Салгыы
СНГ куораттарыгар “Үлэ албан аатын куората” аат бэриллиэҕэ

СНГ куораттарыгар “Үлэ албан аатын куората” аат бэриллиэҕэ

09.10.2024, 18:30
Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин алтынньы 8 күнүгэр ыытыллыбыт мунньаҕар СНГ куораттарыгар “Үлэ албан аатын куората”  бочуоттаах ааты иҥэрэргэ эттэ.

СНГ дойдуларыгар Аҕа дойду сэриитигэр байыаннай, гражданскай аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга үлэлэспит куораттарга “Үлэ албан аатын куората” бочуоттаах ааты иҥэриэххэ. Бу биһиги норуоппут биир сомоҕо буолуутун, кыайыыны уһансыыга тыылга үлэтин бэлиэтин быһыытынан буолуо этэ, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Путин.

2020 сыллаахха Арассыыйаҕа Кыайыы 75 сылыгар “Килбиэннээх үлэ куората” диэн бочуоттаах аат олохтоммута. Бу Албан ааты Саха сириттэн Алдан уонна Дьокуускай ылбыттара.

Итини таһынан Владимир Путин Аҕа дойду сэриитигэр туһуламмыт мемориаллары, өйдөбүнньүктэри харыстыыр туһуттан Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр уопсай испииһэги оҥорорго этии киллэрдэ. Бу маннык улахан испииһэк Арассыыйаҕа 2016 сылтан хомуллан, билигин “Место памяти” диэн уопсай куйаар ситимигэр саайтка тиһиллибитэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: