэтэрбит. Аны туран иһити хаһан даҕаны кураанах ыыппаттар. Этин ылан баран миискэҕэ кэмпиэт сыыһа дуу, саахар тоорохойун дуу уган, туохтара да суох буоллаҕына, биир кутуу чэй кутан ыыталлар. Мин билигин даҕаны, санаам буолбат, сиэннэрим иһиттэригэр-хомуостарыгар кэмпиэт уган төнүннэрэбин. Онон хотугу олорор дьоҥҥо кэлэктиибинэй тыын уонна киһи үтүөтүн сыаналааһын холобура олус үрдүктүк турара.
Дьон буурҕаҕа алталыы-сэттэлии хонукка мунан хаалаахтыыллар. Тыал, буурҕа оонньооһунугар ханан эрэ көрөн, баҕардар, уот сыдьаайа көстөн сабаҕалаан кэлээрэй диэн бөһүөлэк ортотугар улахан кутаа оттоллор. Алта хонукка муммут киһи олох иэдэйэр эбит. Биһиги аҕабыт алта күн мунан баран кэлбитэ. Дьиэтигэр эһэ курдук эргиллэр, таҥаһа барыта муус кыаһаан буолбут киһи киирээхтээбитэ. Ийэм мууһун тоноон баран сыгынньахтаабыта.
Биһиги уон түөрт ыттаах этибит, ону көлө оҥосторбут. Балыгы, түүлээҕи туттарар Тиит Арыы собуотугар 25 көстөөх сиргэ баран кэлээхтииллэрэ. Харчы аахсан, таарыйа бурдук, килиэп тиэнэн төннөллөр. Оччолорго саамай күндү аһылык – нуучча килиэбэ. Онтон тус бэйэм саамай кэрэхсиирим уонна куттанарым дьүкээбил уота этэ. Хоту дойду буолан сулус сулустан, халлаан халлаантан чугас курдуга. Дьүкээбил уота мэктиэтигэр, саас кытылга тахсыбыт муус курулаччы тохторун курдук тыастаах, киһи үрдүгэр түһүөх курдук буолара. Төһө даҕаны оннугун иһин – кэрэ көстүү этэ.
УРАТЫ НЬЫМА
– Тоҥмут, аччыктаабыт дьону сэрэнэн аһатабыт диэн эттиҥ. Билигин сахалар тымныыны бренд диибит. Биһиги тымныыны кытта доҕордостубут дуу эбэтэр доҕордуу буоларбытын умнан кэбистибит дуу?
– Билиҥҥи сахалар тымныыны туһаныылара, эттэрин-хааннарын чэбдигирдэр ньыманы олохтооһуннара сөп буолуо, бэйэлэрин эрэсиимнэригэр сөп түбэһиннэрдэхтэрэ. Оттон биһиги эрэсииммит олох атын этэ. Холобур, киһи үлүйдэҕинэ илиинэн таарыйыллыбат, массаастаммат, мууһунан-хаарынан сотуллубат. Ол оннугар кыһыл эмэҕи туталлар. Уу аҕалбыт кыһыл эмэҕин буллахтарына ону хатараллар, мээккэлииллэр уонна мөһөөччүктэргэ куталлар. Кыһын мууһу аннынан балыктыыбыт, отут-түөрт уон миэтэрэлээх уончалыы илими көрөбүт. Киһи илиитэ тоҥор. Онон хаар үрдүгэр олоро түстүбүт да, мөһөөччүгү такыммытыгар кыбытан, илиибитин ол эмэххэ сууралыыбыт. Эмэх маҥнай тымныы курдук, сыыйа итийэн-итийэн сүһүөх уутун оборон ылар. Бултуур дьон мөһөөччүктэргэ уктан илдьэ сылдьаллара. Ити бары өттүнэн абыраллаах ньыма этэ.
Аҕам бултуу-алтыы барарыгар сыалаах (хотугу дойду андыта) тумсун кыһыл сыатын быһан ылан сапка тиһэн, оһох сылааһыгар хатаран, уончаны-сүүрбэччэни сиэбигэр уктан барара. Биирдэ тоҕо уктан барарын ыйыппыппар: “Тыалга-кууска чэй өрүнэ туруом дуо, кыаллыбат. Үүтээҥҥэ тиийиэххэ диэри киһи аччыктыыр. Аччыктаатахпына аҕыйахта ыстаан обордохпуна сыа тахсар”, – диирэ. Аны, иккиһинэн, ол сыалаах (хотугу анды) тумсун сыатынан бинтиэпкэ сомуогун сотоллор-самааскалыыллар, оччотугар хайдахтаах да тымныыга саа сомуога тоҥон хаалбат.
– Айантан тоҥон-хатан кэлбит киһини хайдах көрсөҕүт?
– Саха дьоно итии чэйи кутан биэрэҕит, биһиги тоҥ балыгы кыһабыт. Өр кэмҥэ айаннаан иһэ-үөһэ тоҥмут киһи ас киирэн үлэлээн, хаана тарҕанан сыыйа ирбитин кэннэ дьэ, чэйи иһэрдэллэр. Инньэ гынан, биһиэннэрэ куртахтарын түүтэ сарыламмат, гастриттаабаттар.
САХА БЫҺАҔА, САА УОННА СИРДЬИТ ЫТ
– Аҕаҥ Чурапчы киһитэ тиийэн олохсуйдаҕа. Оннооҕу усулуобуйаҕа, олоххо-дьаһахха хайдах үөрэммитэ эбитэ буолла?
– Биһиэхэ үс биридимиэт үрдүктүк сыаналанар: үчүгэй тимиртэн уһаарыллыбыт саха быһаҕа, бэргэнник ытар буулдьа саа уонна сирдьит (бэриэтчит) ыт. Бэриэтчит ыт төрүүр ыалыгар наар оннук ыт төрүүр. Инньэ гынан, биһиги ыппыт төрөөтөр эрэ: “Өндүрэй, оокком буоллаҕыҥ, кытаатан биир үчүгэйкээн ыт оҕотун биэрээр эрэ”, – диэн эрдэттэн үлэһэллэр. Аҕам хайдах ытын билээри атыыр ыт оҕотун кутуругуттан ыйыыр. Кэдэрийдэҕинэ бэрт ыт тахсыыһы диэн өлүүлэтэлиир. Аны олортон бэйэтигэр хаалларар ыттарын айахтарын атытан көрөр. Бэлэһин төрдүгэр төһөнөн элбэх харалаах да, соччонон үчүгэй ытынан ааҕыллар. Күүстээх-уохтаах, үрүгэн, булчут буолар диэн сабаҕалыыра. Ыт көлө барахсан биһиги көлүөнэ дьону киһи-хара оҥорбута.
Билигин Арктика боппуруоһа дириҥник көтөҕүлүннэ. Аан дойду барыта Арктикаттан тииһинэр баҕалаах. Биир өттүнэн Арассыыйа арктическай зонатын харыстаан, туһаҕа таһааран эрэрэ үөрдэр. Ол эрээри, саныыбын ээ, дьэ, хайдах Арктика үөскүөҕэй. Биһиги кэминээҕи дьон курдук эйэлээх, биир кыһалҕалаах, биир иһиттэн аһаан, биир сыарҕа булдуттан тииһинэн олоруо дуо? Төһө бэрт сигилилээх, ис дууһалаах дьонноох буолуой дии санаатахпына, сорох ардыгар сонньуйабын ээ, бу киһигит баара.
НЭҺИЛИЭСТИБЭҔЭ ХАРЫСТАБЫЛЛААХ СЫҺЫАН
– Семен Андреевич, эн Арктиканы, оччотооҕу олоҕу эрэ үйэтиппэккин. Бэйэҥ таайдаргын үйэтитэ сылдьаҕын, манна үгүс үлэни оҥордуҥ. Кылгастык ол туһунан кэпсээ эрэ.
– Семен Новгородовы чинчийиигэ саҥа көлүөнэ киһитэбин. Аан маҥнай Ноҕоруодабы чинчийиигэ бэрэпиэссэр Евдокия Иннокентьевна Коркина саха сэбиэскэй бэчээтин устуоруйатын суруйбут Спиридон Ксенофонтович Дмитриевкэ сорудах биэрэн “Жизнь и деятельность С.А. Новгородова” диэн кинигэни нууччалыы-сахалыы тылынан суруйтарбыта. Аан маҥнай Семен Новгородов туһунан саха норуота киэҥник ити кинигэлэртэн билбитэ. Иккис сүһүөҕүнэн Семен Новгородов суруктарын-бичиктэрин икки кинигэнэн таһаартарбыт, ахсаана биллибэт дакылааттары оҥорбут сиэн балта Е.И.Коркина буолар.
Евдокия Иннокентьевнаҕа биирдэ тыл көтөхтүм: “Эдьиий, таайбыт туһунан альбом тиһэн көрөбүт дуо? Кыайыам дуо? Туох да хаартыскам эҥиним суох”, – диэбиппэр эдьиийим балачча хаартысканы биэрэн турар. Онон 2007 сыллаахха “Лингвист Семен Андреевич Новгородов” диэн альбому таһаарбытым.
Оччотооҕу, Новгородовтаах кэминээҕи, саха дьахталлара үөрэхтээх-хаардаах аймахтарын наһаа күндүтүк саныыр, уһулуччу үрдүктүк тутар эбиттэр. Холобур, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аймахтарын ылан көр. Ити дьон Өксөкүлээх Өлөксөй суругун-бичигин харыстаабатахтара, кистээбэтэхтэрэ эбитэ буоллар, биһиги билигин Кулаковскайтан тугу да туһаныахпыт суох этэ. Ол курдук эмиэ биһиги аймахтарбыт С.А.Новгородов инитигэр Андрей Новгородовка, ийэтигэр Аанчык эмээхсиҥҥэ суруйбут суруктарын сыа-сым курдук тутан, Евдокия Иннокентьевна Коркина ийэтэ Прасковья Андреевна Коркина (Новгородова) кистээн, кэлин кыыһыгар биэрэн, онон Новгородов суруга-бичигэ тилиннэ. Уонна Новгородов кэргэнэ Мария Павловна Новгородова (Фелицина) Ленинградтааҕы дьиэлэриттэн эрин суругун-бичигин өрүһүйэн икки чымадааҥҥа уган кыыһын Еленаны уонна балтын Ольганы кытта Саха сиригэр аҕалбыттара. Ити туһугар өстөөх сэриитэ төгүрүйэн турар кэмигэр Ленинградтан “Олох суолунан” таһаарыы туһугар хорсун быһыы этэ.
ҮҺҮС СҮҺҮӨХ ЧИНЧИЙЭЭЧЧИ
– Кэлиҥҥи кинигэлэргиттэн билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.
– Мин Новгородовы чинчийиигэ үһүс сүһүөх киһибин. Быйыл “Алта” кинигэ кыһатыгар “Лингвист Семен Новгородов. Кэм-кэрдии тосхоло” уонна Чурапчыга Семен Новгородов инитэ Андрей Новгородов туһунан “Ытыллыбыт ох” диэн кинигэлэри таһаартардым.
– Инитин туһунан билиһиннэрэ түс эрэ.
– Саха интэлигиэнсийэтэ үрүҥнэри өйөөбүтэ диэн урукку өттүгэр буруйдааһыҥҥа балыллар этэ. Ол гынан баран, ити буруйдааһыннара төрүт сыыһа. Олус улахан дьоруойдуу быһыылара балыллан турар. Холобур, Чурапчы кыһыл сэриилэрэ куоракка киирэн хаалаллар. Инньэ гынан, Байаҕантай, Таатта, Чурапчы интэлигиэннэрэ туох да көмүскэлэ суох хаалаллар. Бу кэмҥэ кыайтарбыт, кыыһырбыт-абарбыт, сыгынньах бэстилиэттээх дьон кэлэн хомуньуустары өйөөбүтэ диэни иһиттэллэр эрэ ытыалаан иһэллэрэ. Дьону-сэргэни наһаа кырган эрэллэрин иһин Таатта, Байаҕантай, Чурапчы хаалбыт интэлигиэннэрэ сүбэлэһэн, кинилэр ыстааптарыгар киирэн сурукка-бичиккэ орооһон, дьон бириигэбэрин сымнатыы боппуруоһугар үлэлиэххэ диэн быһаарыналлар. Ону оччолорго үрүҥнэргэ кыттыы, таҥнарыы курдук өйдүүллэрэ. Ол таҥнарыы буолбатах, дьону өрүһүйүү этэ. Ол дьоруойдуу быһыыларын өйдөөн Ойуунускайдаах, Аммосовтаах икки төгүллээн саха интэлигиэннэригэр амнистияны биллэрбиттэрэ. Холобур баар буолан биллэрэллэр. Сүүһүнэн ахсааннаах саха интэлигиэннэриттэн биирдэстэрэ мин таайым Андрей Новгородов этэ. Ол киһи дьылҕата хайдах этэй, оччотооҕу кэм-кэрдии ирдэбиллэригэр хайдах орооспутай диэн ыйытыыларга хоруйдаары, бу докумуонунан сиһилээһини суруйдум. Мин иннибинэ үлэлээбит С.К.Дмитриев, Е.И.Коркина, Е.С.Новгородова үлэлэрин чиҥэтэн, арыый саҥа таһымҥа таһааран биэрдим.
СУРУЙААЧЧЫЛАР ОЛОХТОРУТТАН КӨРДӨӨХ ТҮГЭННЭР
– Семен Андреевич, “Саха сирэ” хаһыакка суруйааччылар дьиҥ олоххо буолбут көрдөөх түгэннэрин суруйаҕын. Итиннэ тугу эрэ бэлэмнии, чөкөтө сылдьаҕын дуо?
– Суруйа сылдьабын, хас да сыл буолла эрээри, бииринэн, олус улахан кээмэйдэнииһи. Иккиһинэн, дириҥээн иһэр. Итини тоҕо тиһэбин диэ. Билигин биһиги сахабыт литэрэтиирэтэ сөбүгэр үөрэтиллэр гынан баран, тыыннаах утаҕы тутуу боппуруоһа отой намыһах. Бу дьон олоххо хайдах майгылаах-сигилилээх, туох көрдөөх-нардаах, дьону үөрдүбүттээх, үчүгэй холобуру көрдөрбүт түгэннэрдээх этилэрий. Ону хайдах эрэ гынан хаалларбыт киһи диэн мөккүөрдээх үлэлиибин. Төһөнөн хасыһан барабын, соччонон дириҥээн, литэрэтиирэ чинчийиитигэр кубулуйан бараары гынар. Уустуга – ол баар.
АНЫГЫ САХА ЛИТЭРЭТИИРЭТЭ
– Аны литэрэтиирэҕэ киириэххэ. Кириитикэнэн дьарыктаммыт киһигин. Аныгы саха литэрэтиирэтин туһунан туох санаалааххын?
– Аныгы саха литэрэтиирэтигэр эдэр дьон кэллилэр, көлүөнэ төрдүттэн уларыйда. Литэрэтиирэҕэ сыстар киһи ытыктабыллаахтык кэлиэхтээх. Ол ытыктабыл устуоруйаҕа, суруйааччыларга сыстарга, кыһалҕаларын өйдүүргэ көмөлөһөр. Киһи литэрэтиирэҕэ бэрдимсийээри киирбэт. Уһулуччу үчүгэйдик суруйабын диэн буолбатах. Тугу эмэ кыраны, түөн саҕаны көмөлөһөөрү, тугунан эрэ эпсээри кэлэр. Мин литэрэтиирэҕэ сыстарбар убайым Күннүк Уурастыырап өй укпута. Биирдэ 1968 сыллаахха Күннүк Уурастыырап, Семен Руфов, о.д.а. буолан нэдиэлэ устата Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэрин барытын кыайан кэрийбэтибит. Оҕонньор аптарытыатын өрө тутан кулууп толору дьон мустар. Кини кэпсээнэ дьахтар кэрэтин, улуу хаартыһыттар, күүстээх дьон, сүүрүк аттар, о.д.а. тустарынан буолар. Уонна санаата көтөҕүлүннэҕинэ олоҥхолуура.
Күннүк Уурастыырап олоҥхоһут буолан улаханнык туһалаан турар. Тугуй диэ? Былатыан Ойуунускай эрэпириэссийэлэммитин бэйэҕит билэҕит. Дьыалата тиллэр, нэһилиэстибэтин таһаарыыга хамыыһыйа тэриллэр. Бэрэссэдээтэлинэн Василий Андреевич Протодьяконов-Кулантай ананар. 1937 с. сааһын тухары издательствоҕа үлэлээбит Петр Петрович Ефимов уонна Өлүөнэ уутун илин эҥээргэ бырахтарыыны туруорсар Дмитрий Петрович Лазарев буолаллар. Оччотооҕуга эдэрдэр, Москваҕа бааллара. Кинилэр Ойуунускай кинигэтин таһааран испиттэр. Ойуунускай Ньургун Боотурун худуоһунньук Петр Романовка ойуулаппыттар. Ону Ойуунускай көрөн баран үчүгэй ойуулаах-бичиктээх кинигэ буолууһу диэн үөрээхтээбит. Ханна баарый… Эрэпириэссийэ быһа түһэн сотору кэминэн үлэлэрин үрэйтэрэр айдаана турар. Бу эдэр дьон убайдарын харыстаан улахан хорсун быһыыны оҥорон тураллар. Бастакытынан, кинилэр туох баар түөрт туому барытын матрицаҕа баттатан, суругун-бичигин барытын түөрт үрүсээккэ хаалаан архыыпка илдьэн туттарбыттар. Олортон биир чөмөҕү Ефимов көрдөспүтүгэр Лазарев биэрэр. Ефимов оҕонньор өр кэмҥэ хотон баалкатын анныгар кистээн уура сылдьар. 1956 сыллаахха Ойуунускай аата тиллибитинэн, 1960-с сыллартан сэттэ туомнаах үлэтин таһаарыы боппуруоһа күөрэйэн, үлэлэри көрдөөһүн саҕаланар. Ефимов оҕонньорго баарын истэллэр. Рукопись син бэркэ тулуспут. Ол гынан баран, хомойуох иһин, “Ньургун Боотур” 9-с ырыатын барытын олоччу кутуйах сиэн кэбиспит. Толору таһаарыахтарын баҕараллар. Инньэ гынан, В.М.Новиков-Күннүк Уурастыыраптан олоҥхолоон биэр диэн көрдөһөллөр. Олоҥхолоон биэрбитинэн толоруллан турар. Кэлин отучча сыл буолан баран фольклорист-учуонай Петр Никифорович Дмитриев Ойуунускай 1937 сыллааҕы олоҥхотун биир рукопиһа көстүбүтүн тэҥнээн көрбүтэ, түөрт эрэ тыл уратылаах үһү. Ойуунускайдаах Күннүк Уурастыырап саха олоҥхотун утум-ситим сайдыытын (закономерноһын) бэркэ да билэллэр эбит диэн сөҕөбүн. Онон Күннүк Уурастыырап улаханнык өрүһүйэн турар. Саха суруйааччыларын иҥэн-тоҥон үөрэттэххэ, итинник биирдиилээн түгэннэр син бааллар. Олору үөрэх кинигэтигэр, учуонайдар үлэлэригэр киллэрдэллэр, омук быһыытынан үтүө өйдөбүл байарыгар тирэх буолуо этэ.
ТҮМҮК САНАА
– Түмүккэ кылгастык дьоҥҥо-сэргэҕэ санааҕын тиэрдиэҥ буолаарай.
– Суруйааччы быһыытынан бэйэм олохпун ылан көрдөхпүнэ, киһи төрдүн-төбөтүн, туох кыһалҕалаах сиргэ, ийэҕэ-аҕаҕа үөскээбитин билиэхтээх, ханнык аймах киһитэ буоларын өйдүөхтээх. Ону өйдөөтөҕүнэ олоҕун суола тыырыллыыта, буһан-хатан тахсыыта, суруйааччы быһыытынан өрө көтөҕүллэн үлэлиирэ барыта ону кытта ситимнээх.
– Семен Андреевич, биһиэхэ кэлэн ыалдьыттаабыккар махтанабыт. Айар үлэҕэр өссө да ситиһиилэри.
Чокуур Гаврильев кэпсэттэ.
Людмила Попова бэлэмнээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: