Хаартыска СИА
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 3,6% үрдүөҕэ. Былырыын бэс ыйыгар 10% үрдээбитэ, онон сыл устата барыта 13,6% үрдээһин буолар.
“Үгэс курдук, социальнай биэнсийэни сылга биирдэ үрдэтэллэр. Ол эрээри, инфляция үрдээн, социальнай төлөбүрдэри иккитэ үрдэтэр туһунан быһаарыы ылыммыттара. Ол курдук, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ, хамнас алын кээмэйэ үрдээбиттэрэ” диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
2022 сыллааҕы инфляция 11,9%-ҥа тэҥнэһэр. Онон социальнай биэнсийэ сыллааҕы 13,6% үрдээһинэ инфляцияттан үрдүк буолар. Арассыыйа үрдүнэн 4 мөлүйүөн кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Социальнай пуонда индексацияны бэйэтэ оҥорор уонна биэнсийэлээхтэргэ тиэрдэр.
Социальнай биэнсийэни инбэлииттэргэ, иитэр-аһатар төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго, үлэ ыстааһа тиийбэтэх дьоҥҥо биэрэллэр.
Саха сиригэр 28 тыһыынча кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Биэнсийэ кээмэйэ кыра, ол эрээри эрэгийиэн биэнсийэлээх тиийинэн олорор алын кээмэйигэр диэри эбии төлүүр. Ону ыларга булгуччу социальнай көмүскэл управлениетыгар баран, сайабылыанньа биэриэххэ наада.
Бүгүн Дьокуускайга «Патриот» ыччат киинин үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Бу аныгы кэм ыччатын сайдар, үүнэр,…
Бүгүн Саха сиригэр бастакы Уһук Илиҥҥэ биир бөдөҥ элбэх функциялаах «Патриот» ыччат киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга…
Бүгүн Саха сиригэр бастакы элбэх функциялаах «Патриот» ыччат киинэ аһылынна. Бу киин Уһук Илиҥҥэ биир…
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников ыксаллаах быһыыга-майыга түбэспит дьону көрдүүр-быыһыыр үлэлэр статистикаларын туһунан…
Норуодунай фронт эрэгийиэннээҕи салаатын үлэһитэ Дмитрий Паньков этэринэн, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ ыыппыт быһа кэпсэтиитигэр Саха сириттэн…
Өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III Сийиэһэ ахсынньы 17 күнүгэр саҕаланар. III Сийиэс бырагыраамата…