Салгыы
Сотору Чурапчыга МРТ-аппараат үлэлиэ

Сотору Чурапчыга МРТ-аппараат үлэлиэ

Ааптар:
26.10.2023, 16:16
Хаартыска: https://www.sakha.gov
Бөлөххө киир:

Чурапчы сэлиэнньэтигэр саҥа магнитнай-резонанснай томографы (МРТ) таҥан туруоруу саҕаланна. Саҥа оборудование тутулла турар Чурапчытааҕы киин балыыһа иккис комплексыгар туруоҕа. 

Хаартыска: https://www.sakha.gov

«Бу МРТ  илин эҥээр улуустарыгар аан бастакынан үлэлиэ. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы сорудаҕынан үлэлиир «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн бу олоххо киирэр. Аныгы диагностыыр оборудованиелар киин куоракка эрэ буолбакка, оройуоннарга эмиэ үлэлиэхтэрэ. Ыарыыны эрдэ диагностаан билии сөпкө уонна хаачыстыбалаахтык эмтииргэ төһүү күүһүнэн буолар», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.

Саҥа оборудование сотору кэминэн үлэлээтэҕинэ, быраастар дьону Дьокуускайга ыыппакка эрэ барытын үрдүттэн быһааран, сөптөөх диагноһы тута туруорар кыахтаныахтара.

«Саҥа МРТ-аппараат Чурапчы улууһун дьонун эрэ буолбакка, чугас сытар улуустар олохтоохторун эмиэ көрүөҕэ. Томографы анал кэбиниэккэ туруоруохпут. Билигин ону оҥоруу барар. Ис үлэтэ үмүрүйдэҕинэ, вентиляцияны эҥин туруоруохтара. Түмүккэ МРТ-ны бэйэтин таҥан туруоруохпут», – диэн Чурапчытааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сивцев кэпсээтэ.

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: