«Спид Стар» спортивнай драма ааспыт өрөбүллэргэ барыллаан киллэрбит үбэ-харчыта 9 мөлүйүөн солкуобайтан тахсыбыт

Share

Киинэ бүддьүөтэ 10 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр.

Киинэ пуондатын биир кэлим автоматизированнай информационнай систиэмэтэ (ЕАИС) бэлиэтээбитинэн, кулун тутар 27 күнүгэр прокатка тахсыбыт Саха сирин «Спид Стар» спортивнай драмата бастакы өрөбүллэргэ киллэрбит үбэ-харчыта быһа барыллаан 9,4 мөлүйүөн солкуобайтан тахса буолла.

Үгэс быһыытынан киирбит харчы улахан аҥаара кулун тутар 29-30 күннэригэр киирбитэ, онно киинэ 5 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы хомуйбута. Эрдэ атыылаһыллыбыт билиэти учуоттаан туран, киинэ прокатын уопсай дохуота 9,7 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайга тэҥнэстэ.

СИА иһитиннэрбитинэн, бу бүтэһик дааннай буолбатах диэн бэлиэтиир тоҕоостоох, тоҕо диэтэххэ, күннээҕи прокат түмүгүн туһунан иһитиннэрии сарсыныгар, Москваҕа түүн турар кэмигэр, ыытыллыан сөп. Ол да буоллар «Спид Стар»  дойду үрдүнэн өрөбүллэргэ тахсар релиз түмүгүнэн 20 бастыҥ киинэ иһигэр киирэр кыахтанна, 13-с миэстэни ылан, “Роднина” киинэ иннигэр түстэ.

What’s your Reaction?
+1
19
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Социальнай ситимҥэ дьону сэнээн суруйан сууттанна

Нерюнгри олохтооҕо дьахтар административнай быраабы кэһэн, 10 тыһ.солк. кээмэйдээх ыстараабы төлүөҕэ диэн СӨ сууттарын пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Муус устар 2 күнэ: +10 кыраадыс, инчэҕэй хаар, күүстээх тыал

Бүгүн, муус устар 2 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар +10 кыраадыс буолара, инчэҕэй хаар, күүстээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп диэн бэлиэтииллэр. Саха ыалын халандаарыгар (2007 с.) бу туһунан маннык…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Быйыл 45 байыас дьиэтин киин ититэр ситимҥэ холбуохтара

Улуустарга байыастар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ салҕанар. 2025 сылга 45 дьиэни холбуур былааннаахтар.…

13 часов ago
  • Сонуннар

Иннокентий Луковцевка «СӨ киинэтин үтүөлээх тириэньэрэ» бочуоттаах ааты иҥэрдилэр

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Көр-күлүү, дьээбэ күнүнэн сибээстээн, саха киинэтин режиссердара СӨ үтүөлээх артыыһа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай сулууспаҕа сааскы ыҥырыы туһунан

Бэрэсидьиэн Владимир Путин муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри байыаннай сулууспаҕа сааскы…

14 часов ago