Социальнай гаастааһын быйылгы былаанын Саха сирэ номнуо 115% толордо. Ол курдук, 2022 сылга 2 353 олорор дьиэ гааска холбонон (былаан быһыытынан 2 041), Уһук Илин федеральнай уокуругар социальнай гаастааһыҥҥа инники күөҥҥэ таҕыста.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, кыра дохуоттаах, ол иһигэр быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр туһунан быһаарыы ылыныллыбыта. Көмө харчы кээмэйэ 150 тыһыынча солкуобай. Бу үбү гражданнар гаас оборудованиетын атыылаһыыга, туруортарыыга туһаныахтарын сөп.
Олорор дьиэлэргэ гааһы холбооһун үлэтэ билигин даҕаны салҕанан бара турар. Аҥаардас Дьокуускай куоракка күн бүгүн өссө 100 дьиэ күөх төлөҥҥө холбоноору бэлэм турар. Бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэҥҥэ олорор дьиэҕэ гааһы киллэртэриигэ Чурапчы, Горнай, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү улуустара инники сылдьаллар.
Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 2023 сылга социальнай гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэриигэ бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Барыллааһын быһыытынан кэлэр сылга 1359 дьиэ холбонуохтаах, номнуо 500 дуогабар түһэрсиллибит.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…