Хаартыска -- Елена Потоцкая
Бу күннэргэ Саха сирин уопсастыбаннаһа Владимир Путин дойду баһылыгын быыбарыгар туруммутун өйүүрүн туһунан санаатын этэр, үллэстэр.
«Чороон XXI үйэ» ХЭУо салайааччыта Софья Попова бу сыллар тухары урбаан салаата балысханнык сайдыбытын бэлиэтээтэ:
— Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саха төрүт үгэһин араас хайысханан олоххо киллэрэрбит хайҕаллаах суол. Мин урбаан салаата сайдыытын дойду салалтата улаханнык өйүүр буолбутун бэлиэтиибин. Билигин уустук балаһыанньаҕа дойдубут сайдыытын төрдүттэн көрөр уопуттаах лиидэр баар буолан эрэх-турах сананабыт. Араас омук дьоно бииргэ сомоҕолоһон, хас биирдии омук бэйэтин култууратын, духуобунаһын сайыннарарга дьулуһар. Ол иһин соторутааҕыта быһа эпииригэр дойду баһылыга Владимир Путин эрэгийиэннэргэ ураты бренд баар буолуохтаах диэн бэлиэтээбитэ. «Чороон XXI үйэ» ХЭУо саха иһитин араас сиэдэрэй ойуулаан, биир бастыҥ бренд быһыытынан сайыннарда. Кэлиҥҥи кэмҥэ биһиги үлэбит хайысхата кэҥээн иһэр.
Биһиги, урбаанньыттар, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин урбаан салаатыгар национальнай бырайыактары көҕүлээбитин сайдыы суолун кытта ыкса сибээстиибит. Онон урбаанньыттар дойду баһылыгын Владимир Путины хайаан да өйүүбүт.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…
Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…
Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…
Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра…
Бу ый саҥатыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһук бэстибээлигэр араас…
Ааһан эрэр 2025 сыл Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар айылҕа иэдээнэ -- алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну оҥорон,…