Алтынньы 20-21 күннэригэр Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын эр дьонун уонна «Эр дьон сүбэтэ» түмсүү тэрийиитинэн улахан субуотунньук буолан ааста.
Бастатан туран, бу тэрээһин мобилизацияланан уонна доброволеһынан барбыт эр хоһууттар дьиэ кэргэттэрин оттук маһынан хааччыйыы буолла.
Иккиһинэн, нэһилиэк кырдьаҕас дьонугар оттук маһы көмө быһыытынан аҕаллылар.
Уопсайа 30 ыалга хаппыт мас түҥэтилиннэ.
Нэһилиэк баһылыга Эдуард Филиппов:
— Сунтаар нэһилиэгин тэрилтэлэрин салайааччылара, үлэһиттэрэ биир санаанан салайтаран, икки күнү быһа күргүөмнээх үлэҕэ кытыннылар. Ол курдук, баһаарнай чаас, колледж, РЭС, 1-кы нүөмэрдээх оскуола, «ОДьКХ» ГУП, аэропорт, ТОС уонна да атыттар. Сунтаар эр дьоно түмсүүлээҕин, биир санаалааҕын көрдөрдө.
Аны даҕаны бу курдук, сомоҕолоһон дьоммутугар-сэргэбитигэр күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буола туруохпут.
Үлэҕэ кыттыыны ылбыт уолаттарга, улахан махталбытын биллэрэбит!
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…