Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр Саха сирин билиһиннэрэллэр

Share

Саха сирэ Сочига  Ыччат Бүтүн аан дойдутааҕы бэстибээлигэр туруорбут быыстапка-истиэндэтин көмөтүнэн бэстибээл үгүс ахсааннаах кыттааччыта Арассыыйа саамай улахан эрэгийиэнин билсэр.

Истиэндэ аһыллыытыгар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ —  эрэгийиэн туһунан истиэндэни оҥорор быраабы ылбыт Арассыыйа субъектарыттан биирдэстэрэ.

«Тэрийээччилэргэ махталбын этиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, биһиги истиэндэни арыйан саха киһитин дууһатын көрдөрөбүт. Биһиги аһаҕаспыт уонна эйэлээхпит, биһиги өрөспүүбүлүкэбит – биир саамай улаханнара, чаҕылхай ыччаттардаахпыт. Биһигини кэрэхсииллэр, билэллэр. Бу — эйэни түстүүр күүс”, —  диэтэ Ольга Балабкина.

Истиэндэҕэ сахалыы киэргэллэр, таҥастар, үнүстүрүмүөннэр уонна иһит-хомуос көрдөрүллэллэр.

Бэстибээл кэмигэр манна хабылыкка уонна хаамыскаҕа остуол оонньууларыгар маастар-кылаастар, “Туймаада хочотун таабырыннара” билиини-көрүүнү тургутуу оонньуулара  ыытыллыахтара,  «Всем миром по пазлу в картине» мозаиканы хомуйуохтара, хомуска оонньуохтара. Ону сэргэ М.К.Аммосов аатынан ХИФУ “Уран” үҥкүү кэлэктиибэ, Dj Dalan, Евы Шакор, Олоҥхо тыйаатырыттан Настя Алексеева, хомусчут Айсен Деллохов  кыттыылаах кэнсиэр, ХИФУ «Доступное образование» быыстапката буолуохтара.

Ыччат Бүтүн аан дойдутааҕы бэстибээлэ  кулун тутар 1-7 күннэригэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан ыытыллар. Тэрийээччилэр – Ыччат дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба (Росмолодёжь).

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

6 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

7 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

7 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

8 часов ago