Сэтинньи 25 күнүттэн олоҥхо дэкээдэтэ саҕаланыа

Share

Саха сиригэр Олоҥхо дэкээдэтигэр 90 араас тэрээһин ыытыллыаҕа.

Бу туһунан бүгүн суруналыыстарга ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ тэрийээччилэр кэпсээтилэр. Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри ыытыллар Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр быйыл 13-с төгүлүн ыытыллаллар.

Олоҥхо дэкээдэтин биир сонун сүүрээнинэн  олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ уонна тимир уустарыгар  Ил Дархан  истипиэндьийэтин туттарыы сиэрэ-туома буолуоҕа.  Бу Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Айсен Николаев  илии баттаабыт биир дьоһуннаах докумуонунан буолар.  Бастакы стипендиаттар ааттара сэтинньи 24 күнүгэр дорҕоонноохтук ааттаныахтара, — диэн бэлиэтээтэ култуура уонна духуобунас сайдыытын министирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев.

Быйылгы Олоҥхо дэкээдэтигэр улуустартан көхтөөхтүк кыттыахтара. Ол курдук, Киров 31 №-дээх дьиэтигэр баар Муусука уонна фольклор түмэлигэр Сунтаартан Наталья Эконова А.П. Амвросьев «Көҕөн кус уола Күн Ньургун» олоҥхотун толоруоҕа. Чурапчыттан «Төрүт ситим» бырайыак биһирэмин кытта «Буура Дохсун» олоҥхону олоҥхоһут Николай Григорьев толоруоҕа. Тэрээһин Өксөкүлээх аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллыаҕа.  Маны таһынан, Тааттаттан, Дьааҥыттан кэлэн араас тэрээһиннэри ыытыахтара. 2023 сылга Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, Томтор нэһилиэгэр Тымныы хаһаайына Чысхаан Аар Айылҕаҕа ытык алгыһын аныаҕа.

Ити курдук, Олоҥхо дэкээдэтигэр анаммыт араас тэрээһиннэри сырдатан иһиэхпит. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

3 часа ago