Сунтаар кэрэ аҥардара күннэрин эр дьон ырыатынан көрүстүлэр!

Share

Аалай кыһыл — таптал өҥүнэн киэргэммит «Сааскы серенада» кэнсиэр угуйуктуур афишатыгар бэйэтэ отучча эр киһи мэтириэтэ кэккэлэһэр.

Бастакы санаа: «Айыбыын бачча элбэх ырыаһыт эр дьонноохпут дуо?», — диэн… онуоха кэнсиэркэ сылдьан баран: «Бааллар эбит…»,- диэн үөрэ-көтө, киэн тутта кэпсиибин. Киһи сөҕөрө ырыаһыттар култуура эрэ үлэһиттэрэ буолбакка ОДьКХ, успуорт, үөрэҕирии, урбаан эйгэтиттэн эр хоһууттар түмүллэн кэрэ аҥардарга бэртээхэй кэнсиэри тэрийдилэр. Барыл ааптара, ыытааччыта Айсен Сүөдэрэп сабыс-саҥа, кыһыл көмүс киэргэллээх бинсээгин аньынаат салайааччытынаан Юрий О-луун аан тыл этэн арыйааттарын кытта «Өрөгөй», «Дьулуур» ансаамбылары кэккэ биирдиилээн ырыаһыттар, колледж үҥкүүһүт уолаттарын кытта икки чаастаах кэнсиэри биир тыынынан көрөн астынныбыт. Тэрийэччилэргэ, кыттааччыларга барҕа махтал!

Хаартыска: Тускулаана Горохова

Сонун курдук этэр буоллахха, ОДьКХ үс ырыаһыт уолаттара ылбаҕай ырыаларынан сүрэҕи долгутан эһиил сатаннаҕына кинилэр кэнсиэртиэхтэрэ диэн буолла! Сыанаҕа эр киһи таҕыстаҕына ураты дьоһун көстүү, өссө ис сүрэхтэн ыллаан бардаҕына үгүс сүрэҕи долгутар…

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago