Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр эһиилги сылы Үлэ сылынан биллэрбитэ ураты суолтаны ылла. Дойду үрдүнэн быһыы-майгы уларыйар кэмигэр эспиэрдэр үлэтэ суох буолуу элбиирин сабаҕалаабыттара. Ол гынан баран Саха сирэ үлэнэн хааччыйыыга тиһиктээх үлэни ыытар, онуоха барамыысыланнай тэрилтэлэр төһүү буолаллар.
Бу туһунан «АЛРОСА» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ-бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов санаатын үллэһиннэ:
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев Анал этиитигэр кэлэр 2023 с. Үлэ сылынан биллэрдэ. Кэлэр сылга биһиги хампаанньабыт саҥа үлэ миэстэтин тэрийиини таһынан, каадырдары үөрэтиинэн, бэлэмнээһининэн дьарыктаныа. Эспиэрдэр бу сыл кулун тутар-муус устар ыйдарыгар Арассыыйа үрдүнэн үлэтэ суох буолуу үрдүө диэн эппиттэрэ, ол гынан баран, дойдуга уонна чуолаан, Уһук Илин уонна Саха сиригэр биһиги билигин көрөрбүтүнэн, бырамыысыланнаска үлэ миэстэтэ элбэх, ону дьонунан толорор уустук курдук буолла. «АЛРОСА» хампаанньа бу сыл 9 ыйын эрэ устата 2000-н тахса киһини, Саха сирин олохтоохторун үлэнэн хааччыйда. Кэлэр сылга өссө эбии 2000-тан тахса үлэ миэстэтин тэрийэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үлэлэтэр былааннаахпыт.
Ол курдук, оҥорон таһаарыыга наадалаах, чуолаан, суоппар, суоппар-мэхээньик, силиэсэр, гидрогеолог, минеролог идэлэригэр ылыахпыт. Бу идэлэри Саха сирин олохтоохторо интэриэһиргээн, чугас кэмҥэ үлэһиттэри ылан, кэлэр сылга ылыныллыбыт оҥорон таһаарыы былаанын толоруохпут диэн эрэнэбин. Онуоха биһиги Каадырбыт киинэ-корпоративнай университеппыт күүскэ үлэлиир, онон үлэнэн Саха сирин олохтоохторун хааччыйарга бэлэммит.
Орто Халыма улууһун Хатыҥнаах нэһилиэгин олохтоохторо, төһө да хаар уулла илик буоллар, бүгүҥҥү бырааһынньыктарын "Дорообо,…
Бүгүн Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгын күнүгэр үлэ кэлэктииптэрин икки ардыларыгар үлэ күрэҕэ…
Бүгүн, ыам ыйын 1 күнүгэр, киин куоракка "Дорообо, Күөх Маай!" диэн бырааһынньыктааҕы үөрүүлээх тэрээһиннэр буола…
Ыам ыйын 15 күнүттэн Арассыыйаҕа саҥа сокуон олоххо киириэҕэ. Ол курдук, сураҕа суох сүппүт дьон…
Муус устар 27-28 күннэригэр Калининградка 15 саастарыгар диэри саастаах дзюдоистарга Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии ыытылынна.…
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, "Бочуоттаах настаабынньык" диэн судаарыстыбаннай наҕараада олохтонно. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ…