Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 95 сыла туолла

Share

Саха АССР норуодунай бэйиэтэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреата Иван Михайлович Гоголев-Кындыл бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, төрөөбүтэ 95 сыла бэлиэтэнэр.

Иван Гоголев-Кындыл 1930 сыллаахха тохсунньу 18 күнүгэр Бүлүү куоратыгар  төрөөбүт. Иван Михайлович 1954 сыллаахха Москватааҕы М.Горькай аатынан литературнай үнүстүүтү бүтэрбитэ. Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар эрэдээктэринэн уонна орто оскуолаҕа тыл уонна литература учууталынан үлэлээбитэ. 1948 сылтан бэчээттэммит. 1952 сыллаахха хоһооннорун бастакы хомуурунньуга тахсыбыт. Хас да улахан поэма уонна «Күн хайата» диэн ааттаах ыччат туһунан хоһоонунан роман (1962) суруйбута. Ааҕааччы биһирэбилин прозаическэй айымньылара эмиэ ылбыттара: «Хара кыталык» роман-трилогия, «Иэйэхсити кэлэтии», «Олорор мутуккун кэрдимэ» сэһэн.

И.М.Гоголев драматург быһыытынан эмиэ биллэр. «Кыталыктар хочолоро» музыкальнай остуоруйа пьесаны, «Хотугу сибэкки» бастакы саха опереттатын либреттотын суруйбута. Драмалара: «Ыам ыйын халлаана», «Таас таба», «Наара суох», «Өлүөнэ сарсыардата», «Саллаат сүрэҕэ» уо. д. а. Айымньылара нуучча тылынан тылбаастаммыттара уонна Москубаҕа бэчээттэммиттэрэ. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта.

«Үһүс харах» кинигэтэ 2005 сыллаахха Берлин куоракка Dagyeli кинигэ кыһатыгар ниэмэстии тылынан тахсыбыта («Das dritte Auge»). Иван Гоголев кыргыттара Анна Гоголева уонна Лена Гоголева, ону тэҥэ Монастырев Владимир Дмитриевич бу тылбаас тахсыытыгар көмөлөөхтөр. Тылбааһы нууччалыы тылтан Валерия Вайзер бэлэмнээбит.

What’s your Reaction?
+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн — Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ төрүттэммит күнэ

Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ тэриллибит күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1963 сыллаахха ССРС…

7 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан муҥхалаатылар

Бу күннэртэн Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар тохсунньутааҕы муҥха саҕаланна. Бастаан Билиилээх диэн…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Омуктуу тылынан суруйууну боптохторуна…

Атыыга-эргиэҥҥэ чуолаан маҕаһыыннар ааттарыгар омуктуу тылынан суруйуу олус элбээбитин бары да көрө-истэ билэ сылдьабыт. Бу…

37 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Киин куоракка эр киһи өлүгэ булулунна

Тохсунньу 17 күнүгэр киэһэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир уорганнарыгар киин куоракка Дзержинскай аатынан уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Тохсунньу дьиктилэрэ

Кириһиэнньэ кэмигэр, тохсунньу 18-19 күннэригэр, таҥара дьиэтигэр иһиттээх тиийэн сибэтиэй ууну  ылыы, чардаат алларан ууга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Юрий Трутнев тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар кытынна

Москваҕа РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы - РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук…

2 часа ago