Ситэтэ суох үрдүк үөрэх суох буолуоҕа

Share

Үрдүк үөрэх кыһатыгар түөрт сыл үөрэнэн, диплом ылбыт выпускниктар аны билигин толору үрдүк үөрэхтээх исписэлиис аатын ылыахтара. Бу иннинэ түөрт сыл үөрэммиттэр ситэтэ суох үрдүк үөрэхтээх бакалавр эрэ буолаллар этэ.

Санатан эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олунньу 21 күнүгэр бэйэтин Этиитигэр үөрэх систиэмэтигэр урукку Сэбиэскэй Сойуус уопутун киллэрэр сөбүн, үрдүк үөрэх түөртэн алта сылга диэри барыахтааҕын, устудьуон билиитин хаҥатарыгар салгыы магистратураҕа, ординатураҕа туттарсар кыахтаах буолуохтааҕын туһунан иһитиннэрбитэ. Ону таһынан, бэрэсидьиэн улахан болҕомтону аспирантураҕа ууруохха наадатын эппитэ.

РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Андрей Фурсенко бэҕэһээ “Россия-24” ханаалга иһитиннэрбитинэн, билигин түөрт сыллаах үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэр бакалавр буолбакка, дипломнаах исписэлиис аатын ылыахтара. “Урукку кэмҥэ түөрт сыл үөрэнэн диплом ылбыт киһи үрдүк үөрэхтээх исписэлиис аатын ылара. Ол тэҥэ билигин бакалавр аатын ыла сылдьар выпускниктар бары үрдүк үөрэхтээх исписэлиис буолуохтара, ситэтэ суох үрдүк үөрэх диэн суох буолуоҕа”, — диэн бэлиэтиир кини.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ киһитэ: Удьуор табаһыт

Быйыл «Үлэ киһитэ» бириэмийэни муус устар 30 күнүгэр туттарыахтара. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Оҕоҕо төлөбүрдэр ыам ыйыгар хайдах бэриллиэхтэрэй?

Ыам ыйынааҕы уһун өрөбүллэринэн сибээстээн, оҕоҕо төлөбүрдэри биэрии графига уларыйда. Саха сиригэр Арассыыйа социальнай пуондаҕа…

30 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көбөкөҥҥө — Эбээ күнэ

Айыыһыт ыйын атаара, Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгэр, саха балаҕаныгар, Эбээ күнэ бэлиэтэнэн ааста. Оҕолор саха…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госпиталга сытар байыастар Сунтаартан кэһии туттулар

Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов уонна спорт отделын салайааччыта Семен…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

12 киһилээх массыына өрүскэ түстэ

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн,  Алдан оройуонугар муус устар  28 күнүгэр,  (Томмот – Белькачи)   12 киһилээх…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн ардах, тыал түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, муус устар 30 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр ардах,   арҕаа инчэҕэй хаар, күнүс сорох сиринэн…

3 часа ago