Шаурма оҥорор кафелары саптылар

Share

Дьокуускайга шаурма атыылыыр 4 кафены санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуспатахтарын иһин, саптылар. 

Хаартыска: 14.ru

Бэрэбиэркэ кэмигэр дьиэ, тэрил санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэргэ эппиэттээбэтэ быһаарыллыбыт; оҥоһуллар ас хаачыстыбатын уонна доруобуйаҕа куттала суох буолуутун бигэргэтэр докумуоннар суохтара; тус гигиена быраабылаларын тутуһар усулуобуйа суоҕа, кафелары сабарга төрүөт буолбут.

«Роспотребнадзор» управлениета былааны таһынан бэрэбиэркэтин кэмигэр уопсастыбаннай ас эбийиэктэригэр: Каландаришвили уулуссаҕа «Султан» кафеҕа, Ленин проспегар «Салам пополам» кафеҕа, Орджоникидзе уулуссаҕа баар  «HD Kebab»  шаурма киинигэр, Курашов уулуссаҕа баар «Лаваш» кииҥҥэ – санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри кэһиилэр бааллара быһаарылыннылар.

Бэс ыйын 18 күнүгэр Дьокуускай куорат суутун быһаарыытынан, «Султан» уонна «Салам пополам» кафелар үлэлэрэ 90 хонукка тохтотуллубута.

От ыйын 5 күнүгэр «HD Kebab» шаурма киинин үлэтэ тохтотулунна.

От ыйын 10 күнүгэр «Лаваш» кафе үлэтэ 90 хонукка тохтотулунна.

Муус устар ыйга Роспотребнадзор управлениета «Душанбе» кафеҕа уонна «Качели» эргиэн киинигэр шаурманы сиэн баран, истэрэ ыалдьыбыт, сүһүрбүт дьон үҥсүүтүнэн алта суһал иһитиннэрии киирбитинэн сибээстээн, эпидемиологическай бэрэбиэркэни саҕалаабыта.

What’s your Reaction?
+1
19
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago