Сир астыы тахсан баран сүппүт дьону буллулар

Share

Саха сирин кылгас сайыныгар сир аһын үргээһин биир ураты абылаҥ. Билигин тэллэйи, отону, эмтээх оттору, онтон даҕаны атын туһалаах үүнээйилэри хомуйуу үгэнэ. 

Үгүстэр бириэмэ көһүннэр эрэ тыаҕа талаһаллар, ол эрээри ардыгар «чуумпу бултааһыҥҥа» үлүһүйэн мунуу-тэнии тахсан, хомолтолоохтүк түмүктэнэр.

Бу күннэргэ сир астыы сылдьан тыаҕа дьон сүтүүлээх икки түгэн бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.

Миирнэй оройуонун Айхал бөһүөлэгэр икки эр киһи  аэропорт туһаайыытынан тэллэйдии тахсан баран сүппүттэр. Эр дьон күнү быһа ойуурга хааман баран,  түүн биирдэ муммуттарын өйдөөбүттэр. Ол кэннэ 112 систиэмэҕэ биллэрэннэр, көмө көрдөөбүттэр. Муммут дьону икки биригээдэ – Айхаллааҕы полиция отделын уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ көрдөөтүлэр. Муммут дьону Верхняй күөл аттыттан Айхал бөһүөлэгиттэн 15 км буллулар.

Амма улууһун Амма сэлиэнньэтин 1945 сыллаах төрүөх олохтооҕо сарсыарда тыаҕа тахсыбыт, күнүс суолун булбакка, муммутун дьэ өйдөөбүт. Хата, кэргэнигэр төлөпүөннээн муммутун туһунан иһитиннэрэн, көмө көрдөөбүттэр. Муммут киһини олохтоох дьаһалтаттан 10 киһи көрдүү барбыт. Муна сылдьар кырдьаҕас киһини 16:00 ч. булбуттар.

Бу икки түбэлтэ этэҥҥэ түмүктэммит, кинилэр дьоллоругар төлөпүөн сибээһэ хабар сиригэр уонна мэлдьи кэпсэтэ  сылдьыбыттар.

СӨ Быыһыыр сулууспата ойуурга тахсаргытыгар чугас дьоҥҥутун, хайа диэки, төһө кэмҥэ бараргытын  сэрэтэргитигэр сүбэлиир. Тыаҕа тахсар киһи төлөпүөнэ сэрээттээх, халыҥ, дьэрэкээн өҥнөөх таҥастаах, банаардаах сылдьара ордук диэн быыһааччылар сүбэлииллэр. Өскөтүн, дьоҥҥут кэлиэхтээх кэмнэригэр кэлбэтэхтэрин, тута суһал сулууспаҕа биллэриҥ. Быыһыыр сулууспа суһал төлөпүөнэ «112», СӨ Быыһыыр сулууспатын суһал дьууһурунайын төлөпүөнэ (4112) 45-90-19.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

4 часа ago