2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биир кэлим босуобуйаны ылан да баран, ыарахан балаһыанньаттан тахсыбатах дьиэ кэргэттэргэ эбии көмө бырагыраамалара үлэлиэхтэрэ. Холобур, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэр социальнай хантараагы туһаныахтарын сөп. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаабыта.
2022 сыл бүтүөр диэри барыта 630 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 4600 социальнай хантараак түһэрсиллиэҕэ. Кэлэр сылтан бу суума 1 миллиард солкуобайга диэри улаатыаҕа.
Социальнай хантараак хайысхалара кэҥээн иһэллэр. “Үлэни көрдөөһүн” хайысхаҕа үлэтэ суох киһи үөрэниэн, эбэтэр, стажировканы барыан сөп. Бу кэнниттэн үс ый устата үлэ буларыгар көмөлөһөллөр. Бэйэ дьыалатын арыныахтарын баҕарар дьон 350 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү ылаллар уонна үөрэнэллэригэр 30 тыһыынча солкуобайдаах көмө оҥоһуллуон сөп. Кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга 250 тыһыынча солкуобайдаах көмө уонна үөрэнэллэригэр 30 тыһыынча солкуобайдаах көмө оҥоһуллар.
Санатар буоллахха, социальнай хантараак үбэ-харчыта кирэдьиит курдук төнүннэриллибэт, ол оннугар хайдах туһаммыккын отчуоттуохтааххын.
Социальнай хантараагы туһанан, дьон тыа сиригэр сүөһүнү, сылгыны, сибиинньэни, көтөрү, мүөттээх ыҥырыаны иитии, оҕуруот аһын үүннэрии, балыктааһын курдук хайысхалары хото сайыннардылар.
Онон бу судаарыстыба көмөтө дьиэ кэргэттэргэ ыарахан балаһыанньаттан тахсалларыгар, идэ, үлэ булалларыгар, дьарыктаах буолалларыгар, материальнай балаһыанньаларын тупсаралларыгар туһуланар.
Ааһан эрэр сылга Саха сирэ социальнай хантараак бырагырааматын олоххо киллэриигэ Арассыыйа үрдүнэн бастыҥынан ааттаммыта.
Айсен Николаев ахсынньыга Туһаайан этиитигэр ааспыт сыл ситиһиитин кэпсээтэ, кэлэр сылларга сайдыы тосхолун торумнаата, парламент,…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Саха сирин арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа ,…
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…