Сотору кэминэн магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэ диэн сэрэтэллэр

Share

Бэҕэһээ, сарсыарда 11:38 чааска, күҥҥэ ордук күүстээх магнитнай эстии буолбута бэлиэтэннэ, ол эбэтэр X1.7 кылаастаах эстии 3663 бээтинэ бөлөхтөрүгэр күҥҥэ ийэ сир утары баара чуолкайданна. Бу туһунан космическай күнү-дьылы кэтээн көрүү дааннайдарын Прикладной геофизика үнүстүүтэ иһитиннэрдэ.

Хаартыска: nauka.tass.ru

Магнитнай эстии 16 мүнүүтэ устата көстүбүтэ биллэр. Коронарнай эстии буоллаҕына, үгүс өттө ийэ сир диэки хайысхалаах туһаайыллыбыта буолара сабаҕаланар. Итинэн сибээстээн аҕыйах хонугунан элбэх сиргэ дьүкээбиллэр сууһумнууллара  уонна геомагнитнай буурҕалар түһэллэрин сөптөөҕө сабаҕаланар. Инники маннык күҥҥэ күүстээх X6.4/3B магнитнай эстии 35 мүнүүтэ устата бу сыл олунньу 23 күнүгэр буолбута.

Хаартыска: nauka.tass.ru

Бэлиэтээн эттэххэ,  күҥҥэ магнитнай эстиилэри оентген сардаҥаларын күүһүттэн кыамтатыттан көрөн биэс кылаастарга араараллар: А, Б, С, М уонна Х. Күҥҥэ эстиилэр кылаастарынан 10 төгүл улаатан иһэллэр. Бу дьайыылар ийэ сиргэ магнитнай буурҕалары үөскэтиэхтэрин сөп.

Магнитнай буурҕа — бу күн актыыбынаһыттан сир геомагнитнай эйгэтин (поле) хамсааһына буолар. Геомагнитнай эйгэ сири күн радиациятыттан хаххалыыр, көмүскүүр. Магнитнай буурҕаны 1-тэн 9 баалга диэри кээмэйдииллэр. 1-2 баал — мөлтөх хамсааһын, 3-4 — орто хамсааһын, 5-7 күүстээх буурҕа (күн-дьыл туругуттан тутулуктаах дьон доруобуйаларын туруга мөлтүөн, ыарыылара көбүөн сөп), 8-9 баал — олус күүстээх буурҕа (араадьыйа долгуннарыгар, элэктэриичэстибэнэн хааччыйыыга, сибээскэ, навигацияҕа  мэһэйдэр, саахаллар буолуохтарын сөп).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Хомус күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Хомус күнүнэн эҕэрдэлиибин!…

36 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

ХОМУС КҮНЭ: Учуутал уонна үөрэнээччи тус кэллиэксийэлэрэ

Хомус күнүн көрсө саха хомуһун чинчийээччи, үөрэҕин тарҕатааччы, СӨ култууратын туйгуна Антонина Никитина уонна кини…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа, киин улуустарга хаар түһүөҕэ диэн УГМС иһитиннэрэр. Түүн салгын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Кыргызстан бэрэсидьиэнин кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…

12 часов ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Бишкеккэ Сергей Вакуновы кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка  Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх туһунан…

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун…

13 часов ago