Суһал ыстаапка олохтоохтортон көмө кэлэ турар
Бүгүн, балаҕан ыйын 30 күнүгэр, быстах байыаннай хомуурга барааччыларга көмө оҥорорго анаан тэриллибит суһал ыстаапка араас дьонтон үгүс көмө кэлбит. Бэҕэһээҥҥэ диэри ыстаап үлэһиттэрэ таҥас-сап, эмп-томп наада дэһэ олорбуттара.
Бу туһунан ыстаапка гуманитарнай көмөнү салайар Ирина Саввина маннык кэпсээтэ:
— Сахабыт сирин дьоно амарахтарыттан киһи үөрэр. Бүгүн ИП Васильев «Обувной уголок” маҕаһыын 50-нуу устуука халыҥ наскы, бэрчээкки, балаклава бэргэһэ, тыалтан харыстыыр мааскалары аҕалан туттарда. Ону сэргэ, биирдиилээн дьон эмп-томп, табах, ас-үөл, кэмпиэт-сакалаат, бэчиэнньэ бөҕөтүн аҕаллылар. Ол курдук, биирдиилээн дьонтон Саргылаана Дисус, Валерия Ильинична диэн куорат олохтоохторо олус элбэх эмп-томп, ас-үөл аҕалан үөртүлэр. Байыаннай балаһыанньаҕа сылдьар дьоммутугар күннэтэ кэтиллэр таҥастар наһаа наадалар этэ. Күндү бар дьоммут, туора турбакка көмөҕүт иһин махтанабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: