Аан дойдуга хас 40 мүнүүтэ аайы биир киһи бэйэтигэр тиийинэрин туһунан дьулаан статистика баар. Ону таһынан, аан дойдуга ыччат өлүүтүн төрүөтүгэр төрдүс миэстэҕэ сылдьар. Онон маннык балаһыанньаны ситэри сыаналаабат буолар табыллыбат.
Аан дойдуга барытыгар бу төрүөттэр майгыннаһаллар – чугас дьоннорун уонна тулалыыр дьоннорун, биир идэлээхтэрин кытары уустук сыһыан, соҕотохсуйуу, чугас дьонун кытары өйдөбүл уонна өйөһүү суоҕа, олох ыарахан балаһыанньата уонна ону быһаарарга эрэли сүтэрии, стресс (үксүгэр чугас дьону сүтэрииттэн), депрессия, инникигэ эрэл суоҕун билинии, тулалыыр дьонуттан болҕомтону эрэйии, испиирдээх утахтартан уонна наркотиктаах биэсэстибэлэртэн тутулуктаныы, уйулҕа кэһиллиитэ уо.д.а.
Киһи олохтон барарга санаммытын хайдах сэрэйиэххэ сөбүй? Бэйэтигэр тиийиммит дьон 70% бэйэлэрин санааларын туһунан тулалыыр дьонноругар хайдах эрэ эрдэ биллэрбит буолаллар.
— Өлүү уонна олохтон хайдах барар туһунан соһуччу үөскээбит кэпсэтиилэр. Бэйэҕэ тиийиниинэн куттааһын эбэтэр күлүү-оонньуу курдук этэн аһарыы.
-Киһи майгыта-сигилитэ эмискэ уларыйыыта, урут оҥорботох быһыыларын оҥоруута.
-Бэйэҕэ бүгүү, куруук санаарҕыы сылдьааһын, чуҥкуйуу эбэтэр агрессия, туохтан эрэ куттанар, долгуйар турукка киирии.
— Аһыан баҕарар турук эмискэ намтааһына.
-Чугас дьонун кытары быраһаайдаһар курдук быһыы-майгы (нэһилиэстибэ хаалларар дьыалалары бэлэмнээһин, баайы-дуолу түҥэтии).
Бу кэмҥэ саамай сүрүнэ – маннык киһини хайа да түгэҥҥэ соҕотохтуу хаалларымаҥ (кини утарсыбытын да иһин). Төһө кыалларынан аһаҕастык кэпсэтиҥ, кууһан ылыҥ, илиититтэн тутуҥ. Тугу кэпсиирин барытын кэрэхсээҥ, кини тус эйгэтин билэ сатааҥ, ыйыталаһыҥ. Онуоха кинини кытары мөккүһүмэҥ, иннин да ыла сатаамаҥ. Ол оннугар инникигэ эрэли үөскэтэргэ кыһаллыҥ, сөпкө уоскута сатааҥ. “Мин эн кыһалҕаҕар эбитим буоллар”, “Барыта үчүгэй буолуо” диэн тыллар, төттөрүтүн, бэйэтэ кимиэхэ да наадата суох курдук сананарын дириҥэтэллэр. Ол оннугар көмөлөһөргө уонна кыһалҕатын быһаарарга араас ньымалары толкуйдааҥ. Кинини кытары психиатр-бырааска эбэтэр психотерапевка сылдьан сүбэлэтии туһалаах.
Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ.
Мария ЯКОВЛЕВА, психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын психиатра, мэдиссиинэ наукатын хандьытаата
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…