Судаарыстыбаннай Дуумаҕа террористары накаастааһын боппуруоһун көтөхтүлэр
Москваҕа “Крокус Сити Холл” кэнсиэртиир саалаҕа буолбут теракт кэнниттэн Судаарыстыбаннай Дуума мунньаҕар холуобунай дьыала иһин саамай үрдүкү бириигэбэр туһунан кэпсэтии буолла. Бэрэссэдээтэл Вячеслав Володин өлөрөн накаастааһын (смертная казнь) туһунан санаатын эттэ.
Вячеслав Володин иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа Конституциятыгар өлөрөн накаастааһын (смертная казнь) баар, ол эрээри билигин тохтотуллан турар.
— Конституцияҕа, холуобунай дьыала сокуоннарыгар өлөрөн накаастааһын диэн баар, ону ким да көтүрбэтэҕэ. Бу бириигэбэри таһаарыыны тохтотуу туһунан Конституция Суутун быһаарыыта баар. Онон туспа референдум ыытар наадата суох, Конституция Суутун уурааҕа эрэ наада, — диэн иһитиннэрдэ. Ону таһынан кини бу боппуруоһу сиһилии ырытыахха наадатын, билигин Арассыыйа Европа сэбиэтиттэн тахсыбытын туһунан эттэ.
Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, өлөрүү бириигэбэрин туһунан Арассыыйа Конституциятын 20-с ыстатыйатыгар ыйыллар. Манна өлөрөн накаастааһын ыарахан буруйу оҥоруу иһин туттуллуон сөбүн, суут присяжнайдар кыттыылаах барыахтааҕын туһунан этиллэр. Бу миэрэ Арассыыйа Европа сэбиэтигэр киириэҕиттэн 1996 сыллаахха тохтотуллубута. Арассыыйаҕа бүтэһигин 1994 сыллаахха хас да киһи тыыныгар турбут Сергей Головкин диэн өлөрүөхсүт бу накаастабылга бириигэбэрдэммитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: