Аныгы кэмҥэ учуутал ханна баҕарар тиийбэт. Кыра, аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолаларга ити ордук сытыытык турар. Маны быһаарар инниттэн С.Н. Донской-II аатынан СӨ үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт “Многопрофильнай учуутал” диэн бырайыагы көмүскээн, былырыын “Сильные идеи для нового времени” пуорумҥа кыттан, эрэгийиэҥҥэ уон бастыҥ бырайыак быһыытынан талыллыбыт.
Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт дириэктэрэ Ньургун Павлов бырайыак туһунан маннык кэпсиир:
— Тыа сирин кыра оскуолаларыгар биир учуутал хас даҕаны биридимиэти үөрэтэр. Биһиги бу бырайыакпыт онно анаан учууталлары бэлэмниир соруктаах. Холобур, үрдүк үөрэхтээх математика учуутала идэлээх киһи, физиканы, информатиканы эмиэ үөрэтиэн сөп. Ол эрээри, анал үөрэҕэ суоҕун быһыытынан, “Многопрофильнай учуутал” бырайыагынан институт учуутал идэтин хайысхатын уларытарыгар (переподготовка) усулуобуйаны тэрийэр соруктаах.
Бырайыагы СӨ үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт бэйэтэ толкуйдаан, “Сильные идеи для нового времени” пуорумҥа киллэрбит. Өрөспүүбүлүкэҕэ уон бастыҥ бырайыак кэккэтигэр сүүмэрдэнэн, былырыыҥҥыттан үлэлэрин саҕалаабыттар. Тыа сирин уустук суоллаах-иистээх, ыраах, көс уонна кыра кэмпилиэктээх оскуолалар хас биридимиэт аайы учууталы тутар кыахтара суох. Чаастара аҕыйаҕын быһыытынан, биир учуутал хас даҕаны биридимиэти үөрэтэрэ кыаллар суол. Онон маннык түгэҥҥэ учууталлары туспа бэлэмнээһин ирдэнэр. Бырайыак чопчу тустаах кыһалҕаны быһаарарга туһаайыллар. Быйыл өссө чочуйан, үөрэх бырагыраамаларын оҥорон күүскэ үлэлэтэр былааннаахтар.
Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …