Сэрии бэтэрээнэ 101 сааһын туолла
Семен Иванович Колтовской Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгэр 1922 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ уонна саҕаланыыта холкуос биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1944 сыллаахха Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Кини Японияҕа сэриилэспитэ.
Сэрии кэнниттэн Семен Иванович милииссийэҕэ үлэлээбитэ, ИДьМ туйгуна буолбута, старшина званиелаах. «Забота-Арчы» хаһыакка өр сылларга уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан ыстатыйалары суруйара. Бу кини сааһыран да баран, уопсастыбаннай олоххо көхтөөҕүн туоһулуур.
Бэтэрээн 101 сааһын туолбутугар Гагаринскай уокурук дьаһалтатын үлэһиттэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников эҕэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Бэтэрээн олорбут олоҕо үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буоларын бэлиэтээтилэр.
Семен Иванович Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьанынан, «Бойобуой өҥөлөрүн иһин», «Японияны кыайыы иһин», «Германияны кыайыы иһин», «Эҥкилэ суох сулууспатын иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Семен Иванович дьоллоох, иллээх, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх.
СӨ үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: