Сунтаардааҕы технологическай колледж үөрэх дьылын үлэнэн саҕалаата

Share

СПТУ технологическай колледж буолбута 13 сыл буолла. Онтон бэттэх элбэх идэ арыллан, үгүс ыччат үөрэнэн  номнуо дьоһуннаах үлэһит дьон  буолаллар. Быйыл  үөрэх кыһатыгар  95 оҕо үөрэнэ киирдэ. Үөрэх дьылын хайдах саҕалаабыттарын баран билистибит.

Сунтаар технологическай колледжын иннигэр үгүс ыччат үлэ үөһүгэр. Үөрэнэр кыһаларын таһын баһаартан сэрэхтээх буолар ирдэбилгэ эппиэттэтэр сыаллаах субуотунньук ыытыллар.

Устудьуоннар практикалара киин ититии киириэр диэри ыытыллар. Ол иһигэр нэһилиэккэ саҥа тутуллубут экология тулаһатыгар субуотунньук тэрийиэхтэрэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар үөрүүлээх сонун, саҥа мастарыскыайдар арыллалларынан үөрэххэ аналлаах улахан уйуктаах тимир көлөлөр кэллилэр. Бульдозер  кэлэн үлэлииргэ бэлэм, онтон КАМАЗ бу күннэргэ собуотуттан айаҥҥа туруммут.

Хаартыска: ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Хаартыска: ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Хаартыска: ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Хаартыска: ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Хаартыска: ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Үөрэх кыһатыгар быйыл программист диэн саҥа идэ аһылынна. Билигин икки идэҕэ: суол-иис техникатыгар машинист уонна суоттуур-учуоттуур слесарь-наладчикка үөрэниэн баҕалаахтарга миэстэ баарын биллэрэр. Устудьуоннар уопсай дьиэнэн уонна итии аһынан хааччылаллар. Сиһилии 89142591095 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.

ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

53 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago